Хараҥа сискэ. Урсун
таһыгар көрүтэлээ эрэ. Баар буолуохтаах, – ийэтэ, арыыта тахсан, сүөгэй уутун уолугар чохооҕо кутан биэрбитэ.
Уол, ону иһэн тиҥиргэтэн баран, таһырдьа ойбута.
Сотору хапкаан быата буолуох боробулуоханы булбута. Үс хапкаанын быалаабыта. Ол кэмҥэ иһирдьэ нуучча дьиэтигэр тугу эрэ оонньуу олорбут балта Марыйаана:
– Убаай, ханна бараҕын? Барсыам, – диэбитэ.
Онуоха Костя:
– Кэбис, Марыйаана, мин билигин үрэххэ киирэбин. Куска хапкаан иитиэм. Өр сылдьыам. Бырдахтаах, уута дириҥ. Эн кыайан кэһиэҥ суоҕа… Сарсын көрөрбөр барсаар. Баҕар, бултуйуохпут…
– Чэ, убаай, оччоҕо сарсын хайаан да илдьээр, – Марыйаана ону ылыммыта.
– Илдьиэм, – диэт, Костя, аҕатын бэлэҕэ бүлгү тутар быһаҕын ылан, үрэххэ киирбитэ.
Хаҥалас үрэҕин сүнньэ адьас Хаһаарыма аннынан ааһара. Кус оҕото улаатан от быыһынан ороҕурбута тараанньыктанан көстөр. Нөрүйэн турар окко орҕочуйбут сүрүн суолларын булан, ону талаҕынан быһыттаан, айахтаан, хапкаанын ииттэҕинэ, бултуйуо дуо?
Итинник санаат, уол үрэх кытыытын үөттэриттэн үөл, от күөҕэ субалаах, дьылыгыр, уһун өттө лабаалардаах талаҕы быспыта. Олорун уһуктаан, суон өттүн бадарааҥҥа батары анньыбыта, тобугун аллараа өттүнэн холоон тосту туппута. Ороҕун утарыта атын талаҕы эмиэ итинник оҥорбута. Онто быһытын аана буолбута. Хапкаанын уурарыгар уута балачча дириҥ эбит. Тэйиччиттэн биир эргэ уу испит дулҕатын булан аҕалан, уһуктаах мастарынан хараҕалаан, аанын анныгар көстөр-көстүбэт тимирдибитэ. Хапкаанын иитэн, онно ууран, боробулуохатын аан эҥээригэр уу иһинэн баайбыта. Бэркэ сэрэнэн хапкаанын тылыгар муоҕу быһа тыытан, таппаны табыгыраппыта.
Икки хапкааны эмиэ итиниэхэ майгынныырдык тэйиччи-тэйиччи ииппитэ. Сыгынньах атаҕа, былыык анна муустаах буолан, тоҥо быһыытыйбыта, ыстаанын дуома илийэн ыараан хаалбыта. Үрэх кытылыгар тахсан ыктан көрүө этэ да, бырдаҕа бэрт, ол үөннэр сүгүннүүллэрэ биллибэт. Онон ыктыбакка эрэ ырааһыйаҕа ыстаммыта.
Марыйаана дьиэтин таһыгар турара. Кини хараҕынан барытара эрэ. Кыра сырыттаҕына, оронтон мүччү түһэрбиттэр. Хараҕын олоҕо хамсаабыт үһү. Убайа чугаһаан кэлбитигэр:
– Убаай, хайа бултаатыҥ дуо? – диэн ыйыппыта.
– Акаары, иитэри кытта хайдах иҥниэҕэй? Түүн аһыылларыгар, баҕар, иҥниэхтэрэ, – диэбитэ Костя үс сыл балыс балтытыгар.
Сарсыарда Костя эрдэ турбута. Сэргэх балтыта, уһукта охсоот, таҥнан хачыгырайбыта.
– Убаай, куотума, – Марыйаана көрдөспүтэ.
– Түргэнник хомуна оҕус, киирдибит, – Костя, булчут киһи буоллаҕым буолан, балтытын тиэтэппитэ. Ийэлэрэ ынаҕын ыы барбыт быһыылааҕа.
Ыалдьар эдьиийдэрэ Дааса сыттыгыттан өндөйөн Костялааҕы көрбүтэ:
– Сэрэнэн сылдьыҥ. Дириҥҥэ кииримэҥ, – диэбитэ.
Костя, үрэххэ тиийбэккэ эрэ, балтытыгар бырдахтаннын диэн хахыйаҕы тоһутан дэйбиир оҥорон биэрбитэ.
– Марыйаана! Эн ууга киирбэккин. Кураанах сиргэ хаал. Мин хапкааннарбын көрүөм. Эргэ күрүө сэмнэҕэр олор, бырдахтан. Миигин сотору-сотору ыҥырыма. Кус куттаныа… Чэ, бардым, – диэт, уол