Күнүү. Ирина Харайданова
уол аны, аҕатын сүбэтинэн, ытын быалаан баран сиэтэ сылдьан кус оҕотун туттарар буолла. Мохсоҕол да иччитин тылын сүрдээҕин истэр. Дүөдэ кытыла хайыта баран, дьөллөн түһэн биир тэҥэ суох. Сыыра бүтүннүү оҥхой, хайаҕас бөҕө, онно саспыттары Мохсоҕол муннунан илдьи анньар, ону Бааса хомуйар. Ытын сиэтэ сылдьар, букатын ыыппат.
Итини барытын кини Георгий диэн ыарыһах абаҕатын эмтээри бултаһар. Георгий куораттан сөтөл буолан кэлбитин билэр. Айылҕаттан күүс-сэниэ ылаары кэлбит абаҕатыгар көмөлөһөр санааттан аҕыс саастаах уолчаан күн солото суох буолла. Кини бу кус оҕолорун бултаһан, абаҕатын үтүөрдүөн баҕарар. Онно ийэтин кымыһа, быырпаҕа, суората – барыта бастыҥ эмп буолуохтара. Ол иһин Бааса уол Мохсоҕолун илдьэ айылҕаҕа соҕотоҕун сылдьара элбээтэ.
2021 с., сэтинньи
2. Ийэ чараас сүрэҕэ…
ДЬОЛ ТОСХОЙУУТА
Маайа күөх окко икки илиитинэн хардары-таары иһин түгэҕин имэринэ сытта. Күн олус да чаҕылыччы күлэ үөрэр. Киниэхэ эрэ анаан мичээрдиир курдук. Аттыгар, аарыма хатыҥ мас күлүгэр, Маайа ата иччитэ хаһан сынньанан турарын кэтэһээхтиир… Эмискэ иһин кып-кыра атах сыысчаана «пул» гына тэптэ, үөһэнэн, арааһа, тилэҕэ быһыылаах, омунугар чоройорго дылы гынна. Маайа күн сирин көрө илик оҕотун туох баар билэр-билбэт минньигэс тылларынан таптаан ымманыйа сытта. Онтон күн сырала өссө күүһүрдэ, сардаҥа уота ала-чуо Маайа хараҕар түһэн симириктэппитигэр уһукта биэрдэ. Тулатыгар өссө да оҕо минньигэс сыта баар эбээт!
Маайа орто дойдуга дьахтар буолан төрөөн, уон үс төгүл Айыыһыт уоттаах кымньыытынан арыалланан талыы киэнэ кытаанаҕын билбит эмиэ да дьоллоох, Иэйэхсит иэтэн-туотан күн сырдыгын көрдөрбүт сырдык аанньалларыттан бэйэтигэр төттөрү ылбытынан эмиэ да сордоох. Быһата, дьахтар уонна ийэ буолар аһыытын-ньулуунун, үөрүүтүн-хомолтотун толору амсайбыт диэҕи хоойго хоонньоһо сытар холоонноох тойонун сыдьаанын хаан тардыһыннарар аҕа ууһун салгыыр уол оҕону төрөтө, эр бэрдин бэлэхтии илик. Ол гынан баран, бу олус баһыылаах этии буолла. Маайа син хаста даҕаны уол оҕо сытын ылбыта эбээт. Ол эрэйдээхтэри, саҥа бороохтуйан истэхтэринэ, сир ийэ бэйэтин хоонньугар кистиирэ. Туох эрэ биллибэт күүс ыларын курдук. Онтон бу уон үсүһэ өлбүт уол оҕо буолаахтаата. Маайа төһө да ытаатар, барытын тосту уларыппатын биллэр даҕаны, тоҕо эрэ холку, санаата бөҕөх. Бу олус кыра уҥуохтаах лыскыйбыт дьахтар барыны кыайар күүһүн, санаата баламатын бары сөҕөллөр. Ааттыын да «Чабычах Маайа» диэн. Туох баар санаатын иһигэр тутар, ытаабат-соҥообот. Дьоҥҥо күлэ-үөрэ, көмө-ньыма буола сылдьар.
Сэрии саҕаламмытын иккис сылыгар дьон удаҕан диэн чугаһаабат, көрбүөччү диэн куттанар Уйулҕаана эмээхсини кистээн дьиэлэригэр хонноро сытан утум сал- ҕаныытын туһунан кэпсэппиттэрэ. Удаҕан этиитинэн, Маайа кэргэнин хаана тэнийиэҕин саха абааһыта буулаан моһуоктуур эбит. «Үрүҥ баттахтаах тосту-туора омук ууһун, атын төрүөҕү дьиэҕитигэр киллэрдэххитинэ эрэ, эриҥ күнэ-ыйа тахсыыһы, Туймаада хочотугар ууһуур-тэнийэр кэскиллэнииһи», –