Тыа кэһиитэ. Аким Татаринов

Тыа кэһиитэ - Аким Татаринов


Скачать книгу
гар додо курдук саҥарар. Оҕо эһэтигэр Ноттуо Торопууҥҥа умньанан, киниэхэ оҕо курдук буолла. Чугас ыалларыгар бэйэтин кытта сиэттиһэн илдьэ сылдьарыгар үөрэнэн, ханна эмэ тэйиччи үлэлии барарыгар сайыһан «айдаарсыы» буола сылдьыбыта. Акуу кэнники эһэтэ ыраах барарыгар барсыбатын билэн аймаммат.

      Оҕо кэтэһэрэ уонна үөрэрэ адьас аттынааҕы күөллэригэр тууну уонна илими көрө киириилэрэ буолла. Акуу тыы тумсугар анал олох маска хам бааччы, эһэтин диэки сирэйдэнэн олорон, эһэтэ эрдии салбаҕынан тардан ууга оҥорбут долгуннарын, собону илимтэн араарарын болҕойон көрөр. Биирдэ дьиктиргээн ууга күн күлүгүн көрөн:

      – Эһээ, ууга күн көстөр, көр, – диэн баран илиитинэн ыйбыта.

      – Мээнэ сарбаҥнаабакка олор, тыы кытыы бүүрүк маһыттан уонна ити туорай мастан тутуспаккын, илииҥ ытыстарын холбуу тутан, тобугун икки ардыгар тут, – диэн эһэтэ соруйда.

      – Эһээ, тоҕо мастан тутуспаппыный?

      – Тыы бүүрүк маһа остуол сирэйэ буолбатах. Остуол түөрт атахтаах буолан хамсаабат. Тыыбыт атахтара суохтар. Ууга уйдара сылдьар. Бүүрүк мастан тутустаххына, тыы түөрэҥнээһинигэр күүскэ тайанан, тыыгын иҥнэри баттаан кэбиһиэҥ дии. Акуу, куттаныма, мин билигин тыыны кыратык иҥнэҥнэтиэм, эн буоллаҕына куттаммакка, олорбутуҥ курдук, көнөтүк туттан олор. Тыы бүүрүк маһыттан тутуспаккын. Чэ, эрэ, – диэт, тыыны оргууй хаҥас диэки иҥнэрдэ.

      – Билигин көнөтүк олор, – диэт, аны уҥа диэки тыыны иҥнэри анньан, чочумча оннук тута түстэ.

      Оҕо көнөтүк олорбутун курдук олордо. Онтон эр ылан оҕонньор тыыны уҥа, хаҥас иҥнэритэ сырытта. Оҕото көнөтүк олороруттан үөрэн, улахан киһиэхэ этэр курдук:

      – Тоойуом, аны да, инникитин да тыы хамсыыр кэмигэр итинник көнөтүк туттан олорор буолаар. Тыынан устаргар, курданаргыттан үөһээ өттө, тыы иҥнэҥниириттэн тутулуга суох, сискин көнөтүк тутан олорон эрдинэҕин, илими үтэргэр, көрөргөр улаханнык сэрэнэн туттаҕын. Балыгы араараргар хамсааһын бөҕөтө буолар, ол аайы тыыны кытта иҥнэри түһэн олорсо сылдьар буоллаххына, тыыгын иҥнэри баттаан, ууга түстэҕиҥ ол дии.

      Эһэтэ эппитин Акуу улгумнук толорон, хам бааччы олорор.

      Сайын бүтүүтэ, атырдьах ыйыгар, аҕата кинини ыла ол ыраах дойдуттан тыынан устан кэллэ. Аҕата Көстөкүүн сарсыарда төттөрү айаннаары туран, таһырдьаттан тымтыгынан оҥоһуллубут улахан тымтайы киллэрэн:

      – Уолу манна олордон айанныырым дуу? – диэн баран аҕатын диэки көрдө.

      – Уол тыыга бэркэ хам бааччы олорор ээ. Миигин кытта илими көрсүһэ үгүстэ тыыга олорсубута. Тыы тумсугар олорор, утуйар сирин оҥорон биэр. Бэркэ айанныа. Устуоххут иннинэ сэрэтэн этээр ээ. Киһиҥ хата ону өйдүүр.

