Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн. Валентина Гаврильева
сатана кыыһа, тыла диэн… Чэ-чэ, бардыбыт, хаадьылаһа туруоҥ дуо?! Мотуорбут таах үлэлии турар!
Бээ, кинигэлэри манан чөмөхтүөххэ, хаһыаттары, брошюралары – остуолга, оттон сурунааллары – манан. Били таһыгар ойуулаах сурунаал ханнаный? Бу сытар. Бу!
Ол эмиэ – оруобуна маннык этэ. Оҕолор сырсан иһэллэр, уоллаах кыыс. Түргэнник, наһаа түргэнник сырсан иһэр курдуктар, ол иһин дуу, эбэтэр туохтан эрэ атынтан дуу, кинилэри кытары сир эмиэ эргийэр курдук. Сир эргийэр, күн эргийэр, дьиэлэр эргийэллэр, мастар эмиэ, туох баар барыта холорук сөрөөбүтүнүү эргийэргэ дылы.
…Кинини кытары паартаҕа биир уол олорор, уол тоҕо эрэ задачаны өрүү киниттэн устар. Бэйэтэ сатаабат дуу, сүрэҕэлдьиир дуу, өрүү Даайаттан устар. Даайа үөрүүнэн уһултарар, тэтэрээтин соруйан уол диэки сыҕарытан биэрэр. Уол устар уонна, этимэ диэн, хараҕынан имнэнэр. Даайа төбөтүн кэҕиҥнэтэр уонна эмиэ хараҕынан имнэнэр. Переменаҕа кинилэр таһырдьа тахсан сырсаллар. Даайа санаатыгар наһаа түргэнник сүүрэр курдуктар, төттөрү-таары сүүрэллэр. Түргэнник, түргэнник, өссө түргэнник, өссө, өссө… Туох барыта, холорук сөрөөбүтүнүү, эргичийэ олорорго дылы, дьиэлэр эргийэллэр, мастар сырсаллар, сир, күн эмиэ эргийэр курдуктар… Онтон кинилэр соруйан, кэлэн кэтиллэ түһэллэр, охтоот, күлсэ-күлсэ сиргэ олороллор.
Даайа оҕолору барыларын тохтото-тохтото ол үчүгэйин туһунан дуу, муокаһын туһунан дуу кэпсиэн баҕарар да, ол үчүгэйин дуу, муокаһын дуу кини бэйэтэ да билбэт. Кинилэр утарыта көрсөн олорон күлэллэр эрэ, күл да күл буолаллар. Онтон Даайа оҕолорго кэпсии сүүрэр. Кини ол ураты үчүгэйи, муокаһы сатаан кэпсээбэт быһыылаах, ким да кинини истиэн баҕарбат.
– Наһаа да үчүгэй, – эрэ диир кини. – Наһаа үчүгэй. Сир эмиэ эргийдэ, күн эмиэ…
Ити тыллары ким да өйдөөбөт, ол иһин Даайа кэпсээнин истиэхтэрин баҕарбаттар. Ким да сэҥээрбэт, бары туспа кыһалҕалаахтар, бары атыны кэпсэтэллэр, кинини ким да истибэт…
– Халлаан эмиэ күлэр… – диэн ботугуруур кини. Оннооҕор ити даҕаны кими да долгуппута көстүбэт, ол иһин кини өссө төгүл этэр:
– Муокас дуо? Ээ?
Киниэхэ ким да хардарбат. Дьикти, муокас, үчүгэй күннэр кимиэхэ да дьикти муокас буолбатах быһыылаахтара.
Хас да хонук ааспыта, арай биир күн Даайа өйдөөн көрбүтэ – ол уола тарбаҕынан муннун хаста олорор эбит. Даайа ол онтон соһуйан дуу, кэлэйэн дуу хараҕын муҥунан көрбүтүн субу баардыы өйдүүр. Соһуйбута эбитэ дуу, кэлэйбитэ эбитэ дуу – ол биллибэт, кини маҥнай түҥнэри хайыспыта, онтон эмиэ да эргиллибитэ, онтон эмиэ түҥнэри хайыһа охсубута. «Эрэйдээх… арааһа, платога суох буолуо», – дии санаат, кини тоҕо эрэ чэпчээбиттии өрө тыынан ылбыта уонна… уолга бэйэтин платогун ууммута. Ууммут илиитэ эмискэ аһый гына түспүтүгэр, кини эргиллибитэ – уол синньигэс эрэһиинэни тутан олороро.
– Кэһэйдиҥ дуо?! – диэбитэ кини, күлэ-күлэ. – Тэрээпкэҕин киэр гын, пах-хыый… Тэтэрээккин эмиэ мин аттыбыттан киэр гын! Ылыаҥ суоҕа да – өссө кэһэтиэм, маннык… Кэһэй-кэһэй! Эһиэ, кэһэйдиҥ дуо?!
Даайа соһуйан хаалан тугу да гыныан булбакка олордоҕуна,