Таас Хайа. Бастакы версия. Эрнест Яхонт
солкуобайы хостоон истэҕинэ
– Э суох, бротишка. Бэйэҕэр хааллар, бачча кэлбит ыалдьыты, аны хармаанын ырааһыраммын ол иэдээнэ – Уйгун остуолугар килиэп уурда, холодильнигын аанын аһан баран продукталарын сааһылыы турда.
Ньургуйаана куораттан кэлбит уол хараҕын одулуу көрдө, Мич төһө даҕаны кыбыһыннар, эр киһи буоларын быһыытынан, бэйэтин утары көрөн кэбистэ – бу да кыыс кэрэтин – диэтэ санаатыгар.
– Чэ аһыаххайыҥ, килиэби кырбаа эрэ Ньургу – Ньургуйаана түргэн-түргэнник килиэби кырбаат да убайыгар кофе кутта уонна ыалдьыт сонунун истэ таарыйа аттыларыгар олордо.
– Кэпсээ эрэ, какие новости? – Уйгун Мичил диэки килэччи көрөн кэбистэ.
– Ээ суох, үчүгэйдик айаннаан кэлбитим, дьоммор Миитэрэйдээххэ тохтообутум.
– Үөрэҕин төһө үчүгэйдик түмүктэннэ?
– Этэҥҥэ – Мичил уол, Ньургуйаана моонньугар хараҕын бырахта.
Оннук гынан үһүөн көрсүбүччэ, ахтыспычча атах тэпсэн олороннор кэпсэтэ олордохторуна, эһээлэрэ Чегенов Василий Тимофеевич киирэн кэллэ. Эһээлэрин көрсөн чэй кутан биэрдилэр, Тимофеевич оҕонньор Мичили көрөн үөрдэ, ким хайдах, төһө бэрткэ олорорун ыйыталаста, ол эрэн Мичил быйыл сайын художниктар лааҕырдарыгар сылдьыан баҕарбытын оҕонньор соччо сөбүлээбэтэҕэ.
– Ити Таастаах хайа диэн куттал-суһал дойдута.
– Дьээдьэм Миитэрэй эмиэ ити сири тоҕо эрэ сөбүлээбэтэҕэ.
– Сөпкө этэр, ити сиргэ чучунаа баар дииллэр.
– Чучунаа? – Мичил айаҕын ата биэрдэ
– Чэ иһит…
1922-с сыл, күһүҥҥү Балаҕан ыйа
Толбоҥҥо үрүҥнэр этэрээттэрэ кыһылларга кыайтаран, биэһэнчэкэ киһиттэн уонча киһи тыыннаах хаалар, ол хаалбыт дьоннор аҥар гына хайдыһаннар, араас-араас сиринэн куоталлар. Биир уоллара Степанов Болат Александрович, оччолорго эдэр сүүрбэ үстээх эрээри, биир дьыл хорсун быһыытын иһин, хамандыыра Георгиевскай кириэскэ наҕараадаҕа түһэрбитэ. Болат бэйэтэ кыра уҥуохтаах, саха боростуой киһитэ, төрөппүттэрэ орто кыахтаах дьон эбиттэрэ үһү. Арай ол куотан истэҕинэ Таастаах хайа диэки халыйбыт, бэйэтин кытта маллаах, астаах-үөллээх, иккис флягатыгар водкалаах, биэстэ эстэр Мосинка винтовкалаах уонна бэстилиэтин сиэбигэр Нагааннаах эбит. Тоҕо эбитэ буоллар, кыһыллар Толбонтон хоту диэки кими да эккирэтиһэ барбатахтар (баҕар тугу эрэ билэллэрэ эбит буолуо, туох эрэ эбэтэр ким эрэ баарын). Болат эдэр-сэнэх киһи, түргэн хаамыылаах эр бэрдэ хайа хаспаҕын (пещера) булан, онно уот уматынан, күөһүн тардынан, аһаан сиэн баран күн киирбитин кэннэ утуйаары сыттаҕына, арай хаспаҕын аттыгар туох эрэ улахан баҕайы тыас тыаһаабыт. Дьэ бу кэлэн нууктаан истэҕинэ эмискэ уһукта биэрбит – кыһыл бандьыыттар син-биир миигин эккирэтэн кэлбиттэр эбит, ол да буоллар, сирэҕэстэр – диэн ботугураан ылла. Аа-дьуо хардыылаан хаспаҕыттан тахсан таһырдьаны одуулаабытыгар, ким да баар сибикитэ биллибэтэҕэ. Күһүн төһө да киэһээҥҥи халлаан да буоллар, син мээнэ сырдык соҕуһа этэ. Арай хойуу тыа быыһыттан, үс миэтирэлээх улахан да улахан киһи диэххэ киһи буолбатах, кыылга да майгыннаабат