Күрэтиллибит таптал. Федот Захаров

Күрэтиллибит таптал - Федот Захаров


Скачать книгу
Дьулаан, суоһар быһыы сибилигин буолуохтааҕыттан саллыбыт киһиэхэ, ол көлдьүн санаата эмиэ түгэххэ түһэн кирийбит, симэлийбит.

      – Кэбис, миигин илдьимэҥ. Мин манна хаалыам, – Обун сирэйин сабыытын устан сиргэ уурар.

      – Көр эрэ, бачча кэлсэн баран, аны барсымаары гынар дуу?! Хата, батыйа хаптаҕайынан үчүгэй аҕайдык самыыгын лабырҕатыам ээ, – Манчаары, Обун көрдөҕүнэ, моонньун тымыра күүрбүт.

      – Оо, дьэ, куттаҕас да киһигин доҕоор. Эн таһырдьа туруоҥ. Куттаныма, – Топпооску төһө да ньымааттаан саҥардар эмиэ кыһарыйар.

      – Чэ, ыл, туоскун сирэйгэр кэтэт! – Манчаары саҥата кытаанах.

      Биир бэрэмэдэйи тутан аҕалбыттара. Манчаары Обуҥҥа «тугу таһырдьа бырахпыппытын бэрэмэдэйгэ хаалаар» диэн эттэ.

      Боруҥуй буолуута туран, дьиэ диэки хаамтылар. Үүт күрүө иһигэр киирбиттэрин кэннэ, эмискэ ыт үрэн баргыйда. Манчаары батыйатынан далбаатаан ыты үүрэн, дьиэ ааныгар сүүрэн тиийдэ да, аан халҕанын тэлэ тардан иһирдьэ киирэр. Топпооску киһитин кэнниттэн киирсэр. Обун эппиттэрин курдук таһырдьа туран хаалла.

      – Илиигитин-атаххытын хамнатымаҥ! Ыар ыалдьыт, дьоһун хоноһо кэллим, – Манчаары баргыытаан саҥарбыта дьиэ таһыгар иһиллэр.

      Сотору олоппос дуу, туох дуу түҥнэри тэбиллибит тыаһа, күргүйдүүр саҥа, дьахтар ньааҕыныыра, ким эрэ ааттаһара иһиллэр. Ортоку түннүк иһирдьэттэн анньыллан, таһырдьа түһэн, дьиэ иһэ аҥас гынар. Аһаҕас түннүгүнэн нуучча таҥаһынан тигиллибит ырбаахы, суккун сон, солко кур, хас да ылтаһын тэриэлкэ таһырдьа быраҕыллар. Обун олору ыла-ыла бэрэмэдэйгэ угаттыыр. Дьиэ иһигэр Манчаары ампаар күлүүһүн көрдөөн күргүйдүүрэ иһиллэр. Ампаардарын хатыыр эбиттэр.

      Чочумча буолан баран, Манчаары тахсан ампаар күлүүһүн аһар. Топпооску дьиэҕэ хаалар. Ампаар иһиттэн аһаҕас аанынан бэдэр саҕынньах таһырдьа быраҕыллар. Онтон бэдэр тириитэ, имиллибит сарыы, сиэрэй суккун сон, хас да кыһыҥҥы бэргэһэ таһырдьа тамнааттанар. Обун ыла-ыла бүк-тах тутан бэрэмэдэйгэ хаалыыр. Манчаары иһирдьэ тугу эрэ хасыһан баран көмүс куру быраҕар. Тахсарыгар саппыйаны кытта тимир сааны тутан тахсар.

      Дьиэ ааныгар тиийэн өҥөйөн туран киһитин ыҥырар. Топпооску дьиэттэн тахсан үүт умуһаҕар киирэн, хаҥас илиитигэр сүөгэйдээх ыаҕаһы тутан, уҥатыгар чабычахтаах арыыны кыбынан тахсар.

      Обун бэрэмэдэйи ылан санныгар биллэхтии быраҕар. Ыт тэйиччи туран тохтоло суох үрэр. Бу барыта олус дөбөҥ уонна судургу курдук буолла.

      Ыар ыалдьыттар тиэтэйэ-саарайа аттарын миинэн, атын сир диэки туора бараллар. Түүннэри наар тыанан айаннаан, сыыйа дьиэлэрин диэки эргитэллэр. Хайа эрэ алааска аһыы сылдьар атыыр үөрүн көрөннөр, суолларын муннараары, сылгылары иннилэригэр үүрэн бараллар.

      Сарсыарда, биир кыра бүтэй алааска тохтоон, аттарын аһата ыыттылар. Өйүөлэрин, буспут эти, сиэтилэр. Солуурчахха чэй өрөн истилэр. Өтөр аһаабатах дьон аччыктаабыттар, утаппыттар. Сүөгэйдэриттэн сиэтилэр. Онтон күн ортотугар диэри утуйдулар.

      Киэһэ, боруҥуй буолуута, эмиэ айаннаатылар. Түүн дьиэлэригэр чугаһаан баран, тыаҕа тохтоон малларын үллэһиннилэр.


Скачать книгу