Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн. Валентина Гаврильева
этэллэрэ кырдьык эбит этэ, Даайа ону илэ хараҕынан көрөн эрэ баран, дьэ итэҕэйбитэ. Кини билэр Егорова «Б»-лар Муочаларын дьиэтигэр диэри атаарара.
Хайдах? Тоҕо? Ол аата кини дьикти дии санаабыта барыта ол Егоровка дьиктитэ суох эбит буоллаҕа, ол аата кини үөрбүт, соһуйбут кэмигэр ол Егоров адьас да үөрбэтэх эбит буоллаҕа. Хайдах? Тоҕо? Тоҕо Даайа үөрбүтэй, соһуйбутай, оттон Егоров – суох? Тоҕо? Ол аата Даайа алҕас үөрбүт, алҕас соһуйбут эбит буоллаҕа.
Итинник санаабытыҥ дуо, Даайаа, эн ол күннэргэ? Итинник, эбэтэр итинник соҕус ини.
– Чэ, уруккубут курдук таайса оонньуубут дуо? – диэбитэ Егоров биирдэ.
– Суох.
– Тоҕо?
Тоҕо? Даайа тоҕотун бэйэтэ да билбэт этэ.
– Бэйэм, – диэбитэ кини.
– Акаары кыыс! Ол аата кыайтардаҕыҥ дии, ээ?..
– Хайа, Даайаа, туохтан күлэҕин?
– Ээ, таах, мээнэ. Биири өйдөөн…
– Өйдөөн-санаан биэрэҕин ээ! Бай, эн маннык перчатканы ыла охсубут эбиккин дуу? Кыыс оҕо ээ! Көрдөххө эрэ сыылба курдуккун да, иһиҥ буораахтаах ээ, быһыыта, син онно-манна тиксибит буолаҕын дии.
– Аа, ылан. Чэ, маны саайдыбыт да, бүтэбит. Дьиэлиэхпит. Үчүгэй буолла дуо?
– Ааттаах. Хотон муннуга буолбатах, бэйэтэ туох… ити туох хаппыт дииллэр, оҕолоор? Ээ, салон! Бэйэтэ салон буолла.
– Дуо?
– Оннук.
– Маайа, миэхэ баран чэйдэспэккин дуо?
– Астан аккаастанар – аньыы.
– Чэ, оччоҕуна, барыах.
Бээ, тэйиччиттэн көрдөххө хайдах эбитий? Кырдьык, үчүгэй эбит. Ыһан кэбиспэтэхтэринэ, үчүгэй буолсу. Олорон баллыгыраһа, ыыстаһа түһэр сирдэрэ буолуо этэ дии, бүгүҥҥү курдук, һы… Туох үлүгэрэй, күн аайы бүгүҥҥү курдук этиспэттэр ини. Бүгүн баҕас Маайа Настааны улаханнык хотто быһыылаах. Сөп, тута дьарыйбатахха, итинник дьон наһаалааччылар. Настаа уонна Арамаан тустарынан Маайа эбэн-сабан, омуннаан кэпсээбитэ буолуо ээ, эбэтэр адьас сымыйанан эппитэ дуу? Сымыйа буолуо. Ыйытыахха. Чэ, бээ кэлин.
– Эн бүгүн Настааны улаханнык хоттуҥ быһыылаах.
– Хотумуна! Мин бу да буолларбын кырдьыгы таптыыбын. Эн Толстойгун, Чеховкын билбэтим буолуо, ол эрээри ону баҕас араарабын.
– Ытаата дии сордоох…
– Ытаатын! Ытаабат, ытыыра буоллар… Сымыйа!
– Крокодиловы слезы дуо?
– Ол аата тугуй?
– Нууччалыы инньэ диэччилэр.
– Эһиэ-э.
– Хайдаҕын да иһин…
– Туох «хайдаҕын да иһин»?
– Хайдаҕын да иһин кини Арамааны таптыыра буолуо ээ. Эрэйдээх…
– Һы, эрэйдээх ааттаах… Уһуннук эрэйдэммэтэх оҕо буолуо, куттаныма… Ох, Даайа-Даайа, эн олоҕу билбэккин. Эн, арааһа, хаһан даҕаны таптал диэни билбэтэх хотууска буолуоҥ ээ.
– Мин дуо?!
– Эн!
– Буолуо, баҕар… Баҕар, оннук буолуо, билбэтим.
– Ити дии – бэйэҥ да билбэккин.
– Бэйэм да билбэппин…
– Эн олоҕу билбэккин.
– Буолуо, баҕар…
Олоҕу билбэт үһү… Бэйи эрэ,