Атырдьах сэргэ. Данил Макеев
дьону көрөн Бүөтүр, баҕар, сахалар бааллара буолаарай диэн хамандыырыттан көҥүллэтэн муоста диэки сүүрбүтэ. Арай, саллааттар ортолоругар убайа Лэгэнтэй Боотуоннуун иһэллэр эбит. Бүөтүр соһуйан хаалан маҥнай саҥата суох таалан турбута, онтон:
– Убаай, Лэгэнтээй! – диэн хаһыытаабыта. Дьоно сахалыы саҥаны истэннэр өрө көрө түспүттэрэ. Бүөтүр холуоннаны кытыытынан халты-мүлтү тэбинэн батыһан истэҕинэ, убайа аах хамандыырдарыттан көҥүллэтэн суол кытыытыгар тахсыбыттара. Петлицатыгар младшай лейтенант бэлиэлээх, куйаабылламмыт уһун киһи:
– Аргунов – три минуты. Потом догоните, – диэн баран ааһа акылдьыйа турбута.
Лэгэнтэй Мальтаттан арахсыахтарыттан оччо уларыйбатах этэ, арай ыстыыктаах сааны хороччу сүгэ сылдьара. Оттон Боотуон хайдах эрэ куччаан хаалбыт курдуга. Саҥата суох утарыта көрсөн турбахтаат Лэгэнтэй:
– Нохоо, табахтааххын дуо? – диэбитигэр Бүөтүр хоонньуттан өлүү мохуоркатын ылан биэрбитэ. Бэйэтэ табахтаабат этэ, ол эрээри өлүү мохуоркатын туохха эмэ атастаһаары ылбытыттан үөрэ санаабыта. Лэгэнтэй быраата ууммутун синиэлин ис сиэбигэр куду анньаат аны:
– Нохоо, харчылааҕыҥ буолаарай? – диэбитэ. Онуоха Бүөтүр уон солкуобайдааҕын ылан биэрбитэ уонна күлэн ыттайа турар Боотуонтан:
– Бу аата ханна тиэрдэллэр үһүнүй? – диэн ыйыппыта.
– Яснай Поляна диэки тиийэбит диэбиттэрэ, – диэн баран киһитэ өндөх гынан дьоно төһө ырааппыттарын көрөн ылбыта. Онтон окуопа хаста сылдьар дьону көрөн ылаат: – Эһигини манна тохтоппуттар эбит дии, – диэбитэ.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.