Тыалынан киирбит холоругунан тахсар. Татьяна Находкина

Тыалынан киирбит холоругунан тахсар - Татьяна Находкина


Скачать книгу
лаампа үдүк-бадык сырдатар буолан дьиэ хараҥа. Эбиитин табах тарданнар ыыс быдаан. Күөх буруонан тунаарар. Дьиэ ортотугар турар уһун кирпииччэ оһох хаһан эрэ маҥан испиэскэнэн сотуллубута өлбөөрөн, онтон иннэ хоруонан бүрүллүбүт. Аҕыйах миэбэл баара быылынан бүрүллэн тунааран көстөр.

      Сэмэнчиктээх Кириил, төгүрүк остуолга утарыта көрсөн олорон, сылбырхай чэй иһэ олороллор. Таас атахтаах ваза иһиккэ килиэп тооромосторо көстөллөр. Кураанахтаммыт арыы иһитэ умса ууруллубут.

      – Сэмэнчик, лиссиэйгэ үөрэнэ хаһан бараҕын? – Кириил хаппыт килиэби кучур-хачыр ыстыырын быыһыгар ыйытар.

      – Билигин да барыах киһи дьонум харчылара суох. Ийэм күн ахсын отоннуу барыахпыт диир да, хантан барыай? Дьахталлара кэлэ тураллар. Харчы суох аатырар да, арыгыга көстөр.

      – Хата, мин дьонум испэттэр эрээри, наар харчы суоҕун айдаана. Үүт харчыта суох. Быйыл ханна үөрэнэрим буолла? Былырыын Чурапчыга спортивнай оскуолаҕа таах сибиэ баран… Киһи сэниэтэ эстиэр диэри эрчийэллэр. Мин син биир спортсмен буолбат киһи онно үөрэнэрим наадата суох. Аны бу оскуолабар бэнсиини сытырҕалаабыт киһини ылаллар үһү дуо? – Кириил санаарҕаабыттыы сургуччу көрөр.

      – Ылбаттара чуолкай. Иккиэн Суоттуга лиссиэйгэ барыах.

      – Ээ суох. Дьонум ыыппаттар. Ийэм аны ханна да барбаккын, хотон көрүөҥ диэбитэ.

      – Чурапчыга спортивнай оскуолаҕа оччо киирэн бараҥ ҥын сылдьа сатыаҥ этэ буоллаҕа. Син тустар этиҥ дии. Биир дэ тустууга миигин үҥкүрүппүккүн умуннуҥ дуо? – Сэмэнчик тиэхэлээхтик көрөр. – Киһилии эрчиллэн сылдьыбытыҥ буол лар, баҕар, норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» VI-с спортивнай оонньууга кыттарыҥ хааллаҕа.

      – Күлүмэ. Хата, манна Пётр Николаевич тустуу сиэксийэтигэр сырытыннарар буоллаҕына, сылдьыахпыт эрэ.

      – Ээ, суох. Кини миигин чугаһаппат. Алын кылааска син сылдьыбытым. Улуус оскуолаларын икки ардыгар күрэхтэ һиилэргэ миэстэлэһэр этим. Онтон сүгүн эрчиллибэккэбин тохтоон хаалбытым. Дьиҥинэн, мин бойобуой охсуһууга эр чиллиэхпин баҕарабын. Нууччалыы «смешанные боевые еди – ноборства» диэн ааттанар. Куоракка анал спортивнай кулууптар бааллар: «Белый медведь», «Мохсоҕол», «Урааҥхай», – Сэмэнчик итийэн-кутуйан кэпсиир.

      – Эс, алдьархай билэр эбиккин буолбат дуо? – Кириил табаарыһын сөхпүттүү көрөр. – Ол бойобуой охсуһуу диэн тугуй? Мин, хата, саҥа истэбин.

      – Хаалбыт киһи эбиккин. Хаһыаты ааҕыахха, тэлэбиисэри көрүөххэ наада. Мин ийэбин боруостуой дьахтар курдук көрөллөрө буолуо да, билиитинэн-көрүүтүнэн баҕас кими да кытта тэҥнэспэт буолуохтаах. Ханнык баҕарар тиэмэҕэ кимниин баҕарар кэпсэтиэн сөп, – уол ийэтин кэпсииригэр киэн туттара сирэйигэр-хараҕар көстөр. – Бойобуой охсуһуу диэн бу – универсальнай көрүҥ. Манна тустуу, буокса, кикбоксинг, тхэквандо, самбо, о.д.а. барыта холбоһон, биир көрүҥ буолар.

      – Онтон онно хайдах ылалларый? Уонна эйигин ким эрчийиэй?

      – Баҕалаах буоллаххына, тоҕо ылыахтара суоҕай! Куоракка үөрэнэ киирэрим уонна билигин тустууга эрчиллэрим буоллар, баҕар, ылыа этилэр.

      – Оччо


Скачать книгу