Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн. Валентина Гаврильева
үгүн бу дьиэ олус да тымныйбыт, остуорас эмээхсин хаһан үлэтигэр тахсар? Даайа хаһан оттуллубут сылаас библиотекаҕа кэлэр буолар, дьэ? Кэлэн бэйэтэ отуннаҕына оттор, суох буоллаҕына – суох.
Муокас да түүл, муокас да түүл. Туй-сиэ, эмиэ түүл туһунан.
О, бу долбуурдар быылларыан! Эмиэ бэйэтэ сууйарыгар, соторугар тиийдэҕэ, остуорас эмээхсин ыалдьыбыта ыраатта. Чэ, сууйан-сууйан баччаҕа кэлбитэ, сууйуоҕа, хаһан ол киниэхэ эбии киһи көрүөхтэрин, айдаарсан да диэн… Кулууп биир муннугар баҕас – муҥур ыраахтааҕы, бэйэтэ-бэйэтигэр – хотун.
Хайа, баччааҥҥа диэри ким да кэлимээри гынна дуу? Кинигэлэрин туттарбатахтара быданнаабыт дьоно баһаам этилэр эбээт, көрүөҕүҥ даҕаны. Маппыров Уйбаан үс кинигэ иэстээх, оо, аҕалбатаҕа ырааппыт дии. Бэйэ, бу ханнык Маппырабый? Аа, били тракторист уол, дьаабал, аахпат эбит буоллаҕа, дьэ бээ, сэрэн…
Чээн, ол оҕолор ньургуһун бөҕөтүн үргээбиттэр. Хата, хатаан кэбиһээт, ньургуһуннуу бардаҕына? Эх, Даайа, Даайа – акаары дьахтар… Акаары? Бээ эрэ, ити тоҕо кинини акаары дьахтар дииллэрий, ээ? Ордук оҕонньоро өрүү этэр, дьиибэтэ дуу?
– Акаарыны саҥарыма… акаары дьахтар баара…
Тугу эппитигэр инньэ диэтэ этэй? Аа, арба, «дьиэбит былаанын уларытыах, ыскаабы сыҕарытыс эрэ» диэбитэ, онуоха кини сити курдук эппитэ. Чэ, син биир уларыппыта ээ, дьиэтин баҕас Даайа, сөп буола-буола, түҥнэри-таҥнары уларытар.
– Эмиэ дьиэтин ыһан кэбиспит… бу ыскаабы тоҕо дьиэ ортотугар туруордуҥ? Киһи кэтиллэ сылдьыыһы буолбат дуо? Били мин кумааҕыларбын ханна гынныҥ? Ыскаап үрдүгэр уурбутум дии…
– Ханнык кумааҕылар?
– Тыый, оттон бухгалтертан ылбыт учуотум, маннык бланкалаах…
– Билбэти-им.
Көрдөөн-көрдөөн, оһох инниттэн булан ылбыта, дьэ уонна эппитэ:
– Акаары дьахтар диэн… Дьахтар өйө аһынааҕар кылгас диэн маны этэллэр ини…
Хайыай, управляющай тойон кумааҕыларын сүтэрэн ыксаатаҕа дии, учуот буола-буола, кинигэ буолбут, иккиһин суруйбаттар үһү дуо?
Эх, Даайа, Даайа, хата, аах, ким да кэлимээри гынна. Бүгүн бибилиотекаҕа быкпат күннэрэ үүммүт быһыылаах. «Дама с собачкой». Антон Павлович Чехов. Курус да кэпсээн. «Дама с собачкой…»
Кини кыыһа, Бэлата (бэйэтэ соруйан итинник ааты биэрбитэ – Лермонтовтан), бу кэмнэргэ, саас, төрөөбүтэ буоллар, баҕар, киниэхэ, Даайаҕа, оҕонньоро ньургуһун тута-тута көрсүһэ кэлбит буолуох этэ. Көрдөһөн да туран, биирдэ эмэтэ аҕалтарыа этэ эбээт! Ону кини балыыһа тумбочкатыгар туруорбут буолуох этэ. Хата, ол кини оҕонньоро этиттэриитэ суох аҕалбатах баҕайыта ини.
