Утатыы. Андрей Геласимов
тулатыгар тэтэркэй баҕайы быыкаайык эбирдэр көстөллөр.
Арааһа, туран кинилэргэ ити мээчиги быраҕыахха баара. Оччоҕо кини биһиэхэ кэлиэ суоҕа этэ, кэнники аҕам массыынаҕа ийэбин күнүүһүт акаары диэ суоҕа этэ. Эбэтэр быһаҕынан тэһэ анньан кэбиһиэххэ баара. Сытыы да сытыы быһаҕынан. Оннооҕор аҕам, барыларын арбуһунан күндүлүүрүгэр, тарбаҕын быспыта. Оттон ити уһун баттахтаах, кинини көрө-көрө, күлбүтэ. Хайдах эрэ кычыкылатан эрэллэринии. Уонна тарбахтарын быыһынан арбуз сүмэһинэ сүүрэрэ.
«Оттон эн тоҕо сиэбэккин? – диэбитэ аҕам. – Эмиэ санаарҕаатыҥ дуо?»
Кини буоллаҕына турар уонна күлэр. Оттон ийэм тэллэй анныгар олорор. Ууну көрөр.
Мээчиги быраҕыахха баара.
Ол эрээри, бырах, быраҕыма, оннук да гыммытым буоллар ким да күлүө-үөрүө суоҕа этэ. Аҕам син биир сөтүөлүүр сиргэ мээчиктиирин тохтоппотоҕо. Онтон күһүн буолбутугар бары тыаҕа барар буолбуппут. Субуотаҕа кини сарсыарда эрдэттэн, тугу эрэ иһиирэ-иһиирэ, хаамыталаан барара. Ийэм этэрэ – дьиэҕэ иһииримэ, оттон кини куукунаҕа олорор уонна өссө улаханнык иһиирэрэ. «Футболу сөбүлүүгүн дуо, Костя?» Мин сөбүлүүбүн диирим. «Оччоҕо хомун. Тыаҕа барыахпыт».
Тыаҕа дьиэбитинээҕэр быдан үчүгэй этэ. Долохоно булуохха уонна отонун уҥуоҕун били уһун баттахтаахха тибиириэххэ сөбө. Талах быыһыттан. Ким да көрбөт сириттэн. Эбэтэр баттаҕар ытырыык оту эрийиэххэ сөп. Ол эрээри, ытырыык оту эрийэртэн куттаммытым. Арай ону кыптыыйынан кырыйа сатыырын өйбөр оҥорон көрбүтүм. Өйбөр оҥорон көрө-көрө, долохоно уҥуоҕун тибиирбитим. Талах быыһыттан булан ылыахтарыгар диэри.
«Солуута суоҕунан дьарыктанан бүтүөххэ. Футбол оонньуохха».
Оттон мин солуута суоҕунан дьарыктамматаҕым. Кинини төбөҕө таба сатаабытым.
«Саба түһээччи буолуоҕуҥ. Мин боруотаҕа туруоҕум, – диэбитэ аҕам. – Уонна киллэриигэ диэри оонньуубут».
Ол эрээри кини боруотаҕа турбатаҕа. Сирэйин араастаан ханньатара уонна эмиэ иһиирэрэ. Ол эрээри ийэм киниэхэ туох да диэбэтэҕэ. Тиит таһыгар олорбута уонна биһигини көрөрө. Арааһа, киниэхэ дьиэҕэ эрэ иһиирбэтэ наада быһыылааҕа. Билбэппин. Оччолорго мин ону өйдөөбөт этим. Көннөрү атын боруотаҕа мээчиги тэбэн киллэрэрим. Ол да буоллар биһиги син биир элбэх мээчиги киллэртэрбиппит.
«Кинилэр кыргыттар дии. Тоҕо хомойоҕун? Биһиги дьиҥнээхтии оонньообоппут».
Ол эрээри миэхэ кыһыылаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, мин наһаа кыһаллыбытым. Мин кинилэри кыайыахпын наада этэ. Оттон кини бастаан соруйан киллэртэрбитэ, ахсаан тоҕус биэскэ буоларын курдук. Онтон биир эрэ мээчиги киллэрэллэрэ хаалбытын кэннэ эмискэ барытын хабан барбыта. Онно мин дьэ барыта сатанар буолла быһыылаах дии санаабытым. Түргэнник сүүрэр уонна киллэрэр буолан барбытым. Испэр туох эрэ дьөлүтэ кэйэн ыалдьара. Ол эрээри өссө биир гол хаалбыта. Оттон били уһун баттахтаах миигин тула сүүрэрэ уонна күлэрэ. Оттон мин күлбэтим. Тоҕо диэтэххэ, мин биир голу киллэриэхпин наада этэ. Билигин табыллыа дии саныырым. Оттон иһим кэйиэлиирэ сүрдэммитэ. Дьэ онтон аҕам мээчиги хабан ылбыта уонна чопчу кини атаҕын анныгар бырахпыта. Мин кини соруйан бырахпытын көрбүтүм,