Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество
ытыыр, уҥуоҕа хамсыар диэри өлө куттаммыт уолу ким да улаханнык аахайбатах. «Кураанах сонтон куттанар куттас куобах, ырыган торбос…» диэн күлүү-элэк оҥостубуттар, ыстаҥалаһыы-сырбаҥалаһыы буолбут.
Хаппытыан көрдүүр уочарата тиийэн кэлбит. Кып-кыараҕас дьадаҥы балаҕаҥҥа киһи саһар сирэ бэрт кэмчи да буоллар, оччотооҕу оҕолор киһи үөйбэтэх-ахтыбатах сирин бары булан саһаллара. Хаппытыан көрдөөн балааскайдана сылдьыбыт. Хас да оҕону булбут. Түннүк анныгар турар түөрэккэй талах олоппоһу арыйа баттаан биир саһан олорор оҕону булан ылбыт. «Таҕыс. Булулуннуҥ» диэбитигэр, анарааҥҥыта «саҥарыма» диирдии тарбаҕын уоһугар чугаһатан үрбүт, күлэн хараҕа чаҕылыҥныыр үһү. Хаппытыан боруҥуй муннукка саһан олорор оҕо лаглаҕай буола иилистибит кугас сахсаҕар баттаҕын, саллаҕар төбөтүн, иннигэр лэскэйэн көстөр уй курдук иһин сыныйан көрөн баран соһуйан, хаһыытаан тоҕо ыстаммыт. Атын «оҕо» кэлэн саһан олорор эбит. Оонньуу онон түмүктэммит.
«Бэйэтин кэмигэр дьүөрэтэ суох дьыаланан дьарыктанар куһаҕан» диэн бэрт дириҥ ис хоһоонноох түмүгү оҥороот, Хаппытыан оҕонньор, дьиҥнээх бэйэтин киэбин ылынан, түөс-маас халлааны эрдэн киирэн бардаҕа.
Абааһы Хаата
Сылгыһыт Хабыыча
Сылгыһыт Хабыыча нэһилиэктэригэр бастакы холкуостар тэриллибиттэрэ бэһис сылын үөрүүлээх ыһыаҕыгар сиэхтээх байтаһын биэлэрин көрдөөбүтэ хаһыс да күнэ. Айылҕа барахсан ситэн, силигилээн ахан турара, хатыҥ чараҥнарга сэбирдэхтэр суугунууллара, нуоҕай солко мутукча күөх киистэтин анньынан нуоҕалдьыйа хамсыыра, мүөттээх сытынан дыргыйара, эркэнэ хара тыаларга кэҕэлэр куоталаспыттыы этэн чоргуйаллара, араас өҥнөөх сибэккилэринэн симэммит сыһыыларга күөрэгэйдэр күөх дьүрүс салгыҥҥа уйдаран дьурулата туойаллара. Айылҕа барахсан ити алыптаах кэрэтэ эдэр киһи кутун-сүрүн көтөҕөрө, күүһүгэр күүһү эбэрэ, көтүөҕэр кыната эрэ суох курдук сананан ис-иһиттэн үөрэн, сүргэтэ көтөҕүллэн, муннун анныгар киҥинэйэн ыллыыра.
Ол иһэн санаан кэллэ, аны аҕыйах хонугунан кыһыны быһа кэтэспит ыһыахтара буолуоҕа, кэрэ бэйэлээх, нарын-намчы кыргыттар оһуохай этэн наскылдьыһыахтара, быыппастар быччыҥнаахтар, быһый атахтаахтар күөн көрсүөхтэрэ, күрэс былдьаһыахтара, түргэн атахтаах сылгылары сүүрдүөхтэрэ. Хабыыча ыһыахтарга оонньуон, күрэс былдьаһыан олус баҕарара. Ону санаатаҕына этэ-сиинэ кычыгыланара, чэпчээбиккэ дылы буолара. Былыргы күүстээхтэр сылгыны оҕуурдаммакка тутар сурахтарын истэрэ. Ол иһин ону боруобалаан кыра сылгылары сырсан иһэн көҕүллэриттэн ылан умса баттаан, бас быатын кэтэрдэр үгэстэммитэ.
Салгыы хас да сыллааҕыта, саҥардыы буутун этэ буһан, холун этэ хойдон эрдэҕинэ, ыһыах аҕай иннинэ эһэтэ Улуу Сыһыыга сиэнин Хабыычаны ыҥыран илдьибитин саныы истэ. Кырдьаҕас дьон-сэргэ көрбөтүгэр сиэнин боруобалыыр санаалааҕа. Остуол ньуурун курдук көбүс-көнө хонууга кэлэн, сэрэммиттии оргууй эргим-ургум көрбүтэ уонна: «Тукаам, кылыйан боруобаланан көр эрэ», – диэбитэ. Эргэ өрбөххө суулаан аҕалбыт туоһун түөртүү хаамыы мээрэйдээн уон