Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн. Валентина Гаврильева
кууллар. Ээ, уоҕурдуулара эбит. Ханнык уоҕурдуунуй бу? Азоттара дуу, калийдара дуу? Уоҕурдаары аҕалан бырахтахтара, эбэтэр кутан бүппүттэрэ дуу? Уоҕурдуу кутулла сытара эмиэ да көстүбэккэ дылы. Кута иликтэр быһыылаах. Быыс буолбакка сырыттахтара дии, хата, көмөлөһүөххэ дуу? Ол тимир күрдьэх сытар эбит. Тимир күрдьэҕинэн баһа-баһа, маны баҕас Даайа начаас элээрдэр ини. Көрүөх бэтэрээ өттүнэн бүтэриэ. Даайа уоҕурдууну баҕас тоҕо харыстаатаҕай, кута түһэн биэриэҕэ…
Сиэн-аһаан, үүнэр буоллахтарына үүнэ оҕустуннар ээ, буо-уот, чэ, сөп да буолар ини, томточчу кута түһэн биэрдэҕинэ сөп буолуо. Итийдэр эрэ, хамсыы-хамсыы тахсыахтара.
Сүөдэр көрөн соһуйара буолуо – туох буолан аллааҕымсыйдаҕай диэҕэ. Бээ, Даайа өссө даҕаны ону-маны сатыырын көрдөрүөҕэ! Кини даҕаны үлэлиири баҕас сатыыр ини, доҕоор. Уонна баран, Даайа тугу да сатаабат, тугу да билбэт диэҥ, дьэ! Биир дьахтар билэрин-сатыырын билэр даҕаны, сатыыр даҕаны оҕо буолуо ээ…
Һэ, Сүөдэр сүүрэн аҕай иһэр. Туох буолбут буоллаҕай? Туохха итиччэ үлүгэр ыксаатаҕай, ээ?
– Туох буолан мэҥийэн кэллиҥ?
– Туй-сиэ, сэрэйбитим курдук…
– Туох даа?
– Һы… өссө «туох даа» диир! Биир кирээдэни олоччу буорту гына охсубут. Ыл, төттөрү кута оҕус!
– Тоҕо?
– Оннук! Күрдьэхтэнимэ, олоччу түөрэ баһыаҥ буоллаҕа дии, илиигинэн тарый. Көр, маннык.
– Тоҕо-о?
– Кэнники быһаарыам. Түргэнник, түргэнник! Бу, хайыы-сахха өлөртөөбүккүн, дьэ, бэйэҕэр хат олорторуом.
– Оттон… үүннүн диэн.
– Саҥа олордуллубукка тугун эмиэ уоҕурдуутай?
– Оттон… тоҕо манна аҕалан бырахтарбыккытый?
– Сыыһа сүөкээбиттэр. Атын сиргэ илдьиэхтээх этилэр. Үксүн саҥаттан олордууһубут, көр эрэ, бу!
– Оо, кырдьык даҕаны…
– Ох, Даайа-Даайа…
Ситэ саҥарбата, иһигэр «акаарыгын даҕаны» диэтэ быһыылаах уонна хайдах эрэ көрдө. Хомойбут курдук. Суох, кэлэйбит курдук уонна өссө үөһэ тыынан кэбистэ. «Ох, Даайа-Даайа, акаарыгын даҕаны…» Хомойор уонна кэлэйэр…
Үүт-үкчү ол онно, ол күн, курдук көрдө. Даайа ол күнү тоҕо өйдөөн кэллэ, тоҕо өйдөөн кэллэ ол ону?
Ол – холорук сөрөөбүт аҕыйах хонуга – туох этэй: эмиэ таптал дуо?
…Даайа биирдэ, ханнык эрэ бырааһынньык күн, биир уолу кытары билсибитэ уонна ол күнтэн ылата Тимирязевка аллеяларыгар көстүбэт буолбута, оттон Сүөдэр кинилэргэ кэллэҕинэ, саһан хаалара. Ол да буоллар, Сүөдэр кинини биир күн кэтэһэн-кэтэһэн, суолун күөйэ туран кэбиспитэ уонна ыйыппыта:
– Бу эн туох буоллуҥ, Даайа?
– Туох да буола иликпин. Ыыт. Бардым. Тоҕо өрүү эккирэтэ сылдьаҕыҥ? Надоело…
– Кимий – ол?..
– Онно эн тугуҥ кыһалҕатай? Миигин рестораҥҥа ыҥырдылар. Саҥа Арбатка. Эн хаһан да ыҥырбаккын.
– Аччыккын дуо, ол эн?
– Дьыала онуоха буолбатах…
– Кимий ол, көрдөөх атыыһыт?
– Атыыһыт буолбатах, художник. Аны манна кэлимэ даҕаны, ыйытыма даҕаны. Бүттэ. Ыыт, мин ыксаан иһэбин.
Конец