Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар. Клара Ксенофонтова

Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар - Клара Ксенофонтова


Скачать книгу
кыраһыабай сылдьаргар баҕарабыт! Айар-тутар аартыгыҥ аана тэлэччи арылыннын, ыарахаттартан чаҕыйбакка, өссө өрө бар, инниҥ диэки дьүккүй! Чугас дьонуҥ, үөрэппит-такайбыт ыччатыҥ үөрүүгүн үксэтэ, өрөгөйгүн үрдэтэ турдуннар!

      Тэрилтэ бэтэрээн үлэһитигэр

      Эйигин 75 сааскын туолар кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн эйиэхэ баҕа санаа баһаамын барҕалыырбытын, алгыс баһын сыалыырбытын көҥүллээ!

      Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин сынньалаҥҥа да олордоргун кэлэ-бара сүбэ-ама биэрэ сылдьаргыттан, биһигини умнубаккыттан үөрэбит. Киһи, төһө өр үлэлиириттэн тутулуга суох, убанар-убаммат, ылынар-ылыммат дьонноох буолар. Оттон биһиги кэккэбитигэр үлэлээбитиҥ тухары эн, аҕа саастаах киһи быһыытынан, дириҥ толкуйуҥ эдэр дьон уустук кэмнэригэр ыллыктаах санааны угара саарбаҕа суох. Бука барыбыт өйүгэр-санаатыгар умнуллубат кэрэ өйдөбүллэри хааллардыҥ.

      Олох араас түһүүлэрин-тахсыыларын мүччү көтөр модун санааҥ уҕараабакка өрүү, бу бүгүҥҥүҥ курдук, инники хардыылыы тур! Ыарыы

      ыалласпатын, тумуу тумуннун, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ үөрүүгүн үксэтэ, саргыгын салайса турдуннар!

      Ыал буолбут үбүлүөйгүтүнэн

* * *

      Дьоллоох дьоро күҥҥүтүнэн! Үөрүүгүтүн, хомолтоҕутун тэҥҥэ үллэстэн, куруук эйэлээх, бэриниилээх дьиэ кэргэн буолуҥ! Кулуннаах биэ, саптаах иннэ курдук өрүү бииргэ үөрэ-көтө илигирэһэ сылдьыҥ! Үчүгэй өрүккүтүн сайыннарсыҥ, өйдүүн-санаалыын биир буолуҥ! Хараххытынан хайҕаһыҥ, сүрэххитинэн сөбүлэһиҥ!

* * *

      Күөрэгэй чыычаах курдук

      Күндү көмүстэргитин

      Күнүстэри-түүннэри

      Көрөн-харайан, оҕолоон,

      Күн сирин киэҥ киэлитигэр

      Көччөх гынан көтүттүгүт,

      Киһи буолбут аналгытын,

      Кэскиллээх иэскитин толордугут.

      Отут сыл олорбуккут бэлиэтэ —

      «Оҕом», «тоҕойум» дэһэргит

      Үтүө холобур буолуохтун

      Үүнэр көлүөнэ ыччакка.

      Көрсүһэр үөрүүгүт, сыллаһа сылдьаргыт,

      Кыыһырсары билбэт холку майгыгыт

      Эдэр дьоҥҥо иитиэхтин

      Эрэли, уостубат тапталы!

      Кыһыл көмүс сыбаайбанан

      Күндүтүк саныыр ытык-мааны дьоммутун «Ийэ буолуу килбиэнэ» мэтээл хаһаайката Надежда Семеновна, Саха АССР, РСФСР, ССРС Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Кинематографиятын туйгуна, СӨ Бочуоттаах землеустроителэ, Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Гаврильевич Беляевтары кыһыл көмүс уруугут күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн саҥаттан ыал буолбут кэриэтэ сананыҥ, эһиги иннигитигэр олох кустук араас өҥүнэн оонньуурун умнумаҥ. Алта оҕону үөрэхтээх, үлэһит оҥорон, сиэннэргитин, хос сиэннэргитин киһи бэрдэ гынарга дьулуһаҕыт, көхсүгүтүн көннөрбөккө үлэлиигит. Эһиги эйэҕэс, ыалдьытымсах сиэргит, үлэттэн дьоллонуугут, үөрүнньэҥ майгыгыт чугас дьоҥҥутугар үтүө холобур буолар.

      Сибэккинэн симэммит, өрүү


Скачать книгу