Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы. Вячеслав Карпов

Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы - Вячеслав Карпов


Скачать книгу
бэйэм хараҕым уута ыгыллан таҕыста. Ийэм Миитэрэйи ыарыылыырыгар икки мэндиэмэннээх дьиэ маҥнайгы этээһигэр тымныы баҕайы хоско олороохтообута. Онно тымныйбыта кэлин улаханнык охсубута, сүһүөхтэрэ иһэн тахсар полиартрит диэн ыарыы буулаан, кэмин иннинэ ииннээбитэ…

      Ити күһүн Миитэрэй өлбүтэ, миигин биирдэ мөҕөн көрбөтөх, сытыары-сымнаҕас, холку кииринньэҥ аҕам өлбүтүттэн улаханнык хомойбутум. Ханныгын да иһин аҕата суох дьоҥҥо аҕа буолан, бары да сүрдээхтик өйөһөн-убаһан, дьиэбитигэр кыһалҕалаах кэм тирээтэҕинэ, олоххо улахан уопуттаах, сэриини ааспыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ авторитеттаах көмүскэтэр киһибит киэҥ-холку көхсүн кэннигэр саһыах курдук сананарбытыттан мэлийдэхпит. Ийэм кэргэнин улаханнык аһыйбытын түҥнэри хайыһан олорон, кистии-саба хараҕын уутун сотторуттан сэрэйэрим.

      Оттон мин тустуубар эмиэ төбөм оройунан түс-пүтүм. Советскай Союз уолаттарга чемпиона буоллум, аны ханнык чыпчаалларга дьулуһабын? Билигин саастаах киһи сиэринэн, ону-маны эргитэн көрдөххө, биһиги тустарга сорук туруорунан тиийиэхтээх чыпчаалбыт Советскай Союз таһымынан бүппүт эбит. Ханна эрэ аахпыттааҕым – биир эдэр автор Шекспиртэн: «Мин эн курдук суруйуохпун баҕарабын», – диэбитигэр Шекспир: «Мин Таҥара курдук суруйуохпун баҕарар этим да, Шекспир эрэ буолан хааллым, оттон эн баҕаҥ диэн баара-суоҕа мин эрэ курдук суруйуу буоллаҕына, олох ыраатыаҥ суоҕа», – диэн.

      Син ол кэриэтэ биһиги, саха бөҕөстөрө, Россияны эрэ атаакалыы сылдьар кэммитигэр тустуубут үгэнэ түбэспитэ. Оттон биһиги былааммыт Россияны уҥуордаан, Советскай Союз таһымыгар тахсыы этэ. Тренердэрбит: «Аан дойдуга, Олимпийскай оонньууларга тустуохтааххыт», – диэн сорук туруорбуттара буоллар, ким билиэй, баҕар, онно тарбачыһа сатаан, өссө үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит буолуох этибит.

      Биһиги буоллаҕына сахалартан Семен Дмитриев ССРС-ка төрдүс миэстэ буолбутун, онно аан дойду чемпиона Айдын Ибрагимовы баһыйбытын холобур оҥостон, кини холобурун хатылыыр, сатаннаҕына аһары түһэр баҕалаах этибит. Кэлин араас түһүлгэлэргэ олимпиец Н. Алборяны, Европа чемпиона Р. Доборджгенидзены, ССРС чемпиона Т. Алибегашвилины хотуталаабытым да, тоҕо аан дойду таһымыгар тустубаппын диэн санаа охсуллубат буолара. Москванан, Кавкаһынан сылдьарынан, Союзка, Россияҕа тустарынан сөп буолан, муҥурданан хаалбытым. Быһата, мин Шекспирдиин кэпсэппит эдэр суруйааччы курдук өйдөөх-санаалаах эбиппин.

      Оттон 1965 сыллаахха мин өссө улахан дьоҥҥо 57 киилэҕэ тахсан, Нальчик куоракка «Урожай» общество киин сэбиэтигэр уонна Дьокуускай куорат аһаҕас чемпионатыгар бастаталаабытым. Куорат түһүлгэтигэр аан маҥнай Алкивиад Ивановтуун көрсүбүппүт.

      Литературнай редактортан: Ол хапсыһыы буолуохтааҕа, бэл биһигини, ыраах Томпо Мэҥэ Алданын ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьааччылары, долгуппута. Ыраас лиис үөһэ өттүгэр «Слава Карпов уонна Алкивиад Иванов көрсөллөр, хайалара кыайыай?» диэн ыйытыыга кылаас оҕолоро икки аҥыы хайдан, сорохтор Слава, атыттар Алкивиад буолан бэрт омуннаах мөккүөр


Скачать книгу