Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ. Группа авторов

Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - Группа авторов


Скачать книгу
эбит. Олус кэрэ сэбэрэлээх эдэр дьахтар баара кэргэнин туоһуласпыт да, биһиги дьоммут көрбөтөх буолан биэрбиттэр. Ас бөҕөнү аһаан, сылайан, сылаалара киирэн, бу үүтээҥҥэ хонон ааһарга сананаллар. Быраата урут сытар. Убайа көрдөҕүнэ, арай дьахтар: «Эн биһикки бу эрэ түүн бииргэ буолуох», – дии-дии тас таҥаһын устан, күөгэйэр күнүгэр сылдьар уола хаан сүрэҕин өрүкүтэн, хаанын хамсатан, уохтаах таптаһыыга угуйа ыҥырбыт. Ол мүччүргэннээх мүнүүтэлэргэ эт сүрэҕинэн туох эрэ бэрдэ суоҕу сэрэйэн, тутан турбут луоскатын сиргэ түһэрдэҕэ буолан, төҥкөйө биэрбитэ, дьахтар атаҕа буолбатах, туох эрэ иэмэ-дьаама өйдөммөт бар түү эт көстүбүт. Дьэ, онно эрэ өйдөөбүт, урут оҕо эрдэҕинэ эһэтэ сир-дойду сибиэнэ кэрэ субалаах кыыс-дьахтар буолан кубулунан булчуттары бултаһарын туһунан кэпсиирин. Сорсуннаах сонордьут хаана таайан, булугас өйө киирэ охсон: «Дэлби долгуйуох курдукпун, билигин киириэм, тахсан табахтыы түһүөм», – диэбит, түргэн үлүгэрдик быраатын уһугуннарбыт, дьэ уонна сирэйдэрин хоту куотаннар этэҥҥэ быыһанан, бүтүн оҥорууламмыттар.

(с) К.В.

      Хам хаппыт мастан буолуо…

      Покровскай сирэ-уота үтүөкэн, кэрэ айылҕалаах, бастыҥ-мааны дьонноох сир. Мин эбэбэр сотору-сотору тахсааччыбын, кини даачата өрүс үрдүгэр турар. Манна дьиэлэр ойуур быыһыгар тутуллубут буоланнар кэрэ көстүүлээхтэр. Дьиэлэр кэккэлэһэн турар сирдэриттэн тэйиччи соҕус былыргы аппа баара. Тоҕо эрэ кэнники кэмҥэ бу диэки киһи соччо ылбычча өйдөөбөт түгэннэрэ тахсар буолбуттара.

      Биирдэ атырдьах ыйын хабыс-хараҥа киэһэтигэр табаарыһым чугас ыалларыгар олорбут. Түүн үөһүн саҕана эбэтэ субуоннаабыт: «Түргэнник дьиэҕэр киирэ оҕус, дьиэбитигэр ким эрэ баар курдук хаамар тыаһа иһиллэр, кими эмэ илдьэ кэл», – диэн. Уол ыала уолу кытта бэрт түргэнник сүүрэн кэлбиттэр да, ким да суох эбит. Ол эрэн чуумпуран ылбыттарыгар ким эрэ ытыыра иһиллибит. Сиэбиттэн банаар ылан тыктарбыта, биһиги тэлгэһэбитигэр көхсүнэн буолан, тобук тардыстан ким эрэ иэҕэҥнии олорорун элэс көрөн аһарбыт.

      – Манна ким баарый?! – дии-дии өссө төгүл банаарынан тыктарбыт да, ким да суох эбит. Хайдах-хайдах баҕайыный дии санаатар да, доҕор уолун дьиэтигэр утааран, утуйардыы оҥостубут.

      Уол эбэтэ биир сарсыарда бэрт эрдэ таһырдьа тахсыбыт. Эмээхсин санаатыгар ким эрэ баар уонна бэл тыынара иһиллэр курдук эбит. Хас да төгүл киирэн-тахсан көрбүт да, ким да суох буолан иһэр…

      Нэдиэлэ курдугунан эксээмэннэрбин туттаран бүтэн, уһун өрөбүлбэр кэлбитим. Биһиги дойдубутугар урут-уруккуттан кулуһун оттон баран, өрүс үрдүгэр олорон, саҥа күнү көрсөр үгэстээхпит. Итинник күөрэйэ ойон тахсыбыт күммүтүн көрсөн баран, сарсыарда биэс саҕана уһаайбабытыгар турар кыра дьиэҕэ утуйа барбытым. Бу сайыҥҥы дьиэ буолан судургу тутуулааҕа, истиэнэлэрэ хаптаһын этэ. Дьэ, саҥардыы утуйан истэхпинэ, ким эрэ бэрт күүскэ дьиэни тас өттүттэн сууралыыр тыаһа иһиллибитэ.

      «Ээ, аттынааҕы ыаллар ыттарын оҕото сылдьар ини», – дии санаабытым.

      Сарсыарда туран көрбүппүттэн


Скачать книгу