Дьолло бэлэхтээ, Сэргэлээх. Аркадий Дорофеев
Лидалаах, дуосканы бэрт суһаллык көрбөхтөөт, тахсан бараллар. Ол курдук, үөрбүттэрин-хомойбуттарын биллэрбэт майгылаах бара тураллар. Кинилэр кэннилэриттэн били ытаабыт кыыс баран эрэр.
Сима илиинэн суруллубут бэрт уһун боротокуолга бэйэтин аатын көрдүүр. Унаарап…Унаарап, ээ, бу. «Биэһи» туруорбуттар эбит. Һуу, хата. Ыттыы үүрүллэн хаалыы уонна биэс икки ардылара чугас да эбит! Бу олоххо киһи мэлдьи бэйэтин билиитинэн, бэйэтин бэрдинэн эрэ сылдьыбат эбит. Сатаан сылдьыы, табыллыы мэлдьи даа сэргэстэһэ сылдьар ээ, бадаҕа. Бэҕэһээ ити лиис кумааҕыттан сылтаан, үүрүллэн хаалбыта буоллар, быйылгы абитура бүтэр дии!
Сима, тоҕо эрэ, аны «Л» буукубаттан тахсыах ааттаах кыргыттар сыаналарын көрөн барар. Бачча элбэх киһиттэн Л-тан ааттаах алта кыыс баар эбит. Кинилэргэ икки түөрт, үс үс уонна биир бырабаал…
– Хайа, ааккын булумаары гынныҥ дуу? – аттыгар саастаах киһи кэлэн турбут эбит.
– Ээ, таах, бэйэм, – уол тахсан барар.
Эксээмэннэр күннэтэ ыытыллыбаттар. Икки ардылара хас да күн арыттаах буолар. Ол күннэргэ күүскэ бэлэмнэммэхтээн хаалыахтааххын. Бу кэмҥэ аны консультациялар бааллар. Онно, тоҕо эрэ, элбэх киһи сылдьыбат. Кимиэхэ хайата табыгастааҕынан бэлэмнэнэн эрдэхтэрэ.
Ахсааны тылынан туттарыыга Сима, хайдах эрэ арыллан, чуолкайдык кэпсиир. Эксээмэни икки эдэр дьахтар, кинилэри кыргыттар да диэххэ сөп, туталлар. Кинилэр биирдии эбии ыйытыыны биэрэллэр. Онно Сима кылгас, чуолкай эппиэттэри биэртэлиир. Бу эксээмэҥҥэ кини «биэһи» ылар. Синицина уонна биирдэрэ Арендарчук диэн дьиибэ араспаанньалаах преподавателлэр илии баттаабыттар. Тахсар ааҥҥа ыы муннунан Лидаҕа кэтиллэ сыһар. Кыыс киирэн хаалар. Сима, Лида туттаран тахсарын кэтэһиэх киһилии, көрүдүөргэ хаамыталыыр. Ол сырыттаҕына, манна, абитура кэмигэр саҥа билсибит уолаттара көтүөккэлэһэн киирэллэр. Киниттэн хайдах туттарбытын, тутааччылар кимнээхтэрин сураһаллар.
– Унаарап, абааһы киһигин быһыылаах. Уол «биэһинэн» саайан иһэҕин, – уолаттар эр-биир илиилэрин биэрэн, эҕэрдэлииллэр.
Ол кэннэ, истиэнэҕэ өйөнөн, кинигэлэрин арыйбахтаан бараллар. Билигин хас чаас-мүнүүтэ күндүркэйбит кэмэ.
Тоҕотун бэйэтэ да билбэккэ, көрүдүөр устун хаамыталыыр Сима уол, Лида бүтэн тахсар кэмэ чугаһаабытыгар улам дьулайан, сээбэҥнээн барар. Бу төрүкү билбэт кыыһыгар тоҕо кэтэһэн турабын диэҕэй? Сатамньыта суохха дылы. Ээ, чэ, киирдэхтэринэ, биэс сылы быһа билсиэхтэрэ турдаҕа. Уол оптуобус тохтобулугар тахсар.
Абитура кэмигэр ийэтинэн аймаҕа Матрена Алексеевналаахха түспүтэ. Күтүөт Сэргэй ханна эрэ, куорат тэрилтэтигэр буҕаалтыр, эдьиийэ оскуолаҕа омук тылын үөрэтэр. Кинилэр үс оҕолоохтор: улахан уол быйыл иккиһи бүтэрдэ, кыыс бу күһүн оскуолаҕа киириэхтээх, кыра уол – дьиэ киһитэ. Бэйэлэрэ-бэйэлэригэр букунаһа сылдьар дьоһун дьон. Киэһэтин, «убаай, остуоруйалаа» диэн хаайдахтарына, кыра уолу түһэҕэр, икки улаханы икки өттүгэр олордон, Сима билэр остуоруйаларын кэпсиир. Кини Арыылаах оскуолатыгар үөрэнэр