Саамай күндү бэлэх. Группа авторов
кыайан-хотон куоратыгар төннүбүт. Кини охсуһууга харса суох киирсэн кинини сөхтөрбүт эдэр сэрииһити булан дыбарыаска аҕалалларыгар соруйбут.
– Эй, бухатыыр, эн кимҥиний, хантан сылдьаҕын, хайаларын уола буолаҕын? – диэн ыйыппыт ыраахтааҕы Бахадыртан. – Эн хоодуоттук кииристиҥ уонна кыайан-хотон таҕыстыҥ. Билигин тугу баҕараргын барытын көрдөө!
Уол кистээбэккэ ыраахтааҕыга санаатын барытын кэпсээбит. Ыраахтааҕы кыыһын ыҥыртарбыт. Бахадыр уонна Доно көрсүһэ түһээт, үөрүүлэригэр буолан, дөйөн хаалбыттар.
Ыраахтааҕы дыбарыаһыгар үөрүүлээх уруу түөрт уон күннээх түүн тэбэн туран ньиргийбит. Түөрт уонус күннэригэр ыаллыы хаан ыраахтааҕыга эйэлэһэр, тупсар курдук тиийэн кэлбит. Кини чааскылаах күндү арыгыга дьаат кутан баран, ыраахтааҕы иһэригэр көрдөспүт.
Ыраахтааҕы иһээри гыммытын Бахадыр тохтоппут уонна ыалдьыкка эппит:
– Күндүлүүр киһи бастаан бэйэтэ амсайар баҕайыта.
Ыалдьыт хаан арыгыны, испэккэ эрэ, көбүөргэ тоҕо ыспыт. Ол эрэ кэнниттэн ыраахтааҕы ыалдьытын санаатын өйдөөн уордайбыт. Ыраахтааҕы ыалдьыта буолан, кинини өлөртөрбөтөх. Ол оннугар үүрэн таһаарарга уонна куоракка хаһан да киллэрбэккэ сорудахтаабыт.
– Хайҕаллаах эдэр киһи, эн харса суох сэрииһиккин, ону таһынан өссө муударай сүбэһит эбиккин, – диэбит Бахадырга ыраахтааҕы. – Ол иһин мин эйигин бэйэм сүрүн көмөлөһөөччүбүнэн аныыбын.
Бахадыр, ыраахтааҕы сүрүн көмөлөһөөччүтэ буолаат, муударай өйүнэн, чиэһинэйинэн уонна кырдьыгы көрөрүнэн норуокка аатырбыт.
УУЛААХ ҮС КУПСУУН
Бэрт өрдөөҕүтэ биир дойдуга сүрдээх иҥсэлээх уонна акаары шах баһылаан олорбут. Байан истэҕин аайы, өссө байыан баҕарар эбит. Норуота быста дьадайбыт, оттон баһылык иҥсэтэ-обото өссө күүһүрэн испит. Дьоно аһылыга суох буолбуттар, баһылыктара буоллаҕына өссө хайдах гынан байыан саныыр.
Толкуйдаан-толкуйдаан баран, дьэ маннык тобулан таһаарбыт: «Кырдьаҕас дьон тоҕо мин судаарыстыбабар олороллоруй? Кырдьар диэн – кырыыс. Кинилэр үлэлиир кыахтара суох, оттон ас көрдүүллэр. Кырдьаҕастары мин дойдубуттан үүрүөххэ баар, оччоҕо эрэ миэхэ өлгөм баай-талым тиксиэ», – диэн быһаарбыт. Ылбыт да кырдьаҕас дьону барыларын судаарыстыбатын бүтэһик сирин бэлиэтиир таас анараа өттүгэр кураайы сиргэ үүрдэрбит.
Бу дойдуга биир үтүө киһи олорбута үһү. Туохха да иҥсэрбэт, кыһыл көмүһү да муспат. Кини муударай уонна үтүө санаалаах улуу оҕонньор аҕалаах эбит. Аҕата уолун бэйэтин курдук гына ииппит.
Үтүө киһи аҕатын бу судаарыстыбаттан утаарар күннэрэ тирээбит. Кини, улахан санааҕа түстэр да, иҥсэлээх баһылык дьаһалын утарар кыаҕа суох эбит. Аҕата оҕонньор уолугар: «Кырдьар диэн кырыыс дииллэрэ кырдьык эбит», – диэбит. Барбыттар өр дуу, өтөр дуу айаннаан, таас сытар сиригэр тиийэн кэлбиттэр. Кинилэр олоруохтаах сирдэрэ ити таастан ылата саҕаланара үһү. Уол аҕатыныын ол тааска олорбуттар.
– Аҕаа, – диэн үтүө киһи ыйыппыт, – эн билигин туох туһунан санаатыҥ?
– Тоҕойуом, мин санаатым: кэлин шах уола шаҕы бэйэтин