Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
ыыппыта. Хоһуун бүтэһик кыланыытын ой дуораана сүтэ илигинэ, ураһалар истэриттэн онон-манан тоҕута көтөн, хайыта сотон хоһууннар, ыам бырдаҕын курдук, ыһыллан тахсыбыттара. Ыһыы-хаһыы, суордуу кыланыы, алыкылыыр хаһыы күөл иһин толорон, ыраахха диэри сатараабыта.
Адырыыс Боотур аҥаар илиитигэр батастаах, аҥаарыгар кылыстаах төгүрүктээбит хоһууннары кытта охсуһан туманнатара. Көхсүгэр иилиммит бөрөтүн тириитэ өрө түллэҥнээн, онто да суох модьу-таҕа боотуру сүрдээн-киэптээн көрүҥнээбитэ. Аттаах тумустар, кыргыһы куоттарымаары, сүүрдэн батыгыратан кэлэн, тула холоруктата, ат күөнүнэн тоҕута түһүөлүү, батастара килбэҥнэһэ күөрэҥэлээбитэ. Тоҕурай Боотур эргийэ сүүрэ сылдьан, өссө да дьон баарын биллэрэн түллэҥниир, иҥнэйбит тордоҕу батаһынан курдары түһүөлээбитэ. Буруо быыһыттан кылыһы күөрэччи туппут хоһуун баар буолаат, Тоҕурай Боотуру охсон кууһуннарбыта. Тоҕурай соһуйан чинэрийэ, тиэрэ таралыйан иһэн, саба түһэн эрэр тыатааҕыга батыйаны тоһуйардыы, батаһын угун сиргэ тирии охтубута. Хоһуун сыыһа дайбаабыт уоҕар, батаска үөлүллэн, киһи үрдүнэн күдээрийбитэ.
Сууллубут ураһалар түптэ уотуттан умайан күүдэпчилэммиттэрэ, араан күлэ тоҕо тэпсиллэн, өрө күдээрийбитэ. Буруо-тараа быыһынан тимир тимиргэ охсуллан лыҥкыныыра, ынчыктаһыы, биллиргэтиһии, аттар туйахтарын тыаһа битигириирэ, хаһыҥырааһыннара, дьон кыланыыта алааһы толорон кэбиспитэ.
Ыыс-быдаҥҥа күлүкүчүһэ хоһууннар элэҥнэспиттэрэ, уот сырдыгар кытарымтыйа кыаһааннаммыт батастар килбэҥнэспиттэрэ. Үрүҥ өҥнөөх сарыыны хаҥас саннынан сүрэҕин хаххалыырдыы быраҕынан, уҥа өттүгүнэн синньигэс биилигэр бааммыт, нимчикатын көхсүгэр кэтэ сылдьар киппэ көрүҥнээх хоһуун дьонун күөртээн, хаһыытаан ылара. Кини кэтит сирэйэ кытарымтыйа, дьоно ханна ыктарбыт сирдэригэр ойон тиийэн, аҥаар кырыытыттан охсуһан туманнатара. Хоһуун эр санаалааҕын, хоһууннарын туһугар өлөрүн даҕаны кэрэйбэтэ толору көстөрө. Ыас хара икки гына өрүммүт, түөһүн тылыгар тиийэр баттаҕа субуруйа, хаҥас кулгааҕар иилиммит төгүрүк иэмэҕэ барбах килбэчийэ эйэҥэлии, өстөөхтөрүн арааран көрөөрү, күөл кытыытыгар сүүрэн киирбитэ. Алаҥаатын аҥаабыллаан, өстөөҕүн көрдөөн, уҥа-хаҥас хайбаҥнаппыта. Өлүү түбэлтэлээх, күдэн быыһыттан, күһэҥэтэ килбэҥнии аттаах боотур ойутан тахсыбытыгар оҕун ыытан кэбиспитэ. Лыаба тыаһа «дар» гынаатын кытта, боотур атыттан сууллан, күлү өрүкүппүтэ. Хоһуун алаҥаатын өрүтэ анньа алыкылаат, киэр элиппитэ. Кыһыҥҥы кыырт булдугар түһэринии, сарыыта кылбаҥныы сүүрэн элэстэнэн, охсуһуу ортотугар киирээт, тула холоруктаммыта. Сиргэ батары түспүт үҥүүнү хаба тардан ылан, охсуһан биликтэһэ сылдьар боотуру кэнниттэн кэлэн, куйаҕын быыһынан супту түспүтэ. Тобуктаабыт боотуру умса анньа, үҥүүтүн угун эрийэ туппута. Илбис иҥмитинии хаһыытыы, үҥүүтүн сулбу тарда хаста даҕаны тобулута түһүөлүү, өрө эккирээбитэ…
Муҥунан көрбүт, сүнньэ баара-суоҕа биллибэт биир мөчөкө көрүҥнээх Нүһэрги Боотур утары сүүрэн мадьайан