      – Хайа дьаабы буолар. Мин тымтайга олордон устаары бэлэмнэммитим ээ.

      – Тымтайга олорон айанныыр эрэйэ бэрт буолаарай! Кэм кыратык эмэ хамсыы-имсии олордоҕуна уһун айаны тулуйуо. Айаҥҥыт да уһун. Тиийэр сиргит мин сабаҕалыырбынан уон көстөн ордук буолуо. Ыраах сир. Ардахха баттаппатаххытына, ырай айана буолуо этэ. Аара Аммаҕа, Аллаҥҥа ыаллар үгүстэр. Состороонньолоон балыктыаххыт, тыаҕа тахсан киһигин дьэгдьитэн отонно сиэриҥ. Айаҥҥа уолуҥ тыыга киирдэ да утуйан тахсыа. Хата билигин үөн-көйүүр хаптайан бэркэ айанныаххыт. Бээрэ, оҕо оонньууругар бэрбээкэй уҥуохтарын ылыҥ. Аралдьыйан оонньуу иһиэ этэ буоллаҕа, – диэт эһэтэ бэрбээкэй уҥуохтара угулла сылдьар эргэрэн хаалбыт кыра туос ыаҕайаны уолга туттаран кэбистэ.

      Дьонун кытта быраһаайдаһан, Акуу аҕата тымтайга оҕо таҥаһын уган, өйүөтүн сүгэн, икки чараас хаптаһыны санныгар уурунан, уолун сиэтэн Аммаҕа киирдэ. Тыы таһыгар кэлэн, малларын санныттан түһэрдэ. Тыы тумсугар икки кылгас, чараас хаптаһыннары уурталаата, оҕо тэллэҕин тэлгэттэ, кэннигэр тымтайын уурда. Саатын олорор олоҕун хаҥас өттүгэр уурда уонна тыыны дьулуруччу ууга анньан киллэрэн, уолун ылан тыы тумсугар олорто. Бэйэтэ оргууй тыытыгар киирэн, олоҕун булан, эрдиитин илиитигэр ылла. Чочумча эрдиммэккэ бытаан сүүрүккэ оҕустаран уһуннулар. Уол аҕата уоһун иһигэр айанын алҕаан ботугураан саҥараат, сүүрүгү таҥнары эрчимнээхтик эрдибитинэн барда.

      Акууга бу тыынан уһун устуу туһунан өйүгэр туох да хаалбатах. Чычымахтан Сайдыыга дылы тыынан устубуттарын дьонуттан эрэ истэн билэр.

      Хара улар

      Оҕолор ийэлэрэ хотоҥҥо тахсаары таҥнан бүтэн, кыра иһиккэ оҕолор астарын тобоҕун хомуйан, дьиэ аанын аһан тахсан иһэн, туохтан эрэ соһуйан хаһыытыы түстэ. Тутан испит иһитин мүччү тутан түһэрбитигэр, тоҥ хаптаһыҥҥа иһит тыаһа лаҥкыныырын кытта хапсаҕай киһи Тоо таһырдьа ойон тахсаат:

      – Оо! Саарык улары аҕалан сытыарар, кэлиҥ маннаа-а! – диэн улахан баҕайытык саҥа аллайбытыгар, кыралар бары таһырдьаны былдьастылар. Оҕолор таһырдьа тахсан көрбүттэрэ, дьиэҕэ киирэр кирилиэс үктэлин иннигэр хара улар харааран сытар. Кини таһыгар Саарык оҕолор диэки көрбүтүнэн олорор. Тоо ыт таһыгар тиийэн, чохчойон олорон ытын төбөтүн имэрийэр, ытын хайгыыр саҥата иһиллэр. Акуу эдьиийинээн улары көрөн турдулар.

      Улардара кып-кыһыл хаастаах, хара тумустаах улахан баҕайы төбөлөөх, сыҥааҕын анныгар бытыктаах, түүлээх атахтардаах, уһун кутуруктаах. Акуу сөмүйэтинэн түүтүн баттаан көрбүтэ, түүтэ сымнаҕас, онтон эр ылан сөмүйэтинэн улар түүтүн туора-маары суруйан көрдө.

