Эн онно хайаан да тиий. Николай Босиков
сиэлэ буолан таҥнары суккуллар.
– Хайа, хайыыбыт? Ардах бүгүн ааһыа суох, – диэн Тамара ботугуруур.
– Түстэр түстүн. Тура түһүөх. Бэс анныгар туран ардаҕы көрөр үчүгэй, – диибин кэтэхпинэн сүүрэн түһэр ууттан куотуна-куотуна. Өр турбуппут. Ардах бастакы күүһэ ааһан, дьэ холкутугар түһэн, наҕылыйан, түһэрэ биллибэт буолан илибирээн олорор буолбута.
Биһиги бэспит анныттан тахсан оччо тиэтэйбэккэ, сытыйбыт дьон сытыйдахпыт диэххэ айылаах холкутук хаамыстыбыт. Атахпыт анныгар уу бырдаҥалыыр, уу ыһыллар. Биһиги чэгиэнник, дьоллоохтук күлсэбит.
…Булчут балааккатын иһигэр олорон, аһаҕас аанынан, оргууй түһэн ньиккирэтэр ардаҕы одуулуубун, түспүтэ үһүс күнэ. Тохтуох, уоскуйуох быһыыта суох. Син биир холкутун курдук холку, түспүтүн кубулуппакка түһэ турар. Бу сааскы ардах буолбатах, күһүҥҥү ардах. Ол иһин да буолуо, киһи кутун-сүрүн баттыыр. Түүн ордук ыаһыран, хараҥаран кэлэр. Мин харахпын быһа симэн, ол сааскы ардахха, бэс анныгар туран көрбүт харахтарбын, кубабын, уот кыһыл сибэккибин – сүрэҕи көрө сатыыбын да көстүбэт. Хата төттөрүтүн, ханнык эрэ түүллэр, атын дьон утуу-субуу субуһаллар. Биһиги манна, бу Алдан уҥуор, бултуу тахсыбыппыт да, ардахха хааттаран харыс сири хаама иликпит. Ыттарбыт дэлби сытыйан киирэ-киирэ, балааккаҕа түүрүллэ сыталлар. Доҕотторум Мэхээлэлээх Бүөтүр – булчут аллаах дьон. Мэхээлэ сэттэлээх сылдьан бууру, уон түөртээҕэр хардаҥ эһэни өлөрбүт киһи. Кинилэр холкулар. «Ардах аннынан сылдьар куһаҕан» диэн дьиэттэн быкпаттар. Мин омуммар ардах аннынан бултуохтааҕар, уу да ортотунан кэһэн барыах айылаахпын.
Түүн тыалырда. Былытын ньылбы оҕуста. Отун-маһын уутун тэбээтэ. Биһиги эрдэ турдубут. Аттарбытын ыҥыырдаан баран чэйдээтибит. Эргийэн кэлэрдии оҥостон бардыбыт. Халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ чугас соҕус ыт үрэр саҥатын иһиттибит. Онно бардыбыт. Ыттарбыт биир бууру хаайан тураллар эбит…
Балааккабытыгар киэһэ кэллибит. Үчүгэйдик аһаан баран утуйдубут. Ол түүнү быһа өтөр-наар көрбөтөх Тамарабын, сол ардахтаах күнү, сол кубалары түһээн таҕыстым. Дууһам олус чэпчээн, үөрэн уһугуннум. Биирдэ өйдөммүтүм булчут балааккатыгар ат ыҥыырын сыттанан утуйа сытар эбиппин. Олус хомойдум. Балааккабытын дөрүн-дөрүн тыал үргэҥнэтэр. Халлаан быһыыта эмиэ алдьаммыт бадахтаах. Үчүгэй аҕайдык бултатыа суох быһыылаах. Сотору Мэхээлэ уһуктан турда. Уот отунна. Чэй өрдө. Өрбүт чэйбит да ситэ оргуйа илигинэ, хайа үөдэнтэн үүрдэрэн кэлбитэ эбитэ буолла, хаар буккааһыктаах күһүҥҥү күүстээх ардах тоҕо сүөкээтэ. Мин түүлбүн, эдэр сылдьан таптаабыт Тамарабын саныы олордум. Аар тайҕа баһа куугунуур, ардах күүстээх илиитинэн балааккабытын эттиир. Итии чэй иһэн баран, оттуллубут тимир оһох суоһугар таттаран нухарыйа сатыы сытабын. Мин харахпар сып-сырдык уулаах көлүйэ дьэрэлийэн көһүннэ. Мин ол көлүйэҕэ төбөбүнэн таҥнары умсабын. Күн сардаҥатынан ыһыахтана олорор уоттаах сүрэх оннугар, уу өрө ыһылла олорор. Ону мин харах уута дии саныыбын. Амсайан көрдөхпүнэ, тыбыс-тымныы, туустаах. Өрө