Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. Василий Яковлев

Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит - Василий Яковлев


Скачать книгу
куртуйахтары, курупааскылары этэ да барбакка – бары тэҥкэ тиити быһа ааспат буолаллара, тохтоон, сынньанан, таалалыы, оонньуу-көрүлүү түһэн ааһаллара. Иэгэйэр икки атахтаахтан бу эҥээрдээҕи баай хара тыа соҕотох баһылыга буолбут, эдэр сааһыттан эмэҕириэр диэри ааттаах сааһыт аатырбыт Собо уола Микииппэр тэҥкэ тииккэ кэлэн түспүт биир эмэ тылбыйар кынаттаахха, төһө да биирдэ айахха угар эт наада буолбут кэмэ буолтун иннигэр, саатын уоһун туһаайбытын өйдөөбөт. Көр, ол курдук ытыктыыра бу сир үрдүгэр тэҥҥэ үөскээн ааһан эрэр тэҥкэ тиитин.

      Арай оҕонньор бачча сааһыгар диэри урукку өттүгэр тэҥкэ тиитигэр тылбыйар кынаттаах бииһин ууһуттан тойон кыыл кэлэн түспүтүн өйдөөбөт. Дьэ, онто ити быйыл кэлэн түстэҕэ. Түһээри түһэн арахсыбат гына түстэ. Тэҥкэ тиитин ол кыылга былдьатта оҕонньор аны!

      Бу төһө даҕаны тиитэ барахсан туһунан уйаҕас, истиҥ ахтыынан иэйэ ахта истэр, дууһатын түгэҕэр тыбыс-тымныынан атын санаа хаарыйар: ол онно билигин хотой олордоҕо диэн санаа.

      Саҥа хаары тыыран, сыарҕата тыаһа-сыма суох ньылбырыйар. Оҕонньор атын тиэтэппэт. Иннигэр түөрт көстөн ордуктаах, күннүктээх айан тоһуйа сыттаҕа.

* * *

      Нөҥүө күнүгэр киэһэ Микииппэр оҕонньор нэһилиэк дьонуттан чып кистэлэҥинэн санаалаах кырдьаҕаһын Ньахсаан ойууну аҕалла.

      Саҥата-иҥэтэ суох кэлэн, сыарҕатыттан түһэн баран, кырдьаҕаһа таба саҕынньаҕын тэбэммэхтии туран, хараҥата бэрт буолан, туох да көстүбэт этэ, ол-бу диэки олоотоомохтоон баран, кыбыы кэтэҕинээҕи тыа диэки туһаайан, хатан баҕайытык суордуу кыламмахтаан ылла. Онтон, сүрдээх үлүгэрдик үөһүн тартара-тартара, хаста даҕаны ис-иһиттэн кимиэллээхтик хотойдуу чыҥырҕаамахтаата. Ол аата тойон кыылга мин кэллим диэн биллэрбитэ дуу, дорообо биэртэ дуу эбэтэр мантан антах бу тиэргэн, бу дьиэ-уот, бу баараҕай хара тыа – бары мин дьаһалбын истэҕит, мин бас билиибэр киирдигит диэн caҥa аллайбыт быһыыта буолара дуу, биллибэт. Киниттэн ким утары көрөн ону ыйытыай?!

      Дьиҥэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, айыы кэмигэр киһилии ама аата инньэ диэн, ити саҥатыттан кыйыһыйан, үөрэн-көтөн, дьалкыһыйан киирдэ. Сотору-сотору уҥуохтapa тахса сылдьар уһун кубаҕай сыҥааҕын иннигэр анньан, ол-бу диэки көрөн олопоччуйар, элбэх-элбэхтик ону-маны саҥаран, ол-бу сонуну-сэһэни ыһан-тоҕон көбдьүгүрүүр. Ол аайы саннын байаатынан охсуллар, иилистэн хаалбыт ыас хара баттаҕа дьулаан баҕайытык силир гына хамсаамахтаан ылар.

      Оппуос эмээхсин, кырдьаҕас кэлбититтэн үөрэн, ыарыытын да умнан, букатын эдэригэр түспүт курдук, кэлэ-бара, ас тардан элэстэнэ сырытта. Сыалаах эти адьырыччы буһаран бэлэмнээбит, алаадьы оҥорбут хайаабыт.

      Остуолга олорбуттарыгар, Көстөкүүн кырдьаҕас кэпсээнин быыһыгар түбэһиннэрэн, Микииппэр оҕонньор эмээхсинигэр тыл бырахта:

      – Хайа, доҕоор, били кыылбыт?

      – Оо, дьэ баар ахан. Ханна барыа диэтэххиний? Биһиги баспыт уҥуоҕа баарын тухары, хата, арахсыа суох быһыылаах. Арай көмөлөстөххүнэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, эн көмөлөһүүһүгүн, абыраатаххына эн абырыыһыгын! Биһиги, бу манна ойдом үрэх баһыгар


Скачать книгу