Соргу көтөҕүүтэ. Павел Харитонов-Ойуку
уҥуохтара
Томтордору толорбуттар.
Онтон үүммүт титириктэр
Баараҕай тииттэр буолбуттар.
Сорохторо – муҥурааттар
Сууллубаттыы турбуттар.
Хаҥыл аймах хаҥаластар
Ханыылаһан кэлбиттэр.
Дуоҕалардаах кылыстар
Киэҥ аартыгы тэлбиттэр.
«Уруу – ырааҕа, уу – чугаһа»
Ити кэмтэн этиллибит.
Баай күөл тула Хаҥ ууһа
Тарханаата тэриллибит.
Күүстээх албан ааттара
Кэнтик ахсын хаалбыттар.
Кинилэртэн эллэнэннэр
Хаҥаластар хаҥаабыттар.
Эркээни ыһыаҕа
Сарсыардаттан эрдэлээн
Сатыы, аттаах хомунна.
Эргилиннэ сыл күүппүт
Кылыһахтаах сайыммыт.
Торҕо солко уот кустук
Мырааннары курдаата.
Оһуор-симэх, ойуу-бичик
Күөрэгэйдиин ылласта.
Айааннардаах үрэхтэрэ
Арылыйа сүүрдүлэр.
Таҥара түһэн сатыылыыр
Хочолоро өҥсүйдүлэр.
Орто дойду уһуктан
Олоҥхолуур, үҥкүүлүүр.
Тойон ууһа манна мустан
Түһүлгэлээн ыһыахтыыр.
Ыччат ырыата
Сахаада үрдүнэн сатараан
Саргылаах оһуохай тарҕанар.
Хоһуллар ол онно аан бастаан
Халыҥ уус холбоһук туһунан.
Хос ырыата:
Албан аат, Хаҥалас, эйиэхэ!
Аатырбыт Тыгыммыт – биһиэнэ!
Хаһан да ханыылас, халыҥаа
Хаҥалас аймаҕа барыта!
Кэккэлээ, хаан-уруу Үс Бүлүү,
Кэбээйи, Нам, Таатта, Халыма,
Сахаада туһа диэн, туруоҕуҥ,
Сомоҕо биир ньыгыл буолуоҕуҥ!
Хос ырыата.
Хотойдор көтөллөр үрдүккэ
Хаҥалас кэккэтин хаҥата,
Ыраах да, чугас да буолуоҕуҥ,
Бу ырыа тылларын ыллыаҕыҥ!
Хос ырыата.
Өлүөнэ номохторо
Өлүөнэҕэ олорор
Өрүү дьикти мин санаабар.
Өлбөт мөҥү уутугар
Өксөйөбүн үллэр сааспар.
Үрдүк чымаан очуостарга
Мин күннэтэ ыттарым.
Онно хаалбыт номохторго
Истибиппин буларым.
Килбиэн, чымаан очуостар
Кистэлэҥи саһыарбыттар.
Кынаттаах саһарҕалар
Кинилэри кууспуттар.
Манна таас кыыс таас уоллуун
Ыйдаҥаҕа сипсиһэллэр.
Буурҕа, куйаас да буоллун,
Умнуспакка көрсүһэллэр.
Тахсар күнүм таманыгар
Тапталларын этэллэр.
Киирэр күнүм килбиэнигэр
Килбигийэ кэпсэтэллэр.
Ол уоллаах кыыс таптала
Очуос тааска суоруллубут.
Өлбөт өрөгөй махтала
Үйэлэргэ чочуллубут.
Тарханааттар
Халыҥ хаары хаһаннар,
Хаамар Сиһин туорааннар,
Хаҥыл аттаах, дуоҕалаах
Хаҥаластар иһэллэр.
Халлаан диэки хайыһыҥ —
Хотойдоро чаҥырҕыыр.
Үүт өрүһү батыһыҥ —
Эрдиилэрэ