Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
тиэтэлинэн Лиһэ күөлүн диэки ааспыттара. Дыгый ону көрөн, ыксаан барбыта. Кыргыс ыҥырыытын ылымматаҕына, икки уот икки ардыгар түбэһэн, кимтэн баҕарар дүгдүөлэнэн, сирэ-дойдута суох буолуон билэрэ. Хайа эрэ өлбүт хоһуунтан уһуллубут, тайах ойоҕоһун уҥуоҕуттан тиһиллибит биирдэ эмэ кэтиллэр куйаҕын таһынан кэһэҕин, ох саатын кэтэн, кылгас үҥүүтүн ылан, оҕонньорго утары барбыта. Ойуур иһинэн уллуҥах барбах аҕыйахта тэпсибит ыллык омоонун устун тиэтэйэ-саарайа бэдьэйэн иһэн, Ньолох суон тиити кууһан, өрө хантайан турарыгар кэтиллэ сыспыта. Ыксаабыт омунугар, оҕонньорун санныттан тардыахча буолан иһэн, хайдах эрэ атыҥыраан, илиитин эһэ охсон ылбыта. Ньолох оҕонньор көхсүн хараҕар ох саа оноҕоһо эриэн куорсунугар диэри тобулу түһэн, тииккэ хам хараҕалаабыт этэ. Сирэйэ кубарыйан, мунна сүһүөхтэнэ кырыыланан, дьабадьытыттан хойуу хаан аллара ньолҕоруйбутун көрөн, туора ыстаммыта. Бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө, һэлии төбөлөөх үҥүүтүнэн биллибэт өстөөҕүн өтөрү түһэрдии иннигэр тутан, тула холоруктаабыта. Сүрэҕэ көбөн, өҕүйэн ыҥырҕаабыта, хараҕын уута ыгыллан тахсан, тулата күөгэҥнээн барбыта. Эмискэ аттыгар турар суон тиит кэнниттэн эриэн кыыл ыстанан эрэрэ… Дыгый, хараҕын уутун соттор бокуойа суох, үҥүүтүн утары тутан эрдэҕинэ, сирэйэ күөх ураанньыктаах кыыл икки атаҕынан дьирэс гына түһээт, котокоон батас өрө күөрэйэн эрэрэ… Кулгааҕар муос куйаҕын уҥуохтара тостон хардырҕаһан эрэллэрэ иһиллибитэ уонна барыта сүппүтэ…
Биирдэ өйдөммүтэ, уотунан умайыктана ыалдьар иэдэһигэр ким эрэ сэрэнэн дьикти сыттаах оттору уурара. Ыараабыт халтаһаларын бэрт нэһиилэ аппатан, туман-имэн быыһынан көрдөҕүнэ, сарыы ырбаахылаах, мукулай бэргэһэлээх кыыс, кини өйдөммүтүн билэн, хап-хара харахтарынан тобулу одуулаан олороро. Бу эмиэ Уһун Кутурук Бадьаайы түөлбэтигэр кыайан тиийбэккэ, хаан тахсарын биттэнэн, хантан күөрэйбиттэрэ биллибэт тигии сирэйдээхтэргэ суолун быһа астаран, муна-тэнэ сылдьар Хатыы этэ. Суккуруур тыына эрэ ордон, хаанынан уста сытар Дыгыйы кини булан сосуһан, Ньолох туос тыытыгар уган, элээҥҥэ таһаарбыта. Тыалтан-куустан, ардахтан хаххаланар кэлтэгэй отууну туруорбута. Илдьэ сылдьар куутуттан үнтү охсон, буор көһүйэҕэ оргутан, Дыгый хайа оҕустарбыт дириҥ бааһын сууйан-сотон, хам тутан, хас да сиринэн силимнээбитэ. Испитин тартаран, ыарыытын мүлүрүтэн, эмтээх отунан угуттуура. Эдэр эт-сиин түргэнник чөлүгэр түһэн барбыта. Дыгый хаҥас хараҕын чараас сарыынан саба баанан олорор, турар буолбута. Ньолох оҕонньор туутун булан балыктыыра, сорсу кустарга тиргэлээн барбыта. Хаста даҕаны, Бадьаайы түөлбэтигэр барар санаа кииртэлээбитэ эрээри, тугу эрэ көрдүүр курдук төттөрү-таары сүүрдэр аттаах дьону көрөн, уйулҕалара хамсаабыта. Дыгый бу сиртэн букатыннаахтык барарга санаммыта эрээри, куттаммыттыы чоҕулуччу көрбүт Хатыы тутара. Төһө да ыкса билсибэтэллэр, биир өлүүгэ түбэһиилэрэ, онно эбии саастара араа-бараата кинилэри ыксалаһыннарбыта.
– Мин бу дойдуттан сыҕарыйаары гынабын, – диэбитэ биир сарсыарда Дыгый