Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт
Дьиэ кэргэн биир саамай харыстаан туттар, оҕоттон оҕоҕо бэриллэр илимнэрэ, муҥхалара ампаартан мээнэ тахсыбат буолбуттара. Ол оннугар «биир күннээх» Кытай илимнэрэ дэлэйбитэ. Ону даҕаны харыстыы үөрэммит балыксыттар сыа-сым курдук тутан, абырахтыы-абырахтыы, хастыы эмэ сыл тутталлара. Харахтаан көрбөтөх араас бултуур тэриллэрбит ырыынагы, маҕаһыыннары ыһан кэбиспитэ. Оччолорго мөлүйүөнүнэн харчыны аахсар буоламмыт, сыана да ол сиэринэн этэ. Биирдэ табаарыспыт соҕуруу сынньана бара сылдьан, икки устуука бэйэ-бэйэни кытта кэпсэтэр рацияны аҕалла. Ити кэмнэргэ суотабай төлөпүөнү түһээн даҕаны көрбөт этибит. Сөҕүөхпүт иһин, 1,5 биэрэстэҕэ диэри кэпсэтиэххэ сөп диэн суруктаах. Оччолорго булка илдьэ сылдьарга аналлаах итинник тэриллэр атын дьоҥҥо бааллара дуу, суоҕа дуу – биллибэт.
Ол күһүн кус көҥүлүгэр тэринэн, бултуу бардыбыт. Икки массыынанан сылдьабыт, массыына аайы биирдии рациялаахпыт. Олус бэрт, кэпсэтэ иһэбит. Ыраас сиргэ син балачча ыраахтан хабар. Арай ханаалын арыый сыыһа туттахха, арааһы барытын хабар. Ордук ГАИ, милииссийэ ханаалыгар киирэн сордуур. Ол да буоллар, инникилээн иһэр массыыналаахтарбыт суолга туох буоларын кэпсии иһэллэр. ГАИ-лар ханна тоһуйан туралларын, тугу көрөллөрүн, ханна тохтоон күүтэллэрин эҥин. Оттон кустуурга киэҥ-куоҥ эбэлэри икки өттүнэн эргийэргэ, күрэтиһэргэ абыраллаах тэрил буолбута. «Урут рацията суох хайдах бултаабыппытый?» диэх курдук. Ити гынан баран, тиэхиникэ буоллаҕа, хабар-хаппат сирдээх, хардьыгынаан, чуһууран, сороҕор саҥата улаатан соһуталыыра. Онтон сылтаан араас көр, дьээбэлэһии бөҕө.
Биирдэ, сарсыардааҥҥы ытыы бүтэн, уолаттар отууга тахсан кутаа оттон, чэй оргутан, Потап биһикки тахсарбытын кэтэһэн олороллоро. Сарсыардааҥҥы чуумпуга биһигини ыҥыран үөгүлүүллэрэ ыраахха диэри дуораһыйан иһиллэрэ. Потап эрэһиинэ тыынан сылдьан кус хомуйара, эбиитин хойобул буолбут кустары аа-дьуо мин туһаайыыбынан үүрэн иһэрэ. Туман саҥа көтөн эрэрэ. Иккиэн рациялаахпыт. Бу түөлбэлээн сытар Эбэбит наһаа оннук улахана суох. 5–6 киһи кус киирэр-тахсар аартыктарын маныы төгүрүччү турдаҕына, сөп буолабыт.
Сотору-сотору рациям тиллэн хардьыгыныыр, араас тыас-уус быыһыгар: «Прием, прием. Кустар бардылар», онтон сыыгыныы түһээт: «…201, 201, истэҕин дуо? Нүөмэрэ суох массыына ааста. Тохтотуҥ! Тохтотуҥ! Как слышно, прием», – диэн ыксаабыт куолас иһиллэн ааһар. «Уҥа өттүгэр кустар түстүлэр. Көрдүҥ ини, көрдүҥ ини?» – диэн саҥа быста-быста кэлэр. «Көрөн, көрөн, кустаргын үөскэ киллэримэ», – диэн киһибэр көх-нэм буолабын. Ол быыһыгар киэҥ куйаартан нарын ырыа эйээрэн ааһар. «¥үрэн иһэбин, үүрэн иһэбин. Бэлэмнэн», – диэн хамаанда иһиллэр. Өйдөөн көрбүтүм, уҥа өттүбэр баар кыра от арыыга хас даҕаны кус ньыкыйыахтарынан ньыкыйан, устан киирдэ. Ити арыыттан мин диэки уһуннулар даҕаны, килэгир ууга тахсыахтаахтар. Саа ылар сиригэр киллэрэн, хоһулаан ытарга бэлэмнэнэбин. «Аа-дьуо эрдин. Уҥа өттүбэр баар арыыга киирдилэр. ¥өс өттүнэн күөйэ эрдээр», – диэн киһибэр рациянан сэрэнэ соҕус саҥарабын. Сотору буолаат, арыыттан кустар биир-биир тахсан