Сааһа суох сүрэх ырыата. Рустам Каженкин
Кэпсэтэр-өйдөһөр кэмигэр —
Торҕон кыыл ыллыгын тутуһар,
Үөрдүһүү үгэһин тумнар.
Туолар ый өлбөөркөй уотугар
Алаастар, сис тыалар, хочолор
Торҕон кыыл күлүгүн кэтииллэр,
Иһийии тыынынан туолаллар.
Үүнэр күн ыксаабат уотугар
Тиһэх төгүл эрэл күөрэйэр,
Ону билбит кырдьаҕас суор
Саҥата суох көхсүн этитэр.
Мин эмиэ ол түүн үүммүтүн
Көхсүм хараҕынан билбитим,
Үүнэр күнтэн куотар улуйуу
Тулаайах тылын истибитим…
Төрөөбүт дьиэ туһунан
Николай Лугиновка
«Киһи төрөөбүт дьиэлээх буолуохтаах…»
Убайбыт эппитэ холку, судургу.
Мантан аартык, өй-санаа сатыылыыр,
Аан дойду маҥнайгы саҕаҕа арыллар.
Ханнык да солооһуннаах суоллартан
Ол дьиэҕэ булгуччу эргиллэн кэлиэхтээх.
Оччоҕо олохтоох олох, толору буолуу
Кэм-кэрдии кирбиитигэр мэлдьи көстүөхтээх.
Мантан саҕыллан тахсыбыт өй-санаа
Дэбигис халбаҥнаабат, бигэ кырыстаах.
Бу мөккүөрдээх үйэлээх олоххо —
Киһи төрөөбүт дьиэлээх буолуохтаах!
Кыайыы күнүгэр
Кыһыл уонна Күөх Маай
Дьокуускайга марштыыр,
Ильич кырдьаҕас олбоҕо
Үрүҥ тастаах тураахтыыр…
Оттон Чочур Мыраан тэллэҕэр
Ньургуһун нуоҕайа үүнэр,
Күөх Хонуу киэҥ-холку ньууругар
Талах төбөтө тыллар.
Кытара кыыспыт Кыһыл халлаан
Саҥа Күөх окко иҥэр,
Бу кэмҥэ мин күндү Эбэм
«Өлбөт полк» кэккэтигэр…
Кыһыл уонна Күөх маай
Дьокуускайга марштыыр,
«Өлбөт полк» иннигэр —
Ньургуһуннаах ыччат.
Өлбөт полк
Сэрии бүппүт улуу күнэ.
Дьокуускайга дьон хаамсар.
«Өлбөт полк» ытык сүүрүгэр
Мэтириэт тутуурдаах кыттыһар.
Хаамсаллар саҥата суох,
Олох сүүрүгүн салҕаары,
Бүгүҥҥү күҥҥэ тиийбэтэх
Бэтэрээн санаатын ситээри.
Кыра үрүйэ – өрүс буоларыныы,
Хаамтах аайы полк хаҥыыр.
Ыччат өбүгэтин кэриэстиир,
Олох өрүһүн сүүрүктүүр.
Ийэ сүрэҕэ
Февронья Малгинаҕа
Айан суолун төрдүгэр
Сарсыардаттан ийэ турар,
Ырааҕы одуулуур хараҕар
Биэс оҕо мөссүөнэ көстөр.
Кинилэр уот сэрии үөһүгэр
Эргийбэт аартыкка хаамаллар,
Кинилэр соҕотох ийэ сүрэҕэр
Өрүүтүн тыыннаах сылдьаллар.
Биэс оҕо сүрэҕэ хорсуннук
Аҕа дойдутун туһугар тэппитэ,
Сэрии бүппүтүн да кэннэ,
Ийэ саныыра: «Эргиллиэхтэрэ…»
Күнү-дьылы күүтэргэ анаабыт
Ийэ сүрэҕэр билигин да сэрии!
Кыргыһыы үөһүгэр – Өлөксөйдөр,
Бүөтүр, Баһылай, Испирдиэн…
…Ытык киһи таптыыр сүрэҕэ —
Ийэттэн ийэҕэ, сүрэхтэн сүрэххэ:
Ийэ сүрэҕэ өрүүтүн тэптин,
Саллаат барыта эргилиннин!
Кыайыы сураҕа
«…ол олордохпуна, бэс ыйын диэки
Өлөөнтөн Ыстааннаахха кэлэн иһэр киһи "сэрии бүппүт, Германия кыайтарбыт" диэн үөрүүлээх сонуну кэпсээн ааспыта».
Эһэм, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа, үлэ, тыыл ветерана
Хара уулаах, көмүс долгуннаах
Өлүөнэ Эбэ холкутук устара.
Дойду ахтылҕана, алаас ырыата
Бу сири булбута ыраатта.
Эһэм оҕонньор Кыайыы Күнүн
Булуҥ тыатыгар көрсүбүтэ,
Үрдээбит күнү, кэҥээбит халлааны
Эйэлээх диэн өйдөөн хаалбыта.
Киэҥ туундараҕа муна сыспыт
Кыайыы туһунан улуу илдьит
Бэйэтин саллаатын булбута,
«Сэрии бүттэ» диэн эппитэ.
Бэл Көһөрүү кытаанах суола
Ол сыл күөх отунан үүммүтэ,
Харах уулаах, көҥүл долгуннаах
Өлүөнэ Эбэ холкутук устара.
КҮҺҮҤҤҮ