Хотун Куо. Ойуур Уйбаан
олорор дьүөгэтиттэн иэс көрдүүргэ күһэлиннэ. Люция эргинэр-урбанар буолан өрүү харчылааҕын билэр эрээри, хайдах эрэ сатамньыта суоҕуттан кыбыстан, саҥата кыайан тахсыбата. Хата, дьүөгэтэ халтаҥнык таҥна сылдьарын көрөн: «Хайа, ыалдьан хаалаары хайдах баччааҥҥа диэри куурканан сылдьаҕыный?!» – диэн саҥа аллайбытыгар эрэ:
– Дьонум дойдубуттан кыһыҥҥы таҥаспын таксинан ыыппыттарын кимнээх эрэ уоран ылбыттар, баһаалыста, харчыта иэһээ эрэ. Кытай ырыынагыттан сон атыылаһыам этэ. Ый бүтүүтэ хайаан да төлүөҕүм, – диэн кыайан быһаарбакка сылдьыбыт кыһалҕатын этэн, хайдах эрэ санаата чэпчээбиккэ дылы буолла.
– Бай, тоҕо эрдэ көрдөөбөккө кыбыстаҥныы сылдьаҕыный, ээ?! – Люция түргэн үлүгэрдик көмпүүтэр ылаары хаһааммыт харчытын ылан биэрдэ. – Бүгүн же үчүгэй сонно, бэргэһэтэ атыылас! Иэскин ыксаппаппын, кэлин харчыланнаххына төлөөр!
Сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн турбут Күннэй сирэйэ-хараҕа сырдыы түстэ. Сабыс-саҥа тыһыынчалаах солкуобайдары илиитигэр ылан, санаата көнньүөрэн үөрэн мүчүҥнээтэ. Кэм да дьүөгэтэ эрэ абырыыр буоллаҕа дии. Дьиҥэ, саҥа ыал буолан эрэр дьоҥҥо мэһэй-таһай буола сатаабакка көһөн хаалыан, ханна да баран бүгэр сирэ суоҕа атахтыыр. Быйыл убайа куоракка судьуйа буолан үрдээн кэллэ. Бука, прокурор аҕаларын табаарыһа көмөлөстөҕө буолуо. Икки этээстээх дьиэлэрин атыылаан, үс хостоох кыбартыыра атыыласпыттара. Кинилэргэ дьукаах олоруон сөп этэ да, биирдэ эмэ ыалдьыттыы тиийдэҕинэ, саҥаһа обургу «тоҕо кэллиҥ?» диэбиттии тоҥуйдук көрсөрүн сөбүлээбэт. Хата убайа элэккэй муҥутаан үөрэн-көтөн, ханна да олордуон-туруоруон билбэккэ сүпсүгүрэ түһээччи. Дьукаах олордоллоро буоллар, Люция Мишкатынаан сокуоннайдык холбоһон, ыал буолан бу хоско быр-бааччы олоруо эбит.
Эбиитин институкка тулуйан-тэһийэн үлэлиириттэн ааһан эрэрэ санаатын хам баттыыр. Дириэктэрэ «миэстэ суох» диэн ааттаан лабараантан өрө таһаарбакка үлэлэппитэ сылтан ордон эрэр. Онон, учуонай степенэ суох эрээри, кинитээҕэр үрдүк дуоһунастаах Марыыналаах Клара эҕэлээхтик күлүү гынан кыыһырда сатыыллар. Күннэй дириэктэр эбитэ буоллар итинник мөлтөх уонна сааһырыахтарыгар диэри дуоһунастарын тутан олорор мөккүөрдээх үлэһиттэри уураталыах этэ. Кинилэр оннуларыгар саҥа идиэйэлээх, сайдыылаах эдэр каадырдары ылаттаатаҕына институт сэргэхсийиэ эбитэ буолуо. Ону баара, бэйэтэ үлэ көрдөнө сатыыр кыһалҕатыгар хаптарда. Кистии-саба хас да тэрилтэлэри кэрийтэлээн көрдө. Ботуччу хамнастаах, инникитин кэскиллээх, боччумнаах дуоһунаска дураһыйар учуонай кыыс мээнэ үлэҕэ киириэн баҕарбат. Үчүгэй үлэ көстүөр диэри лабарааннаан да эриэ буоллаҕа. Тиийиммэт-түгэммэт кэмигэр устудьуоннарга реферат суруйан, оскуола оҕолоругар репетитордаан да эбии харчы булунуоҕа.
7
Күннэй харчыламмычча күнүс Бэчээт дьиэтин остолобуойугар эбиэттээтэ уонна кытай ырыынагар бараары таҥна турдаҕына ким эрэ күүстээх илиитэ тоҥолоҕуттан тутта: «Көр эрэ, син иккистээн көрсөр күннээх эбиппин, ээ!» – диэн кэтэһэ саныыр дьокутаатын куолаһын истээт,