– Бу соло суоҕар, ханна ону көрдүү сылдьыллыай…
Кэбис, сүрэ бэрт, көрдөстөр, син аҕалаахтыа этэ эбээт.
Бэйи, эрэ ити Бэла диэн улааттаҕына ким диэн буолара буолла? Кинилэр таах Бэла диэн ааттаабыттара. Аҕата Даайыска диэри гыммыта.
– Эн ааккынан буоллун ээ, уол эбитэ буоллар, мин ааппынан барыа этэ, Федя диэн. Сүөдэр диэн.
Даайа… Пахай даа, Даайа буола-буола. Бэйэтэ да Даайа буолта сөп, кыыһа эмиэ Даайа буоллаҕай?!
– Эбэтэр Бэла, эбэтэр адьас да аата суох сыттын, – диэн буолта.
– Ээ, чэ, ким да диэ, баҕар, адьас да ыт-кус аатын биэр…
– Бэла диэн ыт-кус аата буолбатах, кыыс аата. Лермонтовтан.
– Хантан да-а?
– Лер-мон-тов-тан!
Кыыһа ити курдук Бэла диэн ааттаммыта. Оттон Даайаҕа бэйэтигэр ийэтэ адьаһын даҕаны уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка эппит үһү:
– Эбэтэ Даайа диэн этэ. Эбэтин аатын биэриэҕиҥ. Тыыннааҕа буоллар үөрээхтиэ этэ.
Бүттэҕэ ол! Ити кыһын эбитэ үһү. Саас да төрөөбүт буолбат ээ, оччоҕуна, баҕар, киниэхэ Даайаҕа… Ээ, суох, кини ийэтигэр аҕата ньургуһун бэлэхтээбит буолуох этэ. Даайа төрөөбүт күнэ саас эбитэ буоллар…
Ону баара кини төрөөбүт күнэ…
– Кэпсээниҥ? Үөрэхтээх, хамыһаар хотун, тойон ойоҕо, тугу кэпсии-ипсии олороҕун? Биһигинньиктэри долуо-уой да билбэт буоллуҥ дуу? Билиэххин даҕаны баҕарбаккын быһыылаах, сырдата түһэ, иитэ-үөрэтэ, хотоммутун өҥөйбөтөҕүҥ үс үйэ буолла. Эчикийэ, эн бэйэлээҕи, оҕонньоруҥ хотону өҥөйүмэ диэн буойар дуу?
Үгэргээн-хоһурҕаан, дьэ кыыс оҕо – Кыыс Кыскыйдаан диэтэҕиҥ! Ити да буоллар, кини Даайа баар-суох дьүөгэтэ эбээт. Матаһыйар Маайа диэн аата. Матайан-хотойон кыыс оҕо, эмиэ да туох эрэ үчүгэйдээх ээ, хайдах эрэ сахалыы үчүгэй, баттаҕа намылдьыйан уһуна-эҥинэ…
– Мин кэпсиирбин истэр да бокуойа суох, бэйэҥ кутан-симэн түһэҥҥин. Солуҥҥун батарбакка кэллиҥ дуо?
– Тыый, ама, саҥарымнабын. Саҥаран баран төннөөр диэбит киһилэрэ мин буоллаҕым дии. Кинигэҕин аҕалбатым, ааҕа сытар бокуой суох, ынахтарым төрүүллэр, түүн да аанньа утуйбакка сылдьабыт. Настаа биир ынаҕа тамыйахтаан кэбистэ ээ…
– Маайаа, эн баттаххын көрдөрбүн эрэ, уһун баттахтаныахпын баҕаран кэлэбин.
– Тоҕо сэлэммиккиний, кэһэй…
– Суунарга эрэйэ бэрт этэ.
– Сүрэҕэ