Муора арыытыгар олох. Сэмэн Тумат
да өр буолан баран аҕам дьэ кырса истээх үтүлүгүн кэттэ, көхсүн этиттэ, ол кэннэ сыарҕаны нэһиилэ тутан турар тарыыр маһы эрчимнээхтик төлө тарта. Бугуһуйбут ыттар ыйылаабытынан түһүнэн кэбистилэр. Тула баар дьиэ-уот соҕотохто элэгэлдьийдэ, дьэргэйэ түстэ. Ыраас хаар өрүкүйбүт будулҕана сирэйгэ типтэ. Бөһүөлэк дьиэлэрэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр, ытыс иһигэр кумуйа туппут курдук, ыраатан кыччаан көһүннүлэр. Туундара киэҥ иэнэ харах ыларын тухары үрүҥ кырса уорҕата сааскы күҥҥэ кылаана оонньуурун саната, иннибитигэр көөчүктэнэн, ыраах caҕaxxa угуйа нэлэһийэ түстэ. Биһиги дьэ өрө тыынныбыт, үөрүүбүтүттэн куустуһан ыллыбыт. Ону сэрэйбит курдук аҕам:
– Айаммыт уһун. Киэһэ уон чаас диэки тиийиэхпит. Эһиги иллэҥ дьон быһыытынан кэпсэтиһэ иһиҥ ээ.
– Aҕaa, xaac кэлэн эрэр дуо?
– Бу да киһи тылын, билигин арыый эрдэ. Аны нэдиэлэттэн ордугунан хааһы көрүөххэ сөп. Былырыын бастакы хааһы Хабырыыс өлөрбүтэ. Ээ, барахсан, сырыыны кыайан сылдьара бэрт. – Аҕам биһиги бииргэ үөрэнэр доҕорбут Ваня Ачикасов аҕатын хайгыы истэ. «Кырдьык да оннук этэ дуу» диэбиттии Гриша мин диэки көрдө.
Сотору кэминэн бэс ыйын бастакы күннэрэ үүнүөхтэрэ. Дьокуускайтан суруйар табаарыс уолбут, арба даҕаны, от охсор күргүөмнээх күн кэлээри турар диэбит этэ. Ол үтүөкэн дойду ото-маһа ситэн-силигилээн, күөрэгэйэ көрүлээн, күөнэҕэ оонньоон, уол этэринэн буоллаҕына, ырай дойдута эбит. Саха дьонун сиэринэн окко киириэхтэрин иннинэ кымыс диэн утаҕы иһэр, сыалаах эти сиир, чэчир анньан, сэргэ туруоран самаан сайыны айхаллыы көрсөр ыһыах диэн улахан бырааһынньыктара буолар диэтэ этэ дуу… Ээ, арба, бөһүөлэккэ олорон куһу-хааһы көрбөккө аһарбыт буоллахпытына, ону муора арыытыгар ситэн көрүөхпүт. Уо, ийэм! Төһө эрэ аҕынна буолла, бырааттарым… Эмискэ сыарҕа тохтуу түстэ. Гриша төбөтүнэн түөспэр анньылынна, ону кытта тэҥҥэ санаам утаҕа быһа ыстанна.
– Оҕолоор, манан дойду сирэ бүттэ. Мантан инньэ тоҥмут Хотугу муора саҕаланар. Көрөҕүт дуо, ол хамсыыр харалары? – Аҕам ыйарын хоту көрбүтүм, туох эрэ харалар бытаан баҕайытык сыыллаллар. Ол кэннэ эмискэ ханна барбыттара биллибэккэ маҥан хаарга тимирэн хаалар курдуктар.
– Аҕаа, ол туохтарый?
– Ити буолаллар эһиги сайыҥҥы доҕотторгут. Кимнээхтэрин онно көрүөххүт. Ити кыыллар киэһэ отуу уотун, муусуканы олус диэн сөбүлүүр суоллара, ууттан былтас гынан тахсан тиийэн кэлээччилэр, хата, соһуйбат-өмүрбэт буолуҥ.
– Түлүөннэр! Түлүөннэр! – таба таайбыт үөрүүтүттэн, омунуттан Гриша мэктиэтигэр өгдөҥөлөөн ылла.
– Чэ, оҕолоор! Ыттар сынньана түстүннэр. Бастакы уохтарыгар наһаа омуннаахтык түһэн күүстэрэ тахсан хаалааччы, ону тыын ыллара түһэр үчүгэй буолар баҕайыта.
Ыттар уоскуйан, сорохторо хаарга күөлэһийдэ, сорохторо тарбанан атахтара эйэҥэлии олордо, сорохторо муораттан кэлэр сыты ылан тэһийбэтэх-тулуйбатах курдук улуйан бардылар.
– Көр, ити, түлүөннэр – муора кыыллара хайдах ууһуулларын билэҕит дуо? Дьыл бу кэмигэр ууһаан, ити оҕолорун барахсаттары чэччитэ мууска салгылыы,