Сырдык курус. А. К. Никифорова

Сырдык курус - А. К. Никифорова


Скачать книгу
квартираҕа кинилэр элбэх киһини хайдах батаралларын Татьяна Иннокентьевна сатаан санаабат.

      – Таанньа, эһиги кыыскыныын бу утуйар хоско киириҥ. Ити Эдьигээн оҕотун мала турар. Эдэр киһини куукунаҕа да олохтоотоххо сөп.

      Аайа ваннаҕа душтанан абыранна ахан. Сылайбыта тута ааһан хаалла. Сууна сылдьан, биир түгэни өйдөөн кэллэ. Тыа оҕолоро куорат дьиэтигэр кыраантан уу кыраайа суох сүүрэ турарыттан сөҕөллөрө. Аайа кыра сылдьан эдьиийин кытта ваннаҕа кыраан уутун толору аһан баран, тарбахтарынан бүөлүү оонньуулларын санаан кэллэ. Аайа санаатыгар уу кытаанах баҕайы курдуга, тохтоло суох сүүрэр ууну тарбаҕынан бүөлүү туттаҕына, уута туора-маары ыһыахтанар, онтон астынан эдьиийин «сэриилээн» үөрүүтэ муҥура суох буолара. Биирдэ ол оонньууларыттан айдаан тахсан турардаах. Уунан «сэриилэһэн» ыраатан эрдэхтэринэ, тетя Надя сүүрэн киирэн кырааны бүөлүү баттаабыта. Аллараа ыалларга уу тэстибит, дьоно улахан алдьархай буолбутун курдук ыһыылара-хаһыылара сүрдээх. Надя да бэриммэт, тэбис-тэҥҥэ утары хаһыытыыр. «Баҕайылар! Кыраттан да айдааны таһаарар дьон! Хааппыла да уу тэһиннэҕинэ, сүүрэн киирэр идэлээхтэр. Дьикти ыалы көрөбүн, ким да кинилэргэ сылдьыбат, бэл диэтэр, подъезпыт старостатын киллэрбэттэр. Икки тарбыйах саҕа ыттаах буоланнар, ааннарын хаһан даҕаны хатамматтар, ыттара эмиэ бэйэлэрин курдуктар, хараҥа подъезка тутан кэбистэхтэринэ көҥүллэрэ. Биирдэ эдьиийим Даарыйа муҥнаах аанын булкуйан ити ыалга киирэн сиэнэ сыспыттаах. «Бу кыыс көрүдүөрэ тугун хараҥатай, муостатын кырааската биир да суох буолбут, өрөмүөннээри гыннаҕа дуу… Наадьа, бааргыт дуо?» дии-дии киирэн истэҕинэ, хостон икки улахан ыт ырдьыгынаабытынан ойон тахсыбатахтар дуо? Даарыйа кутталыттан хайдах таһырдьаны булбутун өйдөөбөккө да хаалбыт».

      Эдьиий Наадьа ити курдук бойобуой майгылаах, кимиэхэ да атаҕастаппат, бэйэтин дьонугар аламаҕай, үөрүнньэҥ, ол эрээри кырдьыгын өрө туппутунан сылдьар киһи, санаабытын аһаҕастык этэн баран тэйэр. Аайа тетя Надятын үтүө эрэ майгытын билэр буолан, биир түгэнтэн улаханнык соһуйа санаабыттаах. Биир сайын Тааттаттан Бүөтүр аймахтара кэлбиттэрэ.

      – Хайа, аймахтаахпыт диэн син булан кэлбиккит дии?!

      Кыра уолгут сыбаайбатыгар баар-суох таайгытын ыҥырбатаххыт! Бары биһиэхэ сылдьан, үөрэхтэнэн баран, түргэнник да умнубуккут! Барыҥ, киэр буолуҥ! Аны кэлимэҥ-барымаҥ! – Наадьа кэпсэтиитэ кылгас буолбута. Аайа онно эрэ тетя Надя улаханнык кыыһырбытын көрбүтэ.

      Үөрэммитэ буоллар, хайа баҕарар тэрилтэҕэ хотун буолуох дьаһаллаах киһи дьаһайар эрчимэ ыраах-чугас аймахтарыгар барыларыгар тиийэр. Аайа ийэтин Татыйаананы кэргэнэ эрдэ өлөн тулаайах хаалла диэн аһынара даҕаны, онон Аайалаах куоракка түһэр сирэ суох эрэйдэммэтэх дьон. Тетя Надя төһө да элбэх хоноһолоох буоллун, син биир куоратынан, даачанан миэстэ булан, сыа-сым курдук тутан түһэрэр үгэстээх. Аайа куоракка кэллэҕинэ, Наадьатааҕар Бүөтүргэ ордук мааны оҕо буолар. Телевизор көрө олордоҕуна, күтүөтэ тыаһа-ууһа суох кэлэн, сурунаал остуолугар ваза муҥунан фруктаны


Скачать книгу