Дьикти түбэлтэ. Василий Охлопков
сыппыта. Хаарыан бэйэлээх куораттар көрүөх бэтэрээ өттүгэр күл-көмөр буолалларыттан уол сүрэҕэ ыалдьара. Биирдэ өстөөҕү урусхаллаары түүн кимэн истэхтэринэ, уол атаҕар таптарбыта. Хаана баран, тыын быһаҕаһынан тыына сыттаҕына, кини дьолугар, санитар нуучча уола түбэһэ көрөн, кыргыһыы толоонуттан сүгэн-соһон таһаарбыта.
Госпитальтан тахсарыгар быыһаабыт санитарыгар махтанан, ийэтэ атаарарыгар биэрбит аҕатын саха быһаҕын бэлэхтээри гыммытыгар күлэн кэбиспитэ.
– Мин иэһим буоллаҕа. Бэйэҥ илдьэ сырыт, аҕаҥ быһаҕа эйигин мэлдьи араҥаччылаатын, өлүүттэн быыһаатын.
Кырдьык да оннук быһыылааҕа. Биирдэ чааһыттан уонча киһини чуҥнааһыҥҥа ыыппыттара. Ол иһигэр Миисэ баара. Кинилэр «Урал» массыынанан баран истэхтэринэ, ньиэмэстэр артиллериялара массыынаны тоҕо тэптэрбитэ. Уон киһи баарыттан иккитэ эрэ тыыннаах хаалбыта. Суоппар уонна кини… Госпитальга: «Толору дьоллоох уол эбиккин. Иккиһин төрөөтүҥ», – диэбиттэрэ. 1943 сыллаахха Миисэ сэрииттэн эргиллибитэ.
Дойдутугар сураҕа суох сүппүтүн туһунан «хара сурук» кэлбит этэ.
Ийэтэ эрэйдээх уолун кууһан туран ытыырын быыһыгар:
– Оҕом толору дьоллоох эбиккин, уот сэрииттэн тыыннаах эргилинниҥ. Мин баар суох күндү киһибин сүтэрэн, хараҕым уутунан сууна олорбутум…
Миисэ саҥата суох ийэтигэр икки сылы быһа илдьэ сылдьыбыт аҕатын быһаҕын туттарбыта.
– Оо, аҕаҥ эрэйдээх быһаҕа… араҥаччылаатаҕа, – ийэтэ быһаҕы сүрэҕэр ыга туппута.
Дьулуур
Дьулус спордунан дьарыктаныан баҕарар эрээри сүрэҕинэн мөлтөх. Өр сүүрдэҕинэ, мэниктээтэҕинэ, түөһүн иһиттэн уһулу көтөн тахсыах курдук толугуруу мөхсөр, эппэҥнэс буолар. Төрөппүттэрэ спордунан дьарыктанарын көҥүллээбэттэр, соҕотох оҕо буолан, харах харатын курдук харыстыыллар.
Дьулус тустуук буолуон баҕарар, «Дьулурҕан» хаһыаты сөбүлээн ааҕар. Саха сирин ааттатар тустууктары барыларын билэр. Кинилэр тустарынан матырыйааллары хаһыаттартан, сурунааллартан кырыйан ылан, уопсай тэтэрээккэ сыһыаран, тиһэн иһэр. Оннук гынан хайыы-үйэ үс халыҥ тэтэрээттэннэ. Дьулус ордук Леонид Спиридонов курдук буолуон баҕарар, барыларыттан кинини ойуччу тутар. Леонид ааспыт сайын Олимпийскай оонньууга хотторбутугар санаата түспүтэ, тэлэбиисэри көрө олорон, бэл, хараҕын уута тахсыбыта.
Ахсыс кылааска тахсаат, дьонуттан кистээн тустуу секциятыгар суруйтарбыта. «Доруобуйата кыайара буоллар, бэртээхэй тустуук тахсыа эбит» дии саныыра тириэньэрэ. Биирдэ эрчиллэ сылдьан, кулгааҕын тоһутан кэбистэ. Ону дьоно билэн, «ыарыһах оҕону эрчийэҕин» диэн тириэньэригэр эрийэн айдаардылар.
Дьулус ити кэннэ эрчиллэн бүппүтэ, хайдах эрэ тириэньэрин иннигэр буруйдаах курдук сананара. Александр Никитич да кинини дьарыкка ыҥырбат буолбута. Ийэтин күһэйиитинэн араас эминэн-томунан уһуннук эмтэммитэ. Күннээҕи дьыалата: сытан эрэ кинигэ ааҕыы уонна көмпүүтэргэ оонньооһун.
Ол курдук Дьулус оскуолатын этэҥҥэ бүтэрээт, үрдүк үөрэх кыһатын биология салаатыгар туттарсан