Эн онно хайаан да тиий. Николай Босиков
дьиэлэр сандаардылар. Мин Хочоҕо уон икки сыллааҕыта сылдьыбытым. Бу Тамара төрөөбүт алааһа. Киэҥ да киэҥ сир. Бөһүөлэк аннынан харыйа булкаастаах үчүгэйкээн арыы тыа баар. Уус тарбахтаах мындыр киһи сааһын-үйэтин биэрэн чочуйан оҥорбутун санатар кэрэ арыы. «Хочо арыыта дуо!» диэн аатырдар, киэн туттар миэстэлэрэ. Онно урут эмиэ редакция сорудаҕынан тиийэ сылдьыбытым. Саха сирин быллаарын, тыатын быыһын барытын кэрийбит аатырбыт АН-2 самолеттан түһээт, аан маҥнай көрсүбүт киһибиттэн ыйдаран, бөһүөлэк илин уһугун диэки турар, атын дьиэлэртэн туох да уратыта суох, былыргылыы оҥоһуулаах ампаар дьиэҕэ барбытым. Ол Тамара аҕатын Уоһук оҕонньор дьиэтэ. Мин Тамарам манна сайыҥҥы сынньалаҥар кэлэн олороро. Күнүс, кэлиэм эрэ иннинэ, босхо былыт тахсан дохсуннук ардаан ааспыт. Ол иһин уулусса, сир-дойду уунан туола сытар. Түргэн тырытыалар холбоһо-холбоһо иҥнэри сир устун дьурулаһаллара, мин харахпар, доҕотторун муодалаан баран сүүрэн тэбэн иһэр кыракый оҕолор буолан көстөллөр. «Үрдүк халлааны үмүрү харбаан ылан киэҥ киэлибитигэр киллэрдибит ээ» диэххэ айылаах чалбахтар мээнэнэн мэндээриччи көрөллөр.
Тыа диэки көрбүт эргэ дьиэ аһаҕас аанынан киирэн иһэн «син дуо, дьиэлээхтэр дорооболоруҥ» диэбит күүстээх саҥабыттан бэйэм соһуйан, чурус гынан ыллым. Дьиэлээхтэр чахчы соһуйдулар быһыылаах. Мин диэки атыҥыраабыттыы өрө көрөн таһааран баран, дьэ өйдөммүттүү «дорообо» диэтилэр. Кинилэр аһыы олороллор эбит. Тамара соторутааҕыта кутан ааспыт ардахха баттатан, ибили сытыйан, ходуһаттан субу аҕай тахсыбыт. Чааскылаах чэйин айаҕар тиэрдиэхчэ буолан иһэн, соһуччута бэрдиттэн, таалан, сөҕөн олорбохтоото. «Бу эн дуо, чахчы эн дуо?» диэбиттии көрбүт хара харахтара миигин дьиэ ортотугар хам тоһоҕолоон кэбистэ. Ити кэпсээтэххэ төгүрүмтэтин иһин, чыпчылыйыах түгэҥҥэ буолла бадахтаах. Кини ойон туран миигин, дьиэ буора бытарыйыар диэри доргуччу дорооболоһон киирбит, билигин биир тылы сатаан саҥарбат буола охсубут эр бэрдин, дьонун кытта билиһиннэрдэ.
Уоһук оҕонньор – бэрт номоҕон сирэйдээх-харахтаах сааһырбыт киһи. Кини үксү көрбүт-билбит өйдөөх харахтарынан кэпсэтэр киһитин тургутардыы уун-утары көрөр-истэр идэлээх. Өрүү бэйэтиттэн араарбат, саһарымтыйан көстөр тайаҕынан, туохха эмэ мунаардаҕына, туох эрэ суолталааҕы этээри гыннаҕына сири оргууй аҕай суруйбахтаан ылар. Сааһын тухары нэһилиэккэ салайар үлэҕэ үлэлээбит буолан, дьону-сэргэни билэрэ, кинилэр кыра, улахан кыһалҕаларын өйдүү охсоро дьикти. Киирэн тахсыбыт аҕыйах колхозтаахтар тутталларыттан-хапталларыттан көрдөххө, Уоһук оҕонньор улахан авторитеттаах быһыылаах. Тамара – кини кыра кыыһа.
Уһун, унньуктаах кэпсэтиигэ, көргө-нарга сайыҥҥы киэһэ биллибэккэ ааста. Ыаллар утуйдулар. Арай түптэлэр бэйэ-бэйэлэрин көстүбэт илиилэриттэн сиэттиһэн, утуйбут Хочо үрдүнэн салгыҥҥа ыйанан туран, оргууй аҕайдык долгулдьуйан оһуокайдыы сылдьар дьону санаталлар. Хочоҕо хонук хоно кэлбит ол сайыҥҥы үчүгэйкээн түүнү мин олох умнубаппын.
Киэһэ аһылык кэнниттэн Тамара биһиги саҥа түспүт сылаас