Чуумпу дьол. Александра Спиридонова
хайыстаҕына, часкыйа түһээт, иэнэ кэдэйэринэн куотара. Хантан уонна сүөһү буостуктаах буолуой!
Хомунаалынайыгар сөптөөх үлэ суох буолбут. Онон ити кыһын милииссийэ иһинэн саҥа арыллыбыт медвытрезвитэлгэ ийэтэ хассыыр-сэкирэтээр миэстэтин булан биэрдэ. Оо дьэ, оттон, үлэ суоҕар үлэ буолаахтаатаҕа. Биэрискэни итириксит барыта уулуссаҕа көрсөн, дорооболоһон ааһар этилэр. Эҥин араас ханньары-мунньары сирэйдээх, өрүү буруйдаах сордоохтор сэкирэтээр кыыһы бэйэлэрин киһилэрин курдук көрөллөрө. Хонон тахсыбыт «өҥөлөрүн» иһин хамнастарыттан биллимтиэ соҕус төлөбүр бу кыыс сиэбигэр түһэрин билбэттэрэ эбитэ дуу?
Ситинник, бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар күн-хонук биир күдьүс ааһан, баран истэ. Үлэтэ – дьиэтэ, дьиэтэ – үлэтэ. Биирдэ эмэ дьүөгэлэриниин үҥкүүгэ сылдьаллар. Эһиил туттарсыахтаах эксээмэннэригэр бэлэмнэнэн кыһаллан олорор да, хайаан да утуйан хаалбыта баар буолар.
…Бу бүгүн сирэр да, хайгыыр да сэбиэскэй кэммитигэр, оҕо ханна баҕарар баран үөрэххэ туттарсан, кэскилин оҥостор баҕатын хааччахтаабакка буола сатыыллара. Сөмөлүөт билиэтэ да аһара ыарахана суоҕа, аһыыр ас букатын да чэпчэки этэ. Биэрэ тастыҥ балта Саанньаны уонна бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Оляны кытта, аны, Ташкеҥҥа тиийэн хаалла. Сөмөлүөт аҕыйахта дьигиһийээт, турунан кэбистэ. Кып-кыра массыына аарыма аалы соһон ханна эрэ илтэ. Араадьыйалара быраһаайдаста, ситиһиини баҕарда уонна хаҥсыа соҕус саҥалаах туспа-туора ырыа онолуйа иһилиннэ. Сөрүүн сөмөлүөт иһиттэн тахсааттарын кытта, баанньык паарданар хоһугар киирбиттии, ип-итии салгын кыргыттары кууста. «ГДР», «Эйр Индия» эҥин диэн суруктаах улахан лайнердар хончоһон тураллар. Кыргыттар, цивилизация кытылыгар тиксибиттэриттэн көнньүөрэн, имнэнсэн ыллылар.
Биэрискэлээх Оля убайыгар, устудьуоннар уопсайдарыгар, тиийиэхтэригэр диэри, халлааннара хара таҥаһы саба бырахпыт курдук, начаас хараҥарда. Уопсайга букатын киллэрбэттэр эбит. Оля убайа Куочук, атын омук уолаттарын кытта, маҥнайгы дуу, иккис дуу балконуттан быа гына баайыллыбыт бырастыыналары түһэрэн, кыргыттары эрчимнээхтик соһон таһаардылар. Араас омук ыччата олорор уопсайдара эбит. Биһиги дьоммутун казах кыргыттара Мадина уонна Айгуль хорҕоттулар. Харчо диэн ип-итии аһары хоргуннаах миини пиалаларга кутан биэрдилэр. Тэлэбиисэрдэригэр киинэ көстөр, «Даурияны» тылбаастаабыттар. Виталий Соломин өйдөммөт тылынан «гыр-гыр-гыры-гыр» диир. Кыргыттар күлсэн быычыгыраһыы бөҕө. Биир кэмҥэ артыыстар уу сахалыы саҥарбыттарыгар туора дойду хайдах эрэ сымнаан, уруулуу быһыытыйда. Уһаппатылар, сарсыныгар кыбартыыра булуна охсон, куортамнаһан онно олорор буоллулар. Оптуобуһунан улахан куораты уһаты-туора экскурсиялаан, онон-манан сундулустулар.
Кэм-кэрдии биллибэккэ ааста. Омук сиригэр үрдүк үөрэх туһа диэн тиксибит кыргыттары орун-оннуларын буллартаан истэ. Оля университекка баалынан хапсыбакка хаалла, быыһыгар Ленингракка баран кэллэ. Эһиилги абитураҕа диэри Ташкеҥҥа хаалардыы сананна, дьиэлээтэҕинэ, баҕар, кыайан төннүө суоҕа, төрөппүттэрэ туох