Күн-дьыл билгэтэ. Иннокентий Сосин

Күн-дьыл билгэтэ - Иннокентий Сосин


Скачать книгу
араас үөн-көйүүр олоҕун билэргэ уонна күнү-дьылы билгэлииргэ үөрэннэхтэринэ, бэйэлэригэр туһалаах буолуоҕа. Ол иһин төрөппүттэр, атын да аҕа саастаах дьон, оҕолору бэйэлэрин кытта бииргэ илдьэ сылдьан күн-дьыл уларыйыытын туһунан биллэрэр эбээһинэстээхтэр. Оччоҕо оҕолор бэйэлэрэ айылҕа элбэх кистэлэҥин арыйыахтара, хамсыыр-харамайдар, үүнээйилэр олохторун туһунан урут билбэтэхтэрин билиэхтэрэ, көрбөтөхтөрүн көрүөхтэрэ. Устунан тулалыыр эйгэлэрин – айылҕаны таптыырга уонна кини тус бэйэтин кэрэтинэн дуоһуйарга үөрэниэхтэрэ, итиэннэ, кылаабынайа, айылҕаҕа олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһар буолуохтара. Киһи буола ситэллэрин саҕана, чахчы даҕаны, үрдүк экологическэй култууралаах, төрөөбүт төрүт дойдуларыгар тапталлаахтык сыһыаннаһар дьиҥнээх патриот буола улааталларыгар тирэх буолуоҕа.

      Ол да иһин оҕолор, эдэр дьон, күнү-дьылы билгэлии үөрэниҥ, оччоҕо эһиги иннигитигэр айылҕа бэрт элбэх кистэлэҥэ арыллыаҕа. Кинилэр олохторун туһунан урут билбэтэххитин, аахпатаххытын билиэххит. Айылҕаны таптыырга, кини кэрэтинэн толору дуоһуйарга үөрэниэххит, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһар буолуоххут.

      ҮҮНЭЭЙИНЭН БИЛГЭЛЭЭҺИН

      Үүнээйи, көтөр-сүүрэр, үөн-көйүүр арааһа уонна айылҕа атын да көстүүлэрэ күн-дьыл уларыйыыларын эрдэттэн билэр дьоҕурдаахтар. Холобур, ардах буоларыгар ходуһаҕа хадьымалтан уу бырдаҥалыыр, охсуллар от төрдө сымныыр. Тулаҕар үөн-көйүүр хойдор, кыра чыычаахтар иһийэллэр, тураахтар, атын да көтөрдөр салбаҕыраллар, көтөллөрө бытаарар. Буруо алларанан устар. Оттон кураан буоларыгар көтөрдөр сэргэхсийэллэр, сырыылара түргэтиир. От-мас сэргэхсийэр, сибэккилэрэ тахсар, үөн арааһа элбиир, барыылара-кэлиилэрэ түргэтиир, сыыдамсыйар.

      Билигин сир үрдүгэр баар үүнээйи 400-чэкэ көрүҥэ күн-дьыл уларыйыытын эрдэттэн билэллэр диэн үөрэхтээхтэр этэллэр. Үүнээйи син биир тыынар тыыннаах, бэйэтэ олорор олохтоох: аһыыр, сайдар, үүнэр, улаатар, сибэккилэнэр, сиэмэлэнэр кэмнээх, тиһэҕэр кэрэ бэйэтэ кэхтэр, устунан өлөр дььылҕалаах.

      Ол сиэринэн үүнээйилэр олохторугар күн-дьыл усулуобуйата, туруга быһаччы дьайар. Холобурун ылан эттэххэ, уһун кэмнээх курааннарга үүнээйилэр хатан-кууран кэхтэллэр, үүнүүлэрэ бытаарар. Оттон өҥ, угут дьылларга кинилэр торолуйан тахсаллар. Тымныыга сайдыылара бытаарар, хаһыҥҥа үлүйэллэр, салгыы кэхтэллэр. Тыал, тымныы үүнээйи сүрүн аһылыгын, сир сиигин, салгыҥҥа көтүтэр, кураан буоллаҕына, куурдан кэбиһэр, онон үүнээйи салгыы үүммэт, сайдыбат.

      Биһиги үүнээйи уу тыыннааҕын туһунан бэрт үчүгэйдик билэбит. Кини силистэринэн ууну уонна сууралла сылдьар минеральнай туустары ылар. Онон үүнүүтэ түргэтиир.

      Кураан уһаары гыннаҕына, харас мас сэбирдэхтэригэр элбэх тойон ыҥырыа, тигээйи, сахсырҕа мустар, сүмэтин уулууллар. Мантан сиэттэрэн өтөрүнэн ардах түһүмээри гыннаҕа диэн билгэлииллэр. Оттон ардах чугаһаатаҕына, харас ыалдьыта аҕыйыыр, төрүт даҕаны суох буолар, ол оннугар хаптаҕас, моонньоҕон угар элбииллэр.

      Сорох


Скачать книгу