Суостаах кэм өргөһүгэр. Сыгына
сылдьаайаҕын, кэргэн тахсан, олохто олороор», – диэхтээбитэ.
Холкуос сүөhүтэ кыстыгы ahapa кырыымчыктык кыстыыра сабаҕаламмыта. От былаанын аҥаара эрэ оттоммута, ону да төрдүгэhэ, иҥэмтиэтэ cyoҕa буолбута, аhыҥа сиэн иэдэппитэ. «Сырдык суола» холкуос бырабылыанньата, бэрэссэдээтэл Андрей Семенович ыксааннар, нэhилиэк күөллэрин, хомустарын салааны да ордорбокко ходуйарга, үрэххэ былах, хатыҥ мастары суулларан намчы лабааларын быhан, сүөhүгэ сиэтэргэ эппиттэрэ. Анал биригээдэ тэрийэн, хатыҥ лабаатыттан сиилэс охсон барбыттара. Ол дьаhалы ылынан Силип оҕонньор бэйэтин алааhын бөдөҥ күөлүн хомуhун ходуйа сылдьан, дулҕаттан иҥнэн тымныы ууга таҥастары-майдары бар гына түспүтэ.
Киниэхэ көмөҕө Лэгиэни ыыппыттара түбэhэ кэлэн, уот оттон, онно иттэн, оҕонньор, хата, тымныйбатаҕа. Лэгиэн уус бу эрэ күн хомус ходуйа кэлбитэ. Дьиҥэр, бэйэтин тустаах үлэтэ өрүү элбэҕэ, уус киhи уhанар кыhата хаhан да сөҕүрүйбэккэ өрүү кытыаста кыыhара. Тимири балталыыр чыҥырҕас тыас быыстала суох тибийэрэ.
– Ыччыы-ычча, Лэгиэн, кэлбэтэҕин буоллар, өтөр кыайан уот оттуммакка, тоҥон тымныйыам эбитэ буолуо. Онтон сылтаан кырдьаҕас мөлтөх киhи атахпын тэҥниэм ыраахтан буолуо суоҕа эбитэ ини. Ыччакайбын даа, ыччакайбын! – Силип уокка саба түстэ, үлүйэн бабыгыраа да бабыгыраа буолла. Кини, Лэгиэн иккис ыстаанын кэтэн, бэйэтин киэнин уокка сарахыта ыйаата.
– Силип, ыл, итиитэ киллэр, чэйдэ ис, тута ириэҥ, – диэн Лэгиэн саҥа оргуйбут чэйдээх куруусканы уунна.
Силип Лэгиэнниин араа-бараа буолуохтара, apaaha, саастарынан aҕыс уончалара. Дьыл-хонук диэбиккэ дылы, саас ыраатан, уҥуох ыараабытын дьэ өйдөөбүттүү өрө тыынна. Эдэрчитэ эбитэ буоллар ити дyлҕaҕa, силискэ иҥнэн бэрт. Хата, хотуура туох да буолбатах. Силип сээкэйи-үгүhү баллыгырыы, былыргытын үөтэрэн ахта, кулуhунун аттыгар таҥаhын эргитэн биэрэ куурда хаалла. Лэгиэн хомус ходуйа күөл диэки баадайа турда.
«Эйэлээх кэм эбитэ буоллар, көмүс күhүн барахсан күлүмүрдээн aҕaй кэллэ диэх эбиппин, ону баара, ыар кэм тымныы xaҕыс күhүнэ санньы-курус кутурҕаҥҥа сууланан, күтүр тыалынан сирэйи-хараҕы үлтү сабаан турда эбээт», – диэх санаа Үүйэ өйүгэр охсулунна. Кини тоҥмуттуу кумуччу тутунна, иннин хоту күүстээх тыалы силэйэн эрдээхтик хардыылаан истэ. Кини аҕатынаан оттук мас тиэйэн иhэллэр. Кыыдааннаах кыhыҥҥа бэлэмнэнэн оскуолаҕа уонна интэринээккэ, тустаах үлэ таhынан, оттук мас бэлэмнээн тиэйэн киллэрии улахан дьоҥҥо эбилик үлэ быhыытынан түhэриллибитэ. Ол чэрчитинэн Үүйэлээх бу иhэллэр. Кинилэр хомуллубут бааhына кытыытынан ааhан иhэн көрбүттэрэ, бааhына ортотугар дьон сылдьара. Хонуу үлэтин биригэдьииринэн саҥа анаммыт Киргиэлэй Бөтүрүөп, дьон кинини Торгуйунан билинэр, күргүйэ киэhээҥҥи дьыбарга оргуйан олороро. Туох буоллаҕай диэн чугаhаан кэлбиттэрэ, кытыы алааска олохтоох сэриигэ баран уоттаах кыргыhыыга өлбүт Дьөгүөр кэргэнэ Кэтириис уончаларын ааhан иhэр уоллаах кыыhынаан ытаhа тураллара. Торгуй кыыла турбут сирэйдээх-харахтаах, субу саба түhэн тырыта тыытыах кырбый кыыллыы, кырыктаахтык кыбдьырына сутуругунан салгыны