Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн. Валентина Гаврильева

Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн - Валентина Гаврильева


Скачать книгу
управляющайга тиийэ бэйэм этиэм. Настаа, эн, эдэр киһи, иһит, өйдөө – мин сааһым тухары хара илиибинэн үлэлээн айахпын ииттибит киһибин, көнөтүнэн сылдьыахха наада. Туохха барытыгар чиэһинэй эрэ буоллаххына, дьон хараҕын сааппакка утары көрүөҥ. Ону өйдөө!

      – Кини өйдүө, сүүстэ өйдүө…

      – Маайа да тылгын кыатан.

      – Ыы-ыы… ыы… бырастыы гыныҥ, алҕас… ыы-ыы… Даайаа, этээйэҕин, көрдөһөбүн, ыы-ыы… оҕонньоргор этээйэҕин…

      – Суох-суох! Тоҕо этиэмий?

      – Ытаа-ытаа, ытыыр арыт эмп буолар! Даайа этиэ суоҕа, куттаныма! Онтон эрэ куттанар… Барыах, Даайаа, долбуургун саайсыам.

      – Чэ!

      Настаа сүрдээх кыыс эбит буолбаат?! Хайдах ол кини санаатыгар батаран…

      – Хайыа, көрбөккүөн?!

      – Уой, хайыта баран түһэҥҥин, киһини соһуттуҥ!

      – Көрбөккүөн? Ол-ол! Түннүккүн көр! һа-ай! Һай-һай! Сиэн бүтэрбит буолбат дуо? һа-ай! һай- һай! Түннүгү аһаҕас быраҕан кэбиспиккин дии…

      – Хайыа… һай-һай!

      – Туох айылаах минньигэс сибэккитин аҕалан ууран биэркиний? Саадьаҕай борооску сиэн бүтэрбит… һай? Киэр буол, бар! һай-һай!

      – Уой, дьиикэй… сиэн бүтэрбит.

      – Кэһэй, тоҕо түннүгү аһаҕас бырахпыккыный?!

      – Салгылаатын диэммин.

      – «Салгылатар» ээ… Биһи хотоммутун салгылатан сытын суох гыныаҥ суоҕа. Сордоох борооску эбит дии, төбөтүн уган туран, сиэн мээтиргэтэн кэбиспит.

      – Хаарыан сибэкким! Сатана борооскута…

      – Ох, Даайа-Даайа… Ох-хо-хо! Ах-ха-ха! Һа-һа-һа! Сибэккигиттэн силиһэ да хаалбатах. Аа-һа-һа!

      – Күлүөх сириҥ баппатаҕын… Хаарыан сибэкким!

      – Ой-ой! Ха-ха! Ой-ой…

      – Хайа, Маайаа, туох айылаахтан быара суох бардыҥ?

      – Татыйаас, көр эрэ. Ох-хо-хо! Ах-ха-ха! Сибэкки… сибэккини… Даайа сибэккитин саадьаҕай борооску сиэн кэбиспит.

      – Сиэн кэбиспит даа? Оо! һы-һы… һа-һа… Сиэмнэ! һы-һы-һы-һа-а… Суох, баҕар, сиэтээри соруйан аҕалан биэртэ буолуо, ээ? Даайаа, оннук дуо?

      – Хаарыан сибэкким…

      – Ха-Ха-ха!.. Сибэккилэнэн бүттэхпит, ха-ха-ха!

      – Һы… һы-һа-һа…

      Акаары дьахтар иккис таптала

      Киниэхэ иккис таптала эмиэ эмискэ кэлбитэ, эмиэ сол курдук эмискэ суох буолан хаалбыт эбит. Ол маннык этэ:

      – Егоров, көнөтүк олор! Эргичиҥнээмэ, – диир учуутал.

      Уол учууталын диэки эргийэр, ол эрээри сонно тута кэннин хайыһа охсор уонна салҕыы этэн барар:

      – К. К. К. Ол аата тугуй?

      – Капитан Кассий Колхаун. Сөп дуо?

      – Эн хайдах барытын билэҕин?

      – Билимнэ. Чэ, аны эн таай. К тире Т, кавычкалаах, тугуй?

      – «Кон-Тики». Сөп дуо?

      – Эн ону билэҕин?! Ой-ой…

      – Егоров! Көнөтүк олор.

      Даайа уруучукатынан уол көхсүн анньыалыыр, уол эмиэ эргиллэр:

      – Аны – эн! Бу сырыыга адьас таайыаҥ суоҕа!

      – Көрүллүө! Чэ, эт.

      – Дьиикэй аттар.

      – Пржевальскай аттара.

      – Аһа-а! Суох,


Скачать книгу