Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник

Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник


Скачать книгу
ити этэр кыылларым бары барбыттара. Кыайан алҕаммат-туоммат да буоллум. Дьон да ол кэнниттэн тэйдилэр, ыҥырбаттар», – диэн хоруйдаабыт. «Оччоҕо, Аана, тохтуур, идэҕин быраҕар да инигин?» – Петр Бубякин ыйытар. «Аны туга да суох буолан баран, сымыйанан тугу туһалаары дьону эмтиэхпиний?» – улуу удаҕан эппиэттээбит. Кэлбит дьон эмээхсини сиэрдээхтик атаарбыттар. Куораттан Бубякин туруорсуутунан дьону эмтииригэр көҥүл биэрбиттэр. Мантан көстөрүнэн, милииссийэлэр дьону-сэргэни кытта киһилии үчүгэйдик кэпсэппиттэр. ГПУ начаалынньыга П. Бубякин көнөтө, сиэрдээҕэ, тыла-өһө олохтооҕо тута көстөр. Уопсайынан, норуокка бу киһи туһунан үчүгэй өйдөбүл хаалбыт.

      Эмээхсин бу тахса сылдьыбыт дьоҥҥо абын-хомуһунун көрдөрбөтөҕө. Бу туһунан үлүннэриилээх кэпсээни халы-мааргытык оҥоһуллубут отчуоттарга олоҕуран тарҕаппыттар быһыылаах. Урут милииссийэҕэ үлэлээбит И. Варвариков кэпсииринэн, Улуу удаҕан, көрдөспүттэрин үрдүнэн, тугу да көрдөрбөтөх эбит. Эдэр уолаттарга: «Тугум да суох. Иннибэр-кэннибэр сүүрэрдэрим барбыттара», – диэн аккаастаммыт. Биллэн турар, «дьиэни алыһар балыгынан толорбут, ол балыгы милииссийэ үлэһиттэрэ илиилэринэн тутаары сыраларын биэрбиттэр үһү», «тутан илпиттэрэ сыгынаҕы кэлгийэн аҕалбыттар үһү» диэн күүркэтэн кэпсээн хойукка диэри тарҕаннаҕа. Ити сымыйа үһүйээннэри бэл кэлин суруналыыстар, краеведтар тарҕата сатыылларын киһи өйдөөбөт. Алыһардаах удаҕан сэбиэскэй былаас уорганнарынан тутуллубута, хаайыллыбыта диир оруна суох. Олох кырдьан олордоҕуна, 1931 с. Бүлүү Бороҕонугар оҥоһуллубут испииһэккэ бырааба быһыллыбыт дьон испииһэгэр Борисова Анна диэн аатынан 90 саастаах удаҕан киллэриллибит (НА РС(Я). Ф. 87. Оп.1. Д.759). Оччолорго Кырыкый нэһилиэгин Нээтийэ аҕатын ууһа Бороҕон нэһилиэгэр сыһыарыллыбыта. Оттон Нээтийэ Ойуун уолаттарын араспаанньалара сурукка киирбитинэн Борисовтар. Кэргэнэ Николай Павлов Борисовтарга иитийэх. Онон Аана үс (Иванова, Павлова, Борисова) араспаанньанан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр.

      Удаҕаҥҥа уһуйуллуута

      Аана олох кыһалҕатын билбэтэх буолан, дьон хараҕар быраҕыллар кыыс буола улааппыта. Аҕата эрдэ өлбүтэ. Кыыс 11 сааһын туолуута дьону кытта аһаспат, киһини кытта кэпсэппэт, кыраттан да киҥнэнэр, доҕордоспот, бэйэтин көрүммэт, сууммат-тарааммат буолбута. Дьүһүнэ-бодото, майгыта куһаҕан өттүгэр уларыйбыта (А.Е. Пахомова). Бэйэтэ биллибэт ыарыынан ыалдьан ийэтин улаханнык куттаабыта. Уһуйтараары Өөккөөччөөн ойуунтан көрдөспүттэригэр: «Ити мин кыайан уһуйбат удаҕаным буолар аналлаах, кини 23 мутугунан үрдүк олорор. Санааҕытыгар Басхырдаан эбэтэр Маҥаас кырдьаҕастарыттан көрдөһүҥ, баҕар, ол дьон кыайан уһуйуохтара буолуо», – диэбит. Ийэтэ Евдокия чугас аймаҕыттан, кинээһиттэн Никифор Николаевтан кыыһын эмтииригэр көмө көрдөөбүтэ. Тулаайах хаалбыт ыалга кинээс элбэх көмөнү оҥорон абыраабыта. Лүүчүҥҥэ олорор аймахтара Хаарпа ойуун үс түүннээх күн кыыран баран: «Үөһэттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто дойдуга эмиэ хабааннаах. Аллараа дойдуга суох,


Скачать книгу