Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт


Скачать книгу
батаһын көрдөөн, сыппыт улаҕатын хасыһа булумахтана олоро түспүтэ. Халҕан таһыгар улахан саадаҕын кытта көхөҕө ыйаммытын көрөн, сонньуйан ылбыта. Өтөр буолбатаҕа, Бэдэр Боотурдаах саҥата-иҥэтэ суох киирэн кэлбиттэрэ.

      – Мукучу Хоһуун аанньа буолан ыҥыртарбат… Ытыгылаан даҕаны төнүннэхпитинэ сатанар. Бу эргин баар-суох киһибит буоллаҕа… Түүл-бит соччото суох эрээри, тугу эрэ сыыһа туттубатахпытына, этэҥҥэ буолуо… Бэдэр Боотур, бэйэ бодоҕун тардына сырыт… Мукучу Хоһуун кырамаҥҥа көтөөрү миигин күүтэр… Кырдьаҕас киһини эрэйдээбэккэ, тиийэ охсуо этибит.

      Тарҕаан Хоһуун, хайдаххыный? Бу дойду сирин-уотун билэр киһи, Туйахтыын салгыы айанныаҥ буолаарай? – Туоҕа Боотур араан таһыгар аргынньахтыы олорон, уоту одуулуу, оргууй ыйыппыта.

      – Суох! – диэн дьон соһуйан ходьох гына түһүөхтэригэр диэри улаханнык саҥараат, Тарҕаан сыҥаһаттан сүгүллэн турбута. – Мин төннөбүн! Мукучу Хоһуун куһаҕан буолар түбэлтэтигэр түөлбэни мин дьаһайыахтаахпын! Хайдах даҕаны төнүннэхпинэ сатанар… Эһигинниин биитэр соҕотоҕун… Ити табалаах дьон үтүөнү санаан чуоҕуспатахтара чахчы. Түөлбэм дьонун сир-халлаан икки ардыгар быраҕан, ханнык эрэ Ил туһугар толук буола барбаппын!

      Эмискэ уу чуумпу бүрүүкээбитэ. Туоҕа Боотур тугу эрэ толкуйдуурдуу сүүһүн түрдэһиннэрбитэ, онон-манан маҥхайа бытыгыраабыт бытыктаах сэҥийэтин ньиккирэччи имэринэ, туран кэлбитэ. Холомо иһэ күлүгүрэргэ дылы гыммыта. Бэлэс Боотур Тарҕааны элэс көрөн ылаат, Туоҕа Боотур аттыгар баар буола түспүтэ.

      – Ээ, Туйаҕы кытта миигин ыыт, – диэбитинэн, тыастаахтык тыына, төбөтүн хоҥкуппута. – Мин, миигин ыыт… Куолакы Хоһуун оҕото куһаҕан буолбутугар, Лүксүрээн кырдьаҕаспыт дьабыныгар көппүтүгэр мин, мин буруйдаахпын… Ол эрэ буолуо дуо, үтэһэм туолан эрдэҕэ… Хара хааным ханна даҕаны тохторо синэ биир…

      Туоҕа Боотур «ээх» да «эй» да диэбэккэ, иннигэр турар Бэлэс Боотуру халбарыччы анньан, ыксаабыт киһилии, таһырдьаны былдьаспыта. Халҕан тэлэллэн, холомо иһэ тымныы салгынынан аҥылыйа иһийбитэ. Туйах чэҥнээх туруору эркиҥҥэ сыстан олорон, оргууй саҥарбыта:

      – Миигин соҕотохтуу ыытыҥ… Уонна сатыы барыам. Оннуга ордук буолуо…

      Туйах эппитин ким даҕаны истибэтэх курдук, бары бэйэлэрин санааларыгар баттатан, иһийэн олорбуттара. Эмискэ халҕан тэлэччи аһыллан, сырдыгы кытта чэбдик салгын бургучуйа түспүтэ. Эбэ долгунунуу араастаан түллэҥнээн иһэн, араан уотуттан куттаммыттыы, сыҥаһалар анныларынан кирийэ симэлийбитэ.

      – Ычча! Дьыбара сүрдэммит, эмиэ мунна тыаһаабыт, – диэбитинэн Туоҕа Боотур киирэн кэлбитэ. Дьоно соҥуорбуттарын көрөн, сонньуйан ылбыта. – Бары төннөбүт, оннуга ордук буолсу. Тыгын Тойону кытта араас айаннарга, кыргыһыыларга сылдьыбыт, көрбүт-истибит Лэбиэрийэ Бөҕө, ити сылгыларбыт турар сирдэрин диэки бэрт бөдөҥ тиит турар эбит ээ. Итиннэ сирэй таһаараҥҥын, кэлэн иһэн төннүбүппүтүн, ыһыах саҕана күүтэрбитин биллэрэр бэлиэ оҕустаргын… Эйигиттэн ураты сатыыр киһибит


Скачать книгу