Нимкакич. Платон Ламутский
син уларыйбатах.
Тыыннаах буолар иннигэр,
Булду бултуур туһугар
Киэҥ сири тилийэ сүүрүөххэ,
Иҥиир-күүс эрчимин
Харса суох туттуохха.
Күн ахсын ол оннук этэ.
Наматкан удьуор ыччата
Ньөлбуни диэн аҕалаах,
Буркан диэн ийэлээх
Бэһэ эвен наматканнар,
Элбэх хаан аймахтардаах,
Кинилэр эрэ дэтэннэр,
Баһылык удьуор сураҕыран,
Бу дойдуга олорбуттара.
Онно
Хотун Буркан дьонугар
Кистээн үөрдэр кэһиилээх.
Кини дьолуота сотору
Уолу төрөтөн дьоллуохтаах.
Оччоҕо үөрэн
Хара тыата дьигиһийиэ,
Далай уута долгуннуруо,
Ойууртан кыыллара кыҥыа,
Үрдүттэн көтөрө өҥөйүө.
Оҕо төрүүр – киһи төрүүр.
Дарбаана суох буолуохтаах.
Көтөҕөөччү эмээхсин
Соҕотоҕун алгыахтаах.
Оҕо төрүү соруммутунан
Суукка иһинэн төрүөхтээх.
Малааһыннаах үөрүүтэ
Номнуо буолбут буолуохтаах.
Ийэ Буркан хоһулайан
Үһүс хонугар төрөттө.
Уол оҕо одьунааһын,
Мөхпүтүнэн кэлээччи,
Хайалар төбөлөрүн
Логлорута хаһыытааччы,
Үстээх үөҥэс сарыытын
Хайыта тэбиэлээччи
Оҕо дэнэр аарыматын.
Маннык сүдү сонуну,
Кырдьык сөҕүмэр быһыыны
Үөһээ халлаан диэкиттэн,
Олох дьолун түстээччиттэн
Таҥнары өҥөйөн көрдүлэр,
Ханнык оҕо төрөөбүтүн
Билгэлээн көрөн бардылар,
Уолу бэлиэҕэ ыллылар.
Маны көрөн Орто дойду
Аймах дьоно мустаннар,
Үҥүүлэрин ууналаатылар,
Үөрэ-көтө айхаллаатылар,
«Алике! Алике!» – диэтилэр.
Ону билэн аллараттан
Өксүөннээх тыал түстэ,
Этиҥнээх ардах кутта.
Ариҥка оҕонньор өҥөйөн
Тылын салбанан барда,
Ынчык бөҕөтүн түһэрдэ.
Дьэ онтон эһэтэ,
Дууһата хомойуоҕа диэн,
Муннугар силиинэн бистэ,
Хоһуун буоллун диэн эбэтэ
Муустаах тымныы уунан сууйда.
Алгыс үтүөтүн алҕааннар,
Инникитин түстээтилэр,
Малааһыны тэрийэннэр,
Дьону-сэргэни үөртүлэр.
Үөрүү-көтүү ортотугар
Кырдьаҕастар сылыктааннар
Оҕо хоһууна чинчилиннэ,
Дьүлнэкун диэн аат бэрилиннэ.
Такымын иҥиирин көрөн:
«Аҕатын эрэ туйаҕын
Хатарыах оҕо», – дэстилэр.
Мантан ыла кинини
Им-дьимкээн ииттилэр,
Күҥҥэ да көрдөрбөттүү
Күндүтүк туттулар.
Күөх оттуу үүнэр оҕобут,
Баардаах баара өтөн, уолбут:
Үстээҕэр үчэһэ үрдүгэр,
Биэстээҕэр эһэҕэ киирэр,
Тоҕустаах лөкөйү соһор.
Онтон ыла аҕата куруук,
Бэйэтин тэҥнээҕин курдук,
Уолун