Ол түгэн уораана…. Арчылан
сурунаалга суруттарда ээ, быһыыта.
Алаастыырап түөһүн киэн туттуу тиирэ тэбиэхчэ буолбутун сабыта баттаат, сүөгэй үрүҥнээх итии чэйи сыпсырыйан ылла уонна утары быыска ыйанан турар хаартыскалаах арааманы тонолуппакка одуулаата.
Араама ортотуттан сырдык сэбэрэлээх, иҥнэри кэппит пилоткатын ойоҕоһуттан баттаҕа будьуруйбут саллаат кинини эмиэ көрөн олорор эбит. Киэҥ эрилкэй харахтарыгар туох эрэ түгэҕэ биллибэт санньыар саспыт курдук.
– Ити мин Ньукуум… – Даайа ах баран олорболуу түстэ, онтон санныгар саба быраҕына сылдьар былаатын муннугунан эр-биир харахтарын сотунна. – Биһиги бииргэ улааппыппыт. Бука, Миитэрэй кэпсээтэҕэ буолуо. Оскуолаҕа олус үчүгэйдик үөрэммитэ, олус сайаҕас этэ. Ол эрээри Миитэрэй курдук үөрэнэ барбатаҕа. Ийэтэ ыарытыйара, сэрии саҕаланыа аҕыйах сыл иннинэ эмискэ баҕайы мэнэрик буолан хаалбыта. Ол, арааһа, убайын Дьөгүөр Хотооробу «норуот өстөөҕө» диэн хаайбыттарыттан сэдиптээҕэ эбитэ дуу, – Даайа Алаастыырабы тургутардыы көрөн ылла уонна туохтан эрэ өрүһүспүттүү быһаара оҕуста. – Хотоороп аата билигин ыраастаммыта ээ.
Даайа остуолтан туран, хоһугар киирдэ. Онтон бэрт кичэллээхтик чэй көмүһүгэр сууламмыт кинигэни аҕалла.
– Ньукуу таайын эмиэ олус сөбүлүүрэ. Бу Ойуунускай кинигэтин бэлэхтээбитин, оннооҕор Ойуунускай эмиэ «норуот өстөөҕө» аатырбыт кэмигэр, хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыта. Ону миигиттэн ураты ким да билбэт буолуохтаах, бэл диэтэр, Миитэрэй кытта. Оттон аҕалара Ньукуу кыратыгар Тайҕаҕа көмүскэ сылдьан, дэҥҥэ түбэһэн суох буолбута үһү. Арай биир букатын билбэт киһилэрэ – бадаҕа, куорат диэкиттэн сылдьар – балайда үбү-харчыны аҕаларын ирээтэ диэн аҕалан биэрбитин хотунум букатын бүтэһик күнүгэр диэри улаханнык уйадыйан-махтанан туран ахтара…
Алаастыырап бүтүннүү кулгаах буолан олордор да, кинигэни сэрэнэн суутуттан арааран, эргим-ургум тутта.
Кылаана да кыларыйан көрбөтөх. Олох сабыс-саҥа сылдьар. Ханна да харахтыы илик кинигэтэ эбит. «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо. Үс оонньуулаах олоҥхо (норуот олоҥхотуттан)» диэн. 1930 сыллаахха Дьокуускайга үс тыһыынча ахсаанынан тахсыбыт. Кинигэ маҥнайгы сирэйигэр күөх чэрэниилэнэн, бытархай буолан баран, кып-кырылас буочарынан латынныы алфавитынан суруйбуттар: «Bu kinige sin biir bert kinige buolar. Surujdum Mandaarap Njukuus. 1938 syl.»
Алаастыырап тыастаах баҕайытык өрө тыынан ылла уонна хайыы үйэ түгэҕэ оҥойбут чааскытыттан чэй испитэ буолла. Ол албаһа Даайа хараҕын халты ааспата. Кэпсээбитин кубулуппакка олорон, тэскэйбит алтан сылабаартан чэй кута охсон биэрдэ.
– Ньукуум тоҕус оҕолонуохпут диэн ыраланаахтыыра. Дьиҥэр, букатын эдэр киһи итинник санаалааҕа, билигин кэлэн толкуйдаатахха, бэрт дьикти дии. Мандаараптар да, Хотоороптор да удьуордарын салҕааччы быһыытынан өйдөөхтүүрэ дуу, бэйэтин… Ону барытын кырыыстаах сэрии туора соттоҕо… – Даайа эмиэ хараҕын соттон ылла. – Сэрии! Сэрии хааннаах баппаҕайынан биһиги түбэни ыараханнык тайаммыта. Турбут-олорбут уолаттарбыт барахсаттар сэриигэ