Саха таабырыннара / Якутские загадки. Народное творчество

Саха таабырыннара / Якутские загадки - Народное творчество


Скачать книгу
ынан анаан үөрэппит С.П. Ойунская Таам Татакайы анал аат курдук көрбөттөр. Биһиги санаабытыгар, син эмиэ Сээркээн Сэһэн эбэтэр Олоҥхолоон Обургу курдук таабырыны толорууга, таайсыыга сыһыаннаах мифологическай уобарас буолуон сөп. Таам диэн таабырын диэн тыл олоҕун курдук көрүөххэ сөп. Оттон Татакай – таабырыны таайсыыга татакайдааһыны, соһуйууну-өмүрүүнү ойуулаан-дьүһүннээн, уобарастаан көрдөрүүнү кытта сыһыаннаах тыл дэгэтэ. С.П. Ойунская таба бэлиэтииринэн, таабырыннаһыы саҕаланыытыгар хайаан да этиллэр таабырыннаһыы саҕаланыытын көрдөрөр уос номоҕун да курдук көрүөххэ сөп. Былыр саха балаҕаныгар кыралыын-улаханныын мустан таабырыннаһан күө-дьаа буола олороллорун санатар. Ол да иһин өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха олоҕун-дьаһаҕын анаан үөрэппит В.Л. Серошевскай кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ таабырыннаһыы оҕо аймах саамай сөбүлээн дьарыктанар дьарыга буоларын бэлиэтээбитэ мээнэҕэ буолбатах. Итиэннэ кини таабырыннар Саха сирин бары муннуктарыгар тэҥинэн тарҕаммыттарын анаан суруйбута. Саха литэрэтиирэтин аҕата А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй өс хоһооннорун, саха таабырыннарын сахалартан биир бастакынан Саха сирин кэрийэ сылдьан олоҕун устата хомуйбута уонна кинилэр эмиэ бары улуустарга тэҥинэн тарҕаммыттарын, биллэллэрин бэлиэтээбитэ. Кини хомуурун Н.Н. Толоконскай бэйэтин аатынан «при ближайщем участии учителя А.Е. Кулаковского» диэн дьаралык суруктаан бэчээккэ өрөбөлүүссүйэ иннигэр таһаарбыта. Кэлин биллиилээх историк Е.Е. Алексеев, фольклорист Н.В. Емельянов Өксөкүлээх Өлөксөй тус бэйэтин үлэтэ буоларын олохтоохтук быһааран тураллар.

      Сахалыы сурук-бичик ааптара С.А. Новгородов саха таабырыннара оҕо өйүн-санаатын сайыннарарга, булугас өйдөөх буоларга туһалааҕын ыйара. Ол да иһин кини маҥнайгы сахалыы үөрэх кинигэтин бэлэмнээн таһаарарыгар таабырыннары хайаан да киллэрэри наадалааҕынан аахпыта. ТЛИ Институтун (билигин ГЧ уонна ААХНПИ) фольклористара фольклорнай-диалектологическай экспедицияларга сылдьан уонна биирдиилээн фольклору хомуйааччылар Саха сирин улуустарыттан үгүс таабырыны суруйан үйэтиттилэр. Билигин уопсайа НА СС Саха сиринээҕи Научнай киинин Рукописнай фондатыгар 15 тыһыынча таабырын араас варианнара уурулла сыталлар. Бу сыаната биллибэт сөҕүмэр баай матырыйаалы С.П. Ойунская анаан чинчийбитэ-үөрэппитэ уонна кандидатскай диссертациятын оччотооҕу Сэбиэскэй Сойууска биллэр фольклорист учуонай Б.Н. Путилов салалтатынан ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кини саха таабырыннарын хомуурунньугун сахалыы, нууччалыы тылларынан бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыта. Онуоха 2855 таабырыны тоҕус суол бөлөххө наардаан киллэрбитэ. Хомуурунньукка саха киһитэ бэйэтин тулалыыр эйгэтин, айылҕаны, кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри, дьиэтин-уотун, туттар малын, туохха итэҕэйэрин туһунан уус-уран тылынан ойуулаан бэргэнник этэн таайтарар үгэстээҕэ көстөр.

      С.П. Ойунская саха таабырыннарын наардааһыныгар олоҕуран, этнопедагог Е.П. Чехордуна ааптардыын бэйэтин кытта кыттыһан, учуутал И.К. Попов, учуонайдар Г.В. Попов, П.Н. Дмитриев кэнники хас да тэттик таабырыннарга аналлаах хомуурунньуктары бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыттара атыыга хамаҕатык барбыттара, билигин дэбигис көстүбэттэр. Сунтаар улууһун учуутала, кыраайы үөрэтээччи И.И. Иванов-Чопчу Уйбаан «Сунтаарым таабырыннара – саха аман өһө» диэн бэртээхэй кинигэтигэр бэйэтин түөлбэтигэр тарҕана сылдьыбыт таабырыннары түмэн таһаарбыта кэрэхсэбиллээх. Билигин да таабырыннар дьон-сэргэ ортотугар болҕомтону ылалларын, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ, уус-уран тылга кэрэхсэбили үөскэтэллэрин кэрэһилииллэр. Онон саҥаттан саҥа, сонун норуот тылынан айымньыларын холобурдарын кинигэ оҥорон бэчээттээн таһаарарбыт наадалааҕа көстөр. Ол эбэтэр таабырын төрдө Таам Татакайдар биһиги бүгүҥҥү олохпутугар баар буола турдуннар.

В.В. Илларионов, филологическай наука дуоктара, профессор, фольклор уонна култуура кафедратын сэбиэдиссэйэ

      Айылҕа

      Природа

      Сир-халлаан

      Небо и земля

      1. Түөрт ааттаах кырдьаҕас баар үһү.

      У одного старца четыре имени.

      2. Биир харыйа уон ордуга икки салаалаах үһү.

      Есть, говорят, одна ель с двенадцатью ветвями.

      3. Таҥаһын биир сылга түөртэ уларыттар баар үһү.

      Кто в год четыре раза свою одежду меняет?

      4. Баайтан ордук баайдаах Баай Баҕадах эмээхсин баар үһү.

      Богаче всех богатая дородная старуха есть, говорят.

      5. Бары кинини таптыыллар, оттон кини диэки көрдөхтөрүнэ, сирэйдэрин мырдыччы тутталлар үһү.

      Все его любят, но кто на него взглянет – сразу хмурится.

      6. Умайар-умайар да бүппэт баар үһү.

      Горит-горит, да не выгорает.

      7. Уу үрдүгэр көмүс чааскы уста сылдьар да илиигэ тутуллубат үһү.

      На воде золотая чаша плавает, да в руки не дается.

      8. Дьааһыкка хаайыллыбат манньыат баар үһү.

      Есть, говорят, монета, которую ни в какой ящик не запрешь.

      9. Тыа устун иһэн лабааны таарыйбат, муора устун иһэн долгуну хамсаппат.

      По


Скачать книгу