Буулдьа суола. Май Емельянов
барыта үчүгэй, биһиги ону билэбит. Ол эрэн, миигин кытта барсан дьыалаҕын быһаарыстаххына табыллар.
– Хайдах ыллым да барыамый? Кэргэннээхпин, оҕолоохпун.
– Уоппускаҥ суотугар көҥүллэтэн күннэ ыл. Кэргэҥҥин, оҕоҕун бөһүөлэктээҕи милииссийэҕэ ыҥыр. Биирдэ аһыыр өйүөтэ уонна уларыттар таҥаста аҕаллын, – диэн ханна да ыыппаппын биллэрдим.
Масалова боппуруостарын суһаллык быһаарсан бүппүтүн кэннэ милииссийэҕэ бардыбыт. Дьоно кэлэн атаардылар. Дьокуускайтан суһал сырыылаах теплоход кэмигэр кэлэн Бүлүүлээтибит. Аара, таах иһиэхтээҕэр, туохха түбэспитин туһунан ыйыталастым. Ону кини маннык диэн кэпсээтэ.
Биир балай да тэрилтэҕэ кассирынан үлэлээбит. Тойоно сотору-сотору, туох да докумуона суох кэлин биэриэм диэн, харчы көрдөөн ылар эбит. Сокуоннайа суох биэрэрин Масалова өйдүүр эрээри, начальник этиититтэн тахсыбатах. Ол эрээри, сэрэхэдийэн, араспыыска суруйтаран баран биэрэр эбит. Эмискэ бэрэбиэркэ кэлэн, итэҕэстэрин булан ылбыт. Иккиэннэрин харчыны сиэбиккит диэн хаайбыттар. Харчы биэрбит араспыыскалара баар буолан кинини босхолообуттар уонна итээбит харчыны төлөһөргө быһаарбыттар. Харчылара суох буолан, элбэх хамнастаах сиргэ биһиэхэ үлэлии кэлбиттэр. Кини бу билигин үөскээбит быһыыны ыйыталаста:
– Дьэ, Бүлүүгэ тиийэн, миигин хайыыгытый?
– Хайыахпытый, хаайыахпыт буоллаҕа дии, – кыккыта суох, ыйыппытын курдук, эппиэттээтим.
– Хайдах уоруйах киһи курдук хааллан олоруомуй?
– Хаалларгын ааһан, анарааттан кэлэн, дойдугар илдьиэхтэригэр диэри биһиэхэ олоруоҥ.
– Өссө тутуллан дойдубар барабын дуо?! – ыксаабыт куолас иһилиннэ.
– Дьыала оҥоһуллубут сиригэр хаһан баҕарар быһаарыллар. Ый аҥаарынан, түргэтээтэҕинэ, уонча хонугунан, этап кэлиэҕэ. Уопсайынан, ый курдугунан дьиэҕэр тиийиэҕиҥ, – диэн быһаарабын.
– Эчи, уһунун! Тиийиэхпэр диэри сүүрбэччэ сыл кырдьар буоллаҕым дии… – киһи сэҥээрбэт суолун истэн ытамньыйда, олус харааһынна.
Мин этап айанын эрэйин-саатын туһунан толкуйдуубун, оттон кини букатын да атыны саныыр эбит.
Кырдьык да, оннук буолара чахчы. Биһиги систиэмэбит хамсыыра налыччы буолуо. Кэпсэтии үгэнигэр буолан, куоракка тиийбиппитин өйдөөмүнэ хааллым. Милииссийэҕэ кэлэн, наадалаах докумуоннары толорон, дьуһуурунайга Масалованы туттардым. Дьахтар дьуһуурунай биэрбит аһылыгын хайыһан да көрбөтө.
Василий Дмитриевичкэ сырыым туһунан дакылааттаатым. Хайдах да бу эдэр нуучча дьахтарыгар тугунан эмэ көмөлөһөргө бигэ сананным. Сүүрбэ да сыл кырдьыбатар, өскөтүн этэригэр дылы төрүт да буруйа суох буоллаҕына, суолга халтайга эрэйдэниэ, санаата алдьаныа турдаҕа. Бу дьыалаҕа Масалованы тутан кэлбит киһи быһыытынан кыттыгастаах курдук сананным. Сааттаахтык тутуллан тиийэн босхолонон хааллаҕына, биһиги туспутунан туох өйдөбүл хаалыай?
– Василий Дмитриевич, Масалова тылыттан-өһүттэн иһиттэххэ, отой да буруйа суох быһыылаах. Ыытан кэбистэхпитинэ хайдах