Сырдык курус. А. К. Никифорова

Сырдык курус - А. К. Никифорова


Скачать книгу
и мөлтөх өрүттэрин кыана туттарын, үтүө өттүн үүннэрэргэ баҕалаах, дьулуурдаах буоларын ситиһии буолар. Онуоха удьуорунан бэриллибит утум хаан дьайыытын ким да кыһыйан кэбиһэр кыаҕа суох. Төһө да олох очурдара атыйахтаах уу курдук дьалкыйан, үөһэ-аллара бырахталлар, төрүт уус киһи санаата уһун, көхсө киэҥ буолан түөрэҕэ түҥнэстибэт, арҕаһыттан тэһиинин мүччү ыһыктыбат.

      Саха төрүт итэҕэлэ үөрэтэринэн, «үтүө киһиэхэ дьылҕа хаан дьолу өлүүлээн хаалларар» диэн сүрүн санааны саҕар бу кинигэ автора Айталина Никифорова.

      Кинигэ арыйар историческай кэмэ – биһигини тургутар быыһык бириэмэ сыллара. Кинигэ геройдара – үөлээннээхтэрбит, Саха сирин араас улуустарын олохтоохторо. Били кытайдар этэллэринии, быыһык кэмҥэ олорор диэн алдьархай, таҥара ону эрэ биэрбэтин. Оттон биһиэхэ биэрбит. «Быста-быста салҕанар, өлө-өлө тиллэр» олох стратегиялаах саха омук билиҥҥи көлүөнэтигэр. Онно, дьэ, ким уйана-хатана, бөҕө оҥоруулааҕа, утумнаабыт майгыта-сигилитэ, саҥаны сатабыллаахтык ылынара барыта – олох тургутуутун этинэн-хаанынан күөн көрсүү сытыы кылыс охсуулара, охсуһуулара – бу кинигэ умсугутуулаах кэпсээнэ.

      1986 сыл. Балыырдаах айдаан ааспыта 25 сыла туолла. Сэргэлээх студеннарын баттаммыт-атаҕастаммыт абаларын-саталарын ой дуораана дьылҕа кылын кирсин тыҥатан эдэркээн тапталы үрэйбитэ. «Ким кыахтаах – ол байыҥ» диэн үүнэ-тэһиинэ суох барыы элбэх саха ыччатын суорума суоллаабыта, мөкү дьаллыктарга тэппитэ. Советскай тутул суостаах сууллуутун содула үгүс үлэһит дьону тэмтэриппитэ, «демография кириэһин» күлүгүнэн сабардаан, кырдьаҕастары түргэтэппитэ, ыччаты түптээх ыал ийэтин-аҕатын олоҕуттан огдолуппута.

      Маннык үйэлэр кирбиилэригэр бүрүүкээбит быыһык кэм көстүүлэрин туһунан сахалыы сайаҕас тылынан иһирэхтик, баары баарынан көрдөрөр айымньылартан бу кинигэ, арааһа, биир бастакылара буолуо.

      А.К. Никифорова – республикаҕа биллэр номоҕон тыллаах-өстөөх, хорутуулаах өйдөөх-санаалаах, көнө майгылаах суруналыыс. Киниэнэ барыта дьүөрэлээх, барытыгар нэмин булан, ааҕааччыга итэҕэйэн, этиллибэтэҕи да өйдөһөр кэпсэтиигэ ыҥырар. Аныгы суруйар дьахталлар айымньыларын ис хоһооно кинилэр ис туруктарын тургутуу курдук ылыныахха сөп. Айталина Никифорова идэтийбит дьоһуна, сиппит-хоппут айар дьоҕура дьүөгэлии истиҥ-иһирэх, ийэлии сүбэһит, оҕолуу аһаҕас. Ону ылынан киниэхэ дьүөрэлэһэ сатыыргын кинигэ ааҕа олорон билинэҕин.

      Кинигэни уугар-хааргар киирэн, барытын бэйэҥ олоххун кытта сыһыары тутан, холобурдаан, ылынар-ылыммат мөккүөргэ ааҕа олордоххуна бүтэ охсо хаалбытын өйдөөбөккө да хаалаҕын. Оннук умсугутуулаах. Бэлиэр доҕордоспут, сэһэргэспит, өйдөспүт кыргыттарыҥ мөссүөннэрин кинигэ чараас хаҕа саба тардан кэбистэ. Сырдык курус кууһа хаалла, сүрэххэ сөҥнө.

      Саҥа кинигэни күүтэ хаалабын… Саҥа сырдык куруһу…

      Ульяна Винокурова,

      социологическай наука доктора, Ил Түмэн 1993–2001 сс. народнай депутата

      Сырдык курус

      Күн сирин көрдөрбүт, күннээх оҕо сааһы бэлэхтээбит, очура суох эдэр сааһы биллэрбит,

      олоххо бигэтик үктэннэрбит, ийэ муҥура суох тапталын толору ыймахтаппыт

      тапталлаах ийэбэр Мария (Валентина) Андреевна Багдасаеваҕа аныыбын

      Сааскы ылааҥы киэһэ. Күн, саҕахха саһыан баҕарбатахтыы, кытархай сардаҥаларынан тугу эрэ эрэннэрэрдии, инники барыта кэрэ, үүт тураан буолуоҕар итэҕэтэрдии, ыһыахтана оонньуур. Салгыҥҥа түптэ унаар буруотун минньигэс сыта дыргыйар. Үчүгэйиэн! Аайа ис-иһиттэн дуоһуйан, үөрүөх-көтүөх санаата киирэн кэллэ. Бүгүн ийэтиниин олох-дьаһах комбинатыгар cакаастаан тиктэрбит муус маҥан, мааны да мааны былаачыйатын ылан кэлбиттэрэ. Кыыс, хоһугар киирэн, кичэллээхтик ыйанан турар былаачыйатын ыскааптан таһаарда. Солко таҥас, сөрүүнүнэн илгийэн, кыыс чараас тириитин имэрийэргэ дылы. Аайа былаачыйатын эмиэ кэтэн көрүөн баҕарда. Халаатын устан элитэн баран, муостаҕа соһуллар үүт маҥан былаачыйатын сэрэнэн кэтэн, сиэркилэҕэ тиийдэ. Уһун хойуу баттаҕын санныгар намылыта ыста. Кини иннигэр хойуу хаастаах, чоҕулуччу көрбүт арылхай хара харахтаах, сып-сырдык сэбэрэлээх кэрэчээн бэйэлээх кыыс тургутардыы көрөн турар. Кыыс күлүгэр биллэр-биллибэттик мичээрдээн ылла. Онтон үҥкүүлээн эргичиҥнээн барда. Кыараҕас хоһо биирдэ кэҥээн, бүтүн дыбарыас саалатыгар кубулуйда. Кыыс, Наташа Ростова бастакы баалыгар үҥкүүлүүрүн хараҕар оҥорон көрөн, хоһун биир гына вальстаан эргичиҥнээтэ.

      – Аайа, выпускнойгар да кэппэккэ сылдьан, былаачыйаҕын киртитэн кэбиһээйэҕин, – ийэтин сымнаҕас куолаһа иһилиннэ.

      – Маама, бэйэбэр наһаа барар дии? – кыыс ийэтин иэдэһиттэн сыллаан ылла.

      – Чэ, чыычаах, устан ыйаан кэбис, – ийэтэ кыыһын диэки сымнаҕастык көрөн кэбистэ. «Аҕабыт кыыһа таҥара табатын курдук кэрэ буола улааппытын көрөрө буоллар, төһө эрэ үөрэр этэ» диэн санаа охсуллан, эдэр дьахтар өрө тыынан ылла.

      Эргэ мас оскуола бүгүн мэктиэтигэр сырдаабыкка, кэҥээбиккэ дылы. Үрүҥ лыах курдук таҥныбыт кыргыттар көтө-дайа кустуктаналлар, бу ураты күн долгуйан имнэрэ тэтэрэн, ситэн-хотон, эдэр саас эрчимэ хааннарыгар оонньоон, кэрэтийэн да көстөллөр! Уолаттар, үрүҥ сорочкаланан, хаалтыстанан, саҥа


Скачать книгу