Баай барыылаах Байанайдан. Андрей Яковлев

Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев


Скачать книгу
илими эһэн ылаҕын. Итини унньуктааһын дэнэр.

      Сайыммыт сөрүүкүтүйэн күһүнүгэр баран истэҕин ахсын, собо чүөмпэтиттэн тахсан үөрдээн эргийэ устара элбиир. Онон аны тоһуур ньыматынан илими үтүллэр. Ол аата күөллэргэ собо кытыылаан үөрүнэн устара саҕаланнаҕына, илими кытыыттан үөскэ туора үтэн таһааран балыктааһын.

      Ити кэмҥэ мутукча көмнөҕө кытарар. Собо кытарбыт ойуур күлүгүттэн куттанан, күнүһүн уу үөһүн былдьаһар, оттон түүнүн үөрүнэн күөлү кытыылыы эргийэр.

      Собо баччаларга саамай тупсубут кэмэ. Өлө элбиир, миинэ хоргуннанар. Онон күөллэр тоҥуохтара биэс-алта хонук хаалбытын кэннэ үлүмнэһэн содуоктааһын саҕалананар. Ол аата собону илимтэн арааран, тыыннаахтыы иһиккэ хаайааһын. Содуокка собону хатырыгын алдьаппакка, хааннырдыбакка арааран угуллар. Содуокка сап илим эбэтэр сахалыы өрүллүбүт хоппуруон илим табыгастаахтар. Кытай илимэ собону олус муомахтыыр буолан, собо олус бааһыран ырар-дьүдьэйэр, устунан өлөр.

      Күөллэр турдахтарына, муус киһини уйдаҕына, муус аннынан илимнээһин саҕаланар. Итини хомолооһун диибит.

      Илимньит, ити курдук илимнээһин араас албастарын туһанан, сылы эргитэ ууттан балык арааһын таһааран, сандалыгын байытыаххын сөп.

      Сайыы

      Биир дьыл II Күүлэккэ сырыттахпына, анды кэлиитин саҕана кустуур күөлбүт мууһа көтөҕүллэн тахсыбыта. Сааскы тыалтан муус кырылас тыаһа кылыгырыы суугунаабыта. Ити күн олохтоохтор «сайыыны34 булан илимнэ үт» диэтилэр. Андылыахтаах күөлбүтүгэр саас ахсын тахсар сайыыны ыйдылар. Систэн киирэр сыккыс уонна хоруу сааскы муус уутун хамсатар буолан, эрдэ сайыы тахсар диэн быһаардылар.

      Мин илим ылан сайыыны көрдүү бардым. Илиммин үтүөхтээх түөлбэм саппыйатыгар кэлэн көтөҕүллүбүт муус кытыытынан устабын уонна эрдиибин хороччу көтөҕөн, тоҥсуйан сайыыны көрдүүбүн. Эрдиим баһынан тоҥсуйдаҕым аайы мууска сааллан бүтэҥитик лүҥсүйэр. Сайыыны көрдүүр сирим син дириҥ, киһи турарынан. Хобордообут35 муус кытыыта долгун сынньарыттан көөрөттөн кылыгырыы тохтор. Мин төттөрү-таары устабын. Мууска ыкса сыһыннахпына, тыым муус үрдүгэр олорон хаалаары ыксатар. Ол иһин муустан тэйэ соҕус туттан сайыыбын көрдүүбүн да булбаппын. Устунан аккаастанан эрдэхпинэ, эрдиим баһа сымнаҕаска ньимис гына киирэн хаалла. «Сайыыларын буллум быһыылаах» дии санаан, чороох маспын сымнаҕас бадарааннаах сиргэ батары анньаат, тыалга оҕустарбытынан илиммин үтэн кэбистим.

      Сарсыардааҥҥы кус көтүүтүн кэнниттэн, отуубар тахсаары илиммин көрдүм. Кытыы чороохтон өгдөтөн көрбүтүм, илимим ыраас сытар. Собото суох. Хайыамый, илиммин илиибэр хомуйан эспитинэн бардым. Өр-өтөр буолбакка, ол хомуйа турдахпына, илим ортотугар биир уоннаахха тутар бору-боллоҕор собо бөрөөн туппута ууттан мөхсүбүтүнэн таҕыста. Онтон устунан иккилии, онтон үстүү-түөртүү соболору тыыбар таһаарталаан бардым. Чорооҕум таһыгар ылара-биэрэрэ суох гына илиммэр собо сэбирдэх курдук хойуутук аспыт. Ити күн тыым түгэҕин өрөһөлүү


Скачать книгу

<p>34</p>

Сайыы – саас күөл кытыытынан тэстэн, ирэн ойбон курдук дьөллөрүйбүт сир.

<p>35</p>

Хобор (хобур) – сиҥэ уута аллара түһэн көтөҕүллүбүт халтаҥ муус.