Буулдьа суола. Май Емельянов

Буулдьа суола - Май Емельянов


Скачать книгу
да тоҥнорбун, суоллаан баран истим. Куорат кытыытыгар баар элэктростанция тиэргэнигэр суолум кэлэн киирдэ.

      Быһа хонтуораҕа аастым. Бу тэрилтэ салайааччыта – мин бэркэ билэр киһим. Кузьма Иванович үлэтигэр баар буолан биэрдэ. Дэлби тоҥон киирээт батареяҕа сыстан турдум. Кузьма Иванович сылаас чэй кутан биэрдэ. Үлэ-хамнас туһунан сэһэргэстибит.

      – Уоту биэрэр сүрүн дизельбит алдьанан, саппааспытын холбонон олоробут, – киһим кыһалҕатын кэпсиир. – Владивостоктан оннук мотуору өрөмүөннүүр дьон кэлэн үлэлээбиттэрэ ыраатта. Бүтэрэн эрэллэр.

      – Дьоҥҥун ханна олордоҕун?

      – Манна. «Кыһыл муннукка» үрдүттэн олорон үлэлииллэр.

      Төлөпүөн үрдүгэр түстүм:

      – Суһаллык силиэдэбэтэл Петров электростанцияҕа кэллин, педучилищеҕа баар буолуохтаах. Мин манна хонтуораҕа баарбын, – диэн дьуһуурунайы дьаһайдым.

      Дьонум кэлиэхтэригэр диэри тугу гына олоруохпунуй, Кузьма Ивановичтыын кыһыл муннукка таҕыстыбыт. Таһырдьаттан манна быһа киирэр туһунан ааннаах эбит. Мин бастаатым. Ааны аһан киирбитим, үс нуучча уолаттара ону-маны гына сылдьаллар. Киирэр ааны утары турар олоппоско, уҥа саппыкылаах атаҕын оллооннуу ууран эдэр нуучча уола олорор эбит. Мин уллуҥаҕын көрбүтүнэн киирдим. Ойуута анарааҥҥы суолга олус майгынныыр! Дорооболоһоот, ол уолу ыҥыран, хонтуораҕа батыһыннаран таҕыстыбыт. Кузьма Иванович хонтуоратыгар киирээт милииссийэ сотруднига буоларым туһунан дастабырыанньабын таһааран уолга көрдөрдүм. Туохха кэлэ сылдьалларын, аатын-суолун чуолкайдаан баран:

      – Бэҕэһээ киэһэ ханна сырыттыҥ? – диэн ыйыттым.

      – Суох. Билбэт сирбэр ханна мэнээк сылдьыамый? Хоспутугар олорбуппут, – Поляков ымырыттан да көрбөтө.

      – Бу эн саппыкыҥ дуо? – кэтэн олорор саппыкытын ыйабын.

      – Суох, бу уопсай саппыкы. Ким баҕарар наадыйдаҕына кэтэр. Таһырдьа тахса сылдьаары, сарсыарда кэппиппинэн сылдьабын, – киһим адьас да чугаһатар санаата суох.

      Ити кэмҥэ Иван Ефремович киирэн кэллэ. Бу түгэҥҥэ балаһыанньа хайдаҕын кылгастык билиһиннэрдим. Кэрэһиттэри киллэрэн, Поляковтан саппыкытын устан ыллыбыт. Бэйэтин атын хоско таһааран кэтэһиннэрдибит. Биригээдэ чилиэннэрин ыйыппыппытыттан туһа тахсыбата. Поляков сытар оронун көрүү кэмигэр тэллэҕин анныттан хааннаах биинтэни булан ыллыбыт. Кэтэ сылдьар таҥаһын устан көрбүппүт, хаҥас илиитин быччыҥар туох эрэ сытыынан туора сотуу баар. Силиэдэбэтэл уураах таһааран, Полякову балыыһаҕа илдьэн, илиитин бааһын чуолкайдатта. Экспертизэҕэ анаан хаан ылларда. Ити эрэ кэнниттэн Полякову милииссийэҕэ аҕалан, РСФСР ХПК-н 122 ыстатыйатыгар олоҕуран туттубут. Ити күн элбэх туоһуну, эмсэҕэлэммит кыргыттары доппуруостаатыбыт.

      Поляков буруйун дакаастыыр балай да матырыйаал хомулунна. Ол курдук гипсэнэн кутан ылыллыбыт түннүк аннынааҕы атах суола, онно сөп түбэһэр ойуулаах кэтэ сылдьар саппыкыта. Ону тэҥэ уоруу тахсыбыт сиригэр өстүөкүлэҕэ сыстыбыт хаан уонна кини


Скачать книгу