Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин архыып-библиотекатыгар, ХИФУ, АГИКИ, ЧГИФКИС преподавателлэригэр уонна устудьуоннарыгар, Чурапчы, Таатта, Ньурба, Өймөкөөн, Дьааҥы, Халыма улуустарын Айыы дьонугар, саха итэҕэлин сүрүннээччи А.Н. Павлов-Дабылга, Т.Р. Такасаеваҕа, Е.И. Мигалкинаҕа, Н.И. Руфоваҕа, бу кинигэни суруйарбар туруорсубут В.Н. Луковцевка, дьиэ кэргэммэр барҕа махталбын тиэрдэбин.
БАСТАКЫ ОҤКУЛ
САХА ДЬЫЛҔАТА – ҮҮНЭР ҮЙЭҔЭ
Киһи аймах былыр-былыргыттан олоҕун икки араас суолтан биирдэстэрин талан солонор. Бастакы суол – күүс өттүнэн өттөйөн туора омуктар сирдэрин, баайдарын-дуолларын былдьаан ылан, кыаҕырарга дьулуһуу. Оннук ньыма тас эрэ эйгэҕэ туттуллубат, ис тутулларыгар эмиэ дьайан уһунугар өһүөнэ бэйэтигэр төннөн кэлэн, иинэр-хатар, кэрэгэй кэскиллиир, ыһыллар-тоҕуллар. Бу бастакы суолу КЫРЫЫС суола диэххэ. Иккис суол – эйэлээхтик-иллээхтик олорорго дьулуһуу, дьүөрэлэһии, ыаллыы омуктары кытта, бэйэ дьонун кытта хардарыта тыл-тылга киирсэн, куолаан биир кыһалҕаны быһаарсыы, Сир Ийэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Бу суолу АЛГЫС суола диэххэ. Бастакы суолу тутуспуттар, история тыйыс уруогуттан кэһэйэн, иккис суолу ылыналлара баар суол. Холобура, Германия билигин бэйэтин демократия уйатын быһыытынан ииттинэ сатыыр, Канада олохтоох омуктары эһэ сыспытыттан кэмсинэн, кинилэри көмүскүүр суолу тутуһар.
Саха омук АЛГЫС суолун тутуһарга ыраастаныы араас ньыматын элбэх түгэннэргэ туттар. Ону европейскай цивилизация суолун тутуспут омук дьоно дьиктиргии, сонургуу көрөллөр-истэллэр. Дьиҥинэн ыллахха, ханна да олохтоох омуктарга тиийдэххэ, эйигин ыраастыыр сиэри-туому хайаан да оҥороллор. Кинилэр олохсуйан олорор сирдэрин айылҕатын санаатынан, тыынынан уоскуйаллар, холкутууллар, кэҥииллэр. Ол аата, Сир Ийэ төрүт олохтоохторо эйэлээхтик дьүөрэлэһии суолун тутуһаллар. Сахалар эмиэ Эйэни туохтааҕар да күндүргэтэбит.
Ол гынан баран Саха кэлиҥҥи үйэлэргэ утарыта турар ити икки суолларга кыпчылынна. Ол ис колонизация диэн ааттанар ииччик-бааччык тоһуурдарыгар күһэҥэ да туллар кыһалҕаларын санаатын күүһүнэн тулуйар кэллэ. Оннук түгэннэргэ хатан санаалаах, эрдээх сирдьиттэр номоххо хаалбыт Тыгын Дархан, онтон Илья Винокуров, Михаил Николаев курдук лиидэрдэр дьону-норуоту күөннэринэн көмүскээбиттэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн таһымҥа таһаарбыттара.
Дьэ бу Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ биир үйэтин туолар историческай кэрчик кэмэ тосту уларыйыылар хаҕыс тыыннара хаҥыннарыах кэриҥнээх түгэннэригэр түбэстэ. Омук бэйэтин салайынар төрүт быраабын түөрэҥнэтиэх мүччүргэннээх быһыы-майгы тирээн кэлиэх курдук кыһалҕатыттан сэрэхэдийэн, туох да дорҕоонноох түмсүү, үүнэр үйэни торумнуур көрүү-истии кыаллыбата. Арай Бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев ыарахан кэмнэр иһэллэр диэн сэрэттэ, онуоха бэлэмнээх буолар туһуттан маннык суолларынан дьаһаныахха диэн эттэ: «В трудные, переломные годы политического и экономического переустройства России