Төрүт ньыманан ис кыаххын арый. Кулан хан
буолуой?! Сиилээбэппин. Үйэбит оннук.
Ол иһин бастакы түмүктэри оҥостор кэммит уолдьаста диэн көрөбүн. Холобур, оҕоҕо 7 сааһыгар диэри смартфоннары, гаджеттары биэрэри тохтотуохха. Сокуонунан. Оҕо хараҕа улаханнык мөлтүүрүн ааһан, олох кыратыттан ити тэриллэргэ сыстыбыт буоллаҕына, хойукка диэри саҥаран быстыбат, хамсанара-имсэнэрэ бытаарар, ас буһарар үлэтэ, этэ-сиинэ микроэлеменнэри иҥэрэрэ кэһиллэр. Наар хамсыыр хартыыҥкалары көрө үөрэммит оҕо өйүгэр дьүһүйэр, оҥорон көрөр кыаҕа төрүт суох буолар.
«Комфортнай» эйгэ содула. Билиҥҥи кэм дьоно олоххо буолар араас түһүүнү-тахсыыны уйара, ылынара мөлтөөн иһэр. Уйулҕабыт да, доруобуйабыт да уйбат, кыраны да тулуйбаппыт. Ити эмиэ олохпут эйгэтин, укулаатын, айылҕатын уларыйыытын содула. Төһөнөн олох усулуобуйата тупсан иһэр да, соччонон киһи ис кыаҕа биллибэтинэн кэбириир, мөлтүүр. Сылааска, бэлэмҥэ үөрэммит тымныыны-куйааһы тулуйбат, биһиэнин курдук элбэх үөннээх, бырдахтаах айылҕаны уйбат буолар. Өрүү, нууччалыы эттэххэ, «комфортнай» эйгэтигэр өйө-санаата тардыһа турар. Онтон сылтаан ыарахантан куота сатыыр… Өрө тилигирэйэ, хара үлэҕэ миккиллэ сылдьыбыт тыа киһитэ сылаас, толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ хаайтарыа эрэ кэрэх – аҕыйах кэминэн ыараан, мөлтөөн, амньыраан барыаҕа, өскөтүн бэйэтэ ис санаатыттан успуордунан дьарыктаммат, хамсаммат, толору тыыммат буоллаҕына.
Чэгиэн, сэнэх сылдьан ис санааттан дьарыктанар, ис туругу, доруобуйаны көрүнэр култуура урукку кэмҥэ букатын суох этэ. Тоҕо диэтэххэ айылҕа хаамыытынан төрүт дьарыкпытын, онно олоҕуран үөскээбит үгэспитин тутуһан олорорбут. Ол аата ыал барыта сүөһүлээх, оһоҕунан ититиллэр судургу оҥоһуулаах дьиэлээх буолан, уутун, отун-маһын булунар туһугар өрө мөхcөрүгэр, хамсанарыгар күһэллэрэ. Билигин үксүбүт букатын атын оҥкуллаах олоххо олорорго саҥа үөрэнэ сатыыбыт. Аны бэйэҥ туруккун көрүнэргэр эйигин ким да күһэйбэт, арай үгүс киһи улаханнык ыарытыйдаҕына, кэһэйдэҕинэ эрэ өйдүүр. Ону даҕаны сорохтор бэйэ кыаҕын сайыннарыах оннугар арҕааҥҥы мэдиссиинэ эмигэр найыланаллара баар суол. Оттон эминэн-томунан дьарыктанар бизнес эн чэгиэн буоларгар улахан интэриэһэ суох. Бу орто дойдуга ким барыта, туох барыта бэйэтин интэриэһин өрө тутар.
Дьиҥэ, айылҕа оҥоһуутунан бэйэ эрэ иннин көрүнэн олорор – аньыы. Хараҥа тыыны айар-үөскэтэр, тус бэйэҕэ алдьатыылаах. Холобур, мэйии үлэтин ылан көрүөҕүҥ. Киһи этэ-сиинэ хаһаайынын майгытын хатылыыр. Бэйэмсэх киһи салалтата – төбөтө, мэйиитэ эмиэ бэйэтин эрэ ордук көрүнэр буолар. Ол аата эт-сиин үлэтин тэҥник көрөн, үчүгэйдик, суобастаахтык салайыан оннугар, туох баар хааны-сиини (сиин – лимфа систиэмэ убаҕаһа, уута) бастаан бэйэтигэр ылар. Оччоҕо атын уорганнарга тиийбэккэ, эт-сиин үлэтэ кэһиллэр. Ону таһынан, киһи мэйиитин үлэтэ аһара күүһүрэн, күүрүү үөскүүр, тымыр кыарыыр. Сатаан утуйбат буолуу, наар тоҥ өй ирдэбилинэн олоруу, эт-сиин көрөрүгэр-истэригэр (чувство) кыһаммат буолуу төрдө-төрүөтэ итиннэ сытыан сөп. Оннук киһи олус тоҥуй, тоҥумтуо буолар.
Тымныы