      Ити кэмҥэ ийэлэрэ Аачалыын тохтубут ас тобоҕун хомуйан баран: «Уларгытын дьиэҕэ киллэриҥ», – диэт хотонугар барда. Улахан киһи Тоо улары төбөтүттэн ылан өрө тарпыта, улар төбөтө уол санныгар дылы буолла. Онтон улары сытыаран баран, ортотуттан бобо харбаан өрө мадьыктаһан таһаарбытыгар, улар төбөтө, кутуруга сиргэ хааллылар. Акуу улар баһын харбаан ылла, Аача кутуругуттан тутан үөһэ кирилиэскэ таһаардылар. Дьиэ аана аһыллара ыарахан, ааны Тоо эрэ күүскэ тардыалаан аһар кыахтаах. Улары кирилиэс муостатыгар уурдулар. Аан тутааҕыттан тутан, хос-хос тардыалаан Тоо ааны аста. Улардарын эмиэ үһүө буолан көтөҕөн дьиэҕэ киллэрдилэр. Саарык, бултаах киһи буолан, оҕолор кэннилэриттэн дьиэҕэ кииристэ. Дьиэ аана балай эмэ аһаҕас туран баран, бэйэтэ син сабылынна. Муостаҕа сытар улары чинчийэн көрүүгэ Гай кыттыһан барда. Тоо улар тумсун атытан айаҕын иһин көрдөрдө, улар сытыы тыла көһүннэ. Улар айаҕын иһигэр Акуу сөмүйэтин уган улар тылын таарыйан көрдө, тыла хамсыыр эбит диэн быһаардылар. Киһи болҕомтотун тардар улар хараҕын хааһа буолла. Тарбахтарынан таарыйан көрбүттэрэ, кыһыл дьүһүннээх хааһа түүтэ суох, быдьыгынас тирии эбит. Хаас кэтитэ оҕо эрбэҕин саҕа. Аны сыҥааҕын аннынааҕы уһун түүтэ хойуу бытык курдук.

      – Тоо, тоҕо улар хааһа кыһылый уонна бытыктааҕый?

      – Элбэхтэ ытаабыт эбит.

      – Тоҕо ытыыра буолуой?

      – Топпоко ас көрдөөн.

      – Тоҕо топпото буолуой?

      – Сиир отоно хаар анныгар сытарыттан буолуо.

      – Бытыктаах, уларбыт оҕонньор эбит.

      Улар уһун кутуругун Тоо тэнитэн биэрбитигэр көрбүттэрэ, сарайан кэтит кутурук эбит. Кутурук аллараа өттө уһун түүлэрин төбөлөрүгэр үрүҥ төгүрүктэрдээхтэр. Атахтара – сырдык ньалаха түүлээхтэр. Тарбахтарын суона сүрдээх, өссө тыҥырахтаах эбиттэр.

      – Тоо, Саарык улары хайдах аҕалбыта буолуой?

      – Тииһинэн ытыран, соһон.

      – Хантан аҕаларый?

      – Тыаттан. Аҕабыт кэпсээбитэ дии. Улардар курупааскылар курдук хаар анныгар киирэн утуйаллар диэн. Бу улар хаар анныгар утуйа сытарын Саарык эрдэ билэн, үөмэн тиийэн, үрдүгэр саба түһэн, тутан аҕаллаҕа дии.

      – Тоҕо аҕалбыта буолуой?

      – Оҕолорум сиэтиннэр диэн.

      – Биһиэхэ дуо?

      – Биһиэхэ, – Тоо Саарыкка тиийэн этэр. – Саарык өйдөөх, ааспыт сырыыга куобаҕы аҕалбыта. Бу сырыыга улардаах.

      Оҕолор бары Саарыктарын имэрийбитинэн бардылар. Ыттара төбөтүн имэриттэрэн харахтарын симириктии-симириктии сытынан кэбистэ. Ол сылдьан Акуу ыт хара омурдун арыйан тиистэрин көрдүлэр. Ыт аһыыта, балта тиистэрэ килэһэн көстөллөрүн тарбахтарын уган, таарыйан көрдө. Айаҕын атытан тылын, ону ааһан улахан дьону үтүктэн, ыт таҥалайын өҥөйөн көрдүлэр. Ыт маннык сыппахтаан баран, бу дьон олус муумалаары гыннылар диэтэ быһыылаах, оргууй туран сытарыгар уруккуттан табыгастаах сиригэр остуол анныгар киирэн сытынан кэбистэ.

Скачать книгу