Таптал уонна дьүккүөр. Гавриил Адамов-Сайдам
ол хайдах? – Бэриэт кыыс сандаархай хараҕын утары көрөн туран, тугу да анаара барбакка ыйыппыта, онтон бэйэтэ да соһуйбута.
– Кооперативнай техникум кэннэ, – Сардаана быһаарбыта уонна илиитин утары ууммута.
– Үчүгэйдик үөрэммит оҕолорго салгыы үөрэнэллэригэр путевка биэрэллэр ээ, биһиэннэрэ. Онон кини быйыл үөрэххэ быһа киирэр. Бу манна билсэ кэлэ сылдьар, – диэн Петя сиһилии быһаарбыта.
– Олус үчүгэй! – Бэриэт кыыс илиитин туппутун ыһыктыбакка туран чахчы үөрэн, долгуйан туран эҕэрдэлээбитэ. – Аатыҥ да кэрэтэ бэрт дии. Амма бэлиэтэ бэйэтинэн турар, – диэн баран олус истиҥник мичээрдээбитэ.
Кыыс ити тыллартан кыбыстан имэ сардаана сибэкки курдук кытара кыыспыта.
– Мин буоллаҕына Бэриэт диэн уу сахалыы ааттаахпын, – кини сытыы бэйэтэ хайдах эрэ симиттибит курдук буолбута, илиилэрин ханна гыныан билбэккэ өттүктэрин сууралаабыта. Ол да буоллар син кыанан: – Манна сибээс институтун бүтэрэн баран ол институппар бэйэтигэр үлэлиибин. Онон куорат кырдьаҕас олохтооҕобун, – диэбитэ уонна бэйэбин наһаа арбанан эрэбин ээ дии санаан күлбүтэ буолбута.
– Бэриэт Сиидэрэбис улахан научнай-чинчийэр лаборатория тутаах, олус диэн наадалаах, тарбахха баттанар биир чулуу үлэһитэ.
– Петя, бээрэ, тохтоо, – Бэриэт табаарыһын илиититтэн тардыбыта.
– Тоҕо, доҕоор? Тугу эрэ сымыйанан кэпсиир буолламый… Барыта кырдьык, – диэн баран Сардаана диэки эргиллэн: – Космическай сибээс саҥа ситимнэрин көрдүүр, булар, ону олоххо киллэрэр биһиги өйдөөбөт дьыалабытынан дьарыктанар бэрт дьээбэ киһи, – диэбитэ итиэннэ дьэ ситэри кэпсээтим быһыылаах диэн тохтоон хаалбыта. Онтон күлэ-күлэ: – Сардаана, бу уолу үчүгэйдик көр, билис. Аны бэйэтэ киһи киэнэ бэрдэ, табаарыс, доҕор киэнэ талбыта, дьоһуна, – дии-дии, дьэ сиэрэ ситтэ диэбиттии Бэриэти санныттан таптайбыта.
– Адьас сибэтиэй бэйэтинэн кэлэн турарын курдук кэпсээтиҥ дии. Ити үлэм туһунан кырдьык. Онтон атына, оттон көстөн иһиэ буоллаҕа. Билистибит дии, – Бэриэт Сардаана кинини олус интэриэһиргии одуулаһа туралларын бэлиэтии көрбүтэ. – Бээрэ, салгыы тугу гынабыт?
– Сотору түһүлгэлээн олорон аһыырбыт буолуо. Эн ханнык хампаанньаҕа сыстар былааннаах сылдьаҕын?
– Мин соҕотох киһи ханна баҕарар сыстарым көҥүл буоллаҕа, – Бэриэт барыларын кэрийэ көрбүтэ. Сардааналыын харахтара харсыһа түспүтэ. – Атыҥыраабат буоллаххытына, эһиэхэ сыстыахпын сөп.
– Атыҥырыырбыт баара дуо? Аньыы даҕаны! – Петя өрө көтө түспүтэ. – Хата, ыҥыраары, биһиэхэ кыттыс диэн көрдөһөөрү гыммыппыт. Чэ бардыбыт, миэстэтэ булуоҕуҥ, – Петя бу сибилигин миэстэ булуохтуу олоотообута, онтон аны өй булунан. – Сардаана, эн Бэриэт биһиэхэ кыттыһарын утарбат инигин? – диэн бэрт дьээбэ ыйытыылаах буолан биэрбитэ.
– Эс, мин ол туох диэн? – Сардаана олус соһуйбута, хараҕа төгүрүйэ түспүтэ. Уолаттары хардары-таары көрүөлүү-көрүөлүү: – Ону мин тоҕо быһаарабын? Бииргэ сылдьар буоллаҕына сылдьар буоллаҕа дии. Эһиги табаарыскыт,