Утатыы. Андрей Геласимов
эрэ атах таҥаһын уурара, мин ону уруһуйдуурум. Оттон кини арыгытын иһэрэ.
Мин киниэхэ сылдьарбын сөбүлүүр этим. Училищеҕа миигин умнубуттара, кэлин тиһэҕэр үөрэх сэбиэдиссэйэ мин көтүтүүлэрбин бэлиэтээбэт да буолбута. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум хаста да миэхэ кэлэ сылдьыбыттара – дьыала хайдаҕый дииллэрэ. Онно мин мэлдьи барыта үчүгэй, дириэктэри кытта дипломнай үлэм буолуохтаах бырайыагы оҥоробут диирим.
Мин кини арыгыны адьас атыннык, дьонтон барытыттан уратытык иһэрин сөбүлүүрүм. Аҕам куруутун аҥаар илиитигэр үрүүмкэлээх, атыныгар уулаах ыстакааннаах өр турааччы. Бэлэмнэнээччи, тыынын ылааччы. Онтон уоһун чорбоччу туттан, хараҕын быһыччы көрөн, арыгыны бытааннык сыпсырыйан эрэрдии иһээччи. Эдуард Михайлович буоллаҕына, хоонньугар баҕаны укпуттарыныы, дьигиһийээччи.
Оттон диэриэктэр хаһан даҕаны үрүүмкэттэн испэт этэ. Кини арыгыны халыҥ таастаах ыстакааҥҥа кутан баран, онтон уу курдук иһээччи. Хайдах эрэ утаҕын ханнараары гыммыт курдук иһэрэ. Бэлэһэ куурбут киһилии.
Кини бииртэн биир ыстакааны иһэрэ, ол кэмҥэ хаһан даҕаны уһуутаабата, уруһуйдарбын көрөрө уонна төрүт итирбэт этэ. Мин иннибэр кириэһилэтигэр көннөрү олороро уонна хаһан даҕаны оннукпун-манныкпын дии санаммаппар сүбэлиирэ.
Мин оннук санаммат да этим. Миэхэ бу барыта көннөрү куотунуу буолара. Дьиэҕиттэн бараҕын, ону бары үөрэнэ сылдьар дии саныыллар. Эбэтэр инньэ дии санаабаттара дуу. Ону мин билбэппин. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго ийэм мин хайдах да буолуум, кыһаллыбат этэ. Кини Эдуард Михайловиһы тула көтө сылдьан хаптаҥныыра. Оттон мин аҕабар манныкка уган биэрбитин иһин кыыһырарым. Ама, ити Эдиги антах ротатыгар үчүгэй аҕайдык кэһэтэн биэрэр, ийэбэр иҥээҥнээбэт оҥорор кыахтара суоҕа эбитэ дуу. Онно биир эмэ кэм үчүгэй курсант баара эбитэ буолуо дии.
Биир тылынан эттэххэ, мин бэйэм уруһуйдарым туһунан туох да ураты санаам суоҕа. Туохтаах буолуохтарай? Уруһуй Африкаҕа да уруһуй буоллаҕа дии. Син биир үксүн уолаттары кытары дьиэбит таһыгар мустарбыт.
Кыргыттардыын эрийсэрбит, гитараҕа оонньуурбут, сороҕор кыһыл арыгы иһэрбит. Онтон байыаннай комиссариаты көтүрэллэрин көрө барарбыт.
Көтүллүбүт дьиэ оннугар тураҕын уонна саныыгын: манна мин хамыыһыйаҕа көрдөрөөрү сыгынньаҕын олорбутум, эмэһэҥ кушеткаҕа сыстан хаалара күлүүлээх баҕайы этэ. Быһата – аны ол дьаабы хаһан да буолбат. Кутуҥ-сүрүҥ онтон олус дуоһуйар. Хайдах эрэ Кощей Бессмертнайы кэһэппит курдук. Кэлин онтубут туох да туһата суох буолбута. Кэккэлэһэ кыбаарталга саҥа байыаннай комиссариат тутуллубута. Бу сырыыга мас буолбатах. Остуоруйаҕа курдук – Кощейы тыынын иһиллиигин, онтуҥ өссө тыыллан-хабыллан кэлэр. Тиһэҕэр тиийэ чаанын таһаарбаккын.
Генка сэриигэ сылдьан инньэ диир этэ. Мин ити тылга киниттэн үөрэммитим.
– Билигин кинилэр чааннарын таһаарыахпыт, уолаттар. Тоҕо соҥуордугут? Очукуоҕут оонньоото дуо?
БТР-га киирэр уонна күлэр. Кааскатын аптамаат маҕаһыынынан тоҥсунар.
– Ыстааҥҥытын илитимэҥ. Барыта үчүгэй