Ол түгэн уораана…. Арчылан
дойдутугар эргиллэн баран, партийнай-советскай линиянан үлэлии барбатах биир сүрүн биричиинэтэ ити буолара дуу? Бастаан утаа обкомтан кытта кыачаҥалата сылдьыбыт сурахтаахтар, оройуоҥҥа үһүс сэкирэтээринэн анаарылар. Муос-таас курдук аккаастаан кэбиспитэ дииллэр.
Сири-буору аннынан иһиттэххэ, обком эппиэттээх үлэһитин улаханнык өһүргэппит үһү. Ол – кырдьык Хойутаанап буочара. Итини Соппуруон урут даҕаны итэҕэйэ истэрэ, оттон бэҕэһээҥҥи кэпсэтии кэнниттэн өссө бигэтик өйдөөтө. Быһаччы бэйэтиттэн ыйыппатар даҕаны.
Миитэрэйиҥ өһүргэс соҕус ээ. Төһө да арыт ардыгар устудьуоннааҕы үгэстэринэн бары-баллаччы хаадьыласталлар, сорох түгэҥҥэ биир тылтан сылтаан харыйаны таҥнары соспут курдук буолааччы. Оччоҕо эн кини иннин көстөн турар төрүөтүнэн да ылбаккын. Бэйэтэ этэригэр дылы «өһөс да чирэс, саллаат өрүү чиккэс!» Кытаанах киһи! Ол да иһин, кэргэнэ этэринии, «коллегалара уоппускаларын кэмигэр Крымынан, Кавкаһынан сылдьар кэмнэригэр үрэх баһыгар дьуоҕура сыттаҕа». Өссө оттообутун иһин кэлтэгэй да кэппиэйкэни аахсыбат-ылбат үһү ээ. Оннук хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах буолуо дуо?..
Бэҕэһээ Миитэрэй кэпсээн бүтэн баран, хас да испиискэ маһын тостурута охсон уматтыбыт бөппүрүөскэтин тардан, суптугар уоһа ибигирии олордоҕуна, Соппуруон тоҕо эрэ Балыксыт Былатыаны санаан кэлбитэ. Өссө хайдах эрэ Николай Неустроев кини көрөн олорор лүҥкүрбүт халлаанын уонна тимир курдугунан тыбыс-тымныытык мэндээрийэр күөлүн ойуулаабыт диэх курдук санаан аһарбыта. Балыксыт Былатыан тоҕо дьон-сэргэ ортотуттан дьалты барбыта буолуой?! Оттон Миитэрэй тоҕо сайын аайы соҕотоҕун оттуу тахсар? Манна туох эрэ ситим-сибээс, хоһулаһыы баар дуо?..
Наака, бу түбэлтэҕэ да олоҕуран, үчүгэй айымньы суруллуон сөп быһыылаах.
Даайаны кытта булгу кэпсэттэххэ сатанар. Хата, мааҕын сарсыарда сэбиэт дьиэтигэр сылдьан болдьоһо охсубута ээ. Ыксаатаҕына сатанар, командировката сотору бүтүөхтээх. Машата хайдах эрэ олорор?.. Куораттыыр сахха дьэдьэн булбут киһи. Кыттыгыйкаан кыыттаана, сибиэһэй сүөгэйгэ булкуйан биэрдэххэ, төһө эрэ минньигэһиргэтэ-минньигэһиргэтэ сиэн ньымаардар…
Алаастыырап, итинник саныы-саныы, дэриэбинэ илин өттүгэр баран истэ.
Аҕыйах сыл анараа тыа дэриэбинэлэригэр мэндиэмэннээх дьиэ тутуллуо диэн санааҕа да суоҕа эбитэ буолуо. Ол бэйэтэ ити дьиэ дьэндэйэн тахсыбыта үчүгэйиэн. Бу эҥээргэ бастакы хараҥаччы буоллаҕа буолуо. Бу оройуон дьоно-салалтата мэлдьи да олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырга дьулуһаллар. Сотору кэминэн манан асфальт бүрүөһүннээх уулусса тыргыллыа, онон массыыналар сырылыы сырсыахтара. Букатын куорат курдук буолуо. Оччоҕо ити түптэ тула мустубут ынахтар барахсаттар ханна барыах муҥнарай?..
Санаатыгар киирэн испит буолан, иннигэр атыыр оҕус айаатаан лоҥкунаппытыгар соһуйан өрө чинэрийэ түстэ. Эбиитин буруолуу сылдьар «лэппиэскэттэн» халтырыйан, букатын да тиэрэ таһыллан иһэн (хаарыан көстүүмэ!) арыычча өрүһүннэ.
Лаҥкыр муостаах сүүнэ улахан уу долгунун курдук күөх чуоҕур оҕус, онно эрэ кыһаллыбакка, буугунуу-буугунуу,