Хоhооннор. Артемий Афанасьев

Хоhооннор - Артемий Афанасьев


Скачать книгу
куруук баар,

      Олох эргийэ турар.

      Харбалаах. 23.06.2018

      Киэһээҥҥи Аммаҕа

      Киэһээҥҥи нууралга

      Килэйдэ Аммам ньуура,

      Балык оонньуур талаана

      Эрилийдэ онно-манна.

      Маннык үтүө киэһэҕэ

      Эбэм биэрэгэр олорон

      Ааспыты, кэлэри санаан

      Аттарар кэрэтиэн.

      Олоруохха уһуннук,

      Үлэлиэххэ элбэхтик,

      Дьолу түстүөххэ,

      Үөрүүнү үксэтиэххэ.

      Харбалаах. 26.06.2018

      Дьол өбүгэлэрбититтэн

      Сарсын тахсыа саҥа күн

      Сарсыарда илиҥҥи саҕаҕы уматан,

      Саха дьоно туруо уһуктан

      Сөрүүн салгыны ыймахтаан.

      Куйаас да буоллар кэрэ

      Күөх өҥү ылбыт айылҕа,

      Күүс киириэ барыбытыгар

      Күрүлгэн олоххо устарга.

      Өйбүтүн сытыылаан, дьэҥкэрдэн,

      Өрүүтүн үчүгэйгэ талаһан,

      Өбүгэ оҥорбут үтүөтүн

      Өрө тутуохпут куруутун.

      Доҕоттоор, сыалбыт биир:

      Дьолу эрэ түстүүбүт,

      Дьоҥҥо дьолу баҕарабыт,

      Дьолтон олус үөрэбит.

      Харбалаах.11.07.2018

      Дьэдьэн буста

      Дойдум хатыҥ чараҥар

      Дьэдьэн сыта дыргыйда,

      Ол дьикти сыты батан

      Оҕо, дьахтар сүрдэннэ.

      Араас иһит барыта

      Ас көрдөөн эйэҥэлээтэ,

      Арыт олох да иччитэх

      Алаһа дьиэтигэр төнүннэ.

      Доҕоттоор, тахсыҥ тыаҕа,

      Дойдуҥ биэрэр быйаҥа

      Олох үөскүүр, үүнэр,

      Өлбөт мэҥэ сүмэһинэ.

      Харбалаах. 14.07.2018

      Сайыҥҥы таммах

      Түннүккэ олорон көрөбүн

      Халлаантан таммах түһэрин,

      Элбэх да таммах баарын

      Олус сөҕө саныыбын.

      Ааста эбээт былыт,

      Этиҥ этэн, чаҕылҕан дапсыйан,

      Кини түһэрбит ардаҕа

      Сүүнэ күөл буоллаҕа.

      Ааһа турда былыт

      Сүтэн оһон хаалбакка

      Ол аата таммаҕа

      Түспэтэх буоллаҕа барыта.

      15.07.2018

      Көрсүһүү

      Орто дойду киэҥ киэлитэ

      Киэптэннэ кэпсээн бөҕөнөн,

      Икки Улуу дойду арҕаһар

      Араас элбэх албаска уйдаран,

      Улуутуйан олорор

      Аҕа баһылыктар

      Көрсөр буолтар күөнтэһэн.

      Орто дойду оҕо омуктара

      Оҥой-соҥой көрдүлэр кэтэһэн,

      Оттон арыый орто баайыылар

      Олоп-чолоп тыллаах буоллулар,

      Олус халыҥ уруу-аймах

      Оччо-бачча уолуйбата бадахтаах.

      Күүскэ күүркэтэр күөх дьааһык,

      Сылайбакка сааҕыныыр муос холбука,

      Сурдурҕаччы суруйар солун хаһыат,

      Сүрдүүр-кэптиир суотабай сибээс,

      Ханна баран саһабыт,

      Тугу истэн уоскуйабыт?!

      Харбалаах. 15.07.2018

      Сайыҥҥы ардах

      Айылҕам сылайда сылаастан,

      Былыт таҕыста арҕааттан,

      Аммам уута тымныйда,

      Булуус уута баһыйда.

      Аргыый


Скачать книгу