Таптал баар буолан. Татьяна Находкина
баран саала ортотугар турар, дьонун саҥатын истибит быһыылаах. Кэнниттэн эбээтэ эмиэ мөҕүттэ-мөҕүттэ тахсан иһэн кыыһын көрөн тэпсэҥнээмэхтээн ылла. Марина киһи эрэ буоллар, ийэтиттэн салла санаата, халаатын сиэбиттэн суруктары ылан остуолга уурталаата.
– Быһаарыммытыҥ курдук оҥор, умат, – бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах ийэтэ быһыта баттаан саҥараат, хоһугар киирэн аанын лип гына сабан кэбистэ.
– Хайыыбыт? – Марина көмө эрэйэрдии эбээтин диэки хайыста.
– Умат, уматаары бэркэ өрөһөлөммүтүҥ дии уонна ол өйө-төйө суох киһи суруйбут суруктара биһиэхэ сүүрбэччэ сылы быһа кэриэс буола сырыттаҕай, – эмээхсин кыыһыгар иһитиннэрээри соруйан улаханнык саҥара-саҥара күөс бэлэмнээри иһити-хомуоһу тыаһаппытынан барда.
Ити кэмҥэ Елена сыттыгын түөһүгэр ыга кууһан дьиэтин өһүөтүн одуулаһа сытта. Кини дьоно кэпсэтэллэрин барытын истибитэ. Кырдьык, кыыһа эппитинии кини сүүрбэччэ сыл “таптал кулута” буолла. Григорийы кытта куоракка педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан билсибитэ. Уол университекка тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар зоотехник идэтигэр үөрэнэрэ. Таптыыр курдуга. “Кэргэн таҕыс” диэн хаайара. Елена оҕо эрдэҕиттэн кытаанах иитиилээҕэ. “Кэргэнэ суох оҕолонуу – саат-суут, бэйэҥ да ааккын-суолгун, аймах да аатын-суолун үйэлэргэ киртитии буолар. Биһиги аймахха кыыһынан оҕоломмут суох”, – диэн ийэтин мээритэ кыыс өйүгэр-санаатыгар кытаанахтык иҥэн хаалбыта уоллаах кыыс сыһыаннарыгар улахан мэһэйдэри үөскэппитэ. Елена уолу олох чугаһаппатаҕа. Оттон Григорий сымала курдук сыстан баран арахпатаҕа. “Төрөппүттэрим сөбүлээтэхтэринэ эрэ холбоһуохпут” диэбитигэр, “хайаан да сөбүлэҥнэрин ылан тэйиэм” диэн ааттаан саас биир субуотаҕа батыһан тахсыбыта. Дьоно соһуйбуттара ахан. Ыйыталаһан уол төрдүн-ууһун истэн баран, олох сөбүлээбэтэхтэрэ…